“Туймаада” олимпиада түһүлгэтигэр сүүстэн тахса кыттааччы күөн көрсүө
Дьокуускайга “Туймаада” олимпиадаҕа кыттаары Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн хамаандалар кэлэллэр.
Сүүстэн тахса үөрэнээччи математикаҕа, физикаҕа, химияҕа, информатикаҕа билиилэрин-көрүүлэрин тургутан көрөр баҕалаахтар. Оттон бүгүн, от ыйын 3 күнүгэр, СӨ Наукаларын Аччыгый академиятыгар XXX төгүлүн норуоттар икки ардыларынааҕы “Туймаада” олимпиада саҕаланар.
Күөн күрэскэ кыттарга өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар хамаандалар кэлитэлээн эрэллэр. Бэҕэһээ Хотугулуу-Кавказ федеральнай университетын хамаандата кэлбит.
“Биһиги хамаандабытыгар үс чаҕылхай бэлэмнээх оҕо баар. Кинилэр информатикаҕа, математикаҕа, химияҕа кытталлар. Олимпиада кыттыылаахтарыгар үчүгэйи баҕарабын, аппаратура харгыстамматын уонна сөрүүн аудиториялар баар буоллунар”, — диэн 11 кылаас үөрэнээччитэ, Ставрополье кыраайыттан кэлбит хамаанда кыттыылааҕа санаатын үллэһиннэ.
Быйыл норуоттар икки ардыларынааҕы “Туймаада” олимпиадаҕа кыттарга сүүстэн тахса сайаапка Новосибирскайтан, Пензаттан, Свердловскайтан, Москваттан, Ставропольеттан, Татарстантан, Бурятияттан киирбит. Маны таһынан, Казахстантан, Сингапуртан, Румынияттан, Индонезияттан кыттар баҕалаахтарын биллэрбиттэр. Саха сириттэн, үгэс курдук, сүүмэрдэммит икки хамаанда (барыта 56 кыттааччы) илин-кэлин түсүһүө.
Норуоттар икки ардыларынааҕы “Туймаада” олимпиада Саха сиригэр дьоҕурдаах оҕолору өйүүр сыаллаах ыытыллар. Тэрийээччилэр – СӨ Үөрэх уонна наука министиэристибэтэ, СӨ Наукаларын Аччыгый академията, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: