Туймаада килбэйэр киинигэр – минньигэс блины, көхтөөх ырыа
16.03.2024, 19:29
Хаартыска: Людмила Попова.
Бөлөххө киир:
Бүгүн Дьокуускай куорат киин уулуссатынан – Ленин проспегынан ааһан иһэн, академик Ларионов искибиэригэр Масленицанан сибээстээн блинынан, кэмпиэтинэн күндүлүүр эдэр дьоҥҥо кэтиллэ түстүм.
Уу сахалыы кутуллар ырыаны хайдах даҕаны ааһа барар кыаллыбат, ыраахтан угуйар, ааһар дьону ыҥырар. Тиийээппин кытта илиилэригэр тута сылдьар блиныларыттан амсаттылар, кэмпиэтинэн күндүлээтилэр.
Масленица сиэринэн таҥастара-саптара да эриэккэс. Ааһан иһэр дьон сааскы халлаантан, эбиитин бу көхтөөх муусукаттан санаата көнньүөрэн тэҥҥэ үҥкүүлэһэн, ыллаһан ылар.
+1
4
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: