Сарсын ыһыллар Туймаада ыһыаҕар «быйыл аан бастаан ыытыллар…» диэн киирии тыллаах үгүс тэрээһин буолара былааннанар.
Онон ох курдук оҥостон, сынньана, сэргэхсийэ, саҥа сүүрээннэри көрүөн баҕалаах дьон быйыл үгүс. Биир оннук сонун тэрээһининэн «Атласовтар уһаайбалара» шеф-пуобара, «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл көхтөөх кыттааччыта, кыайыылааҕа, Арассыыйа эрэгийиэннэригэр хаардыы хаама сылдьан, саха төрүт аһын араас омук дьонугар амсатан соһутар Николай Атласов үс саастаах сылгыны үтэн амсатыаҕа. Биллэн турар, сылгы этэ сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри кыра уокка эргитэ сылдьан үтүллүөҕэ.
Николай Васильевич «Саха сирэ» хаһыат уонна сайт ааҕааччыларыгар анаан бэйэтин ыҥырыытын маннык тиэртэ:
Николай Атласов араас омук дьонун интэриэһиргэтээри, социальнай ситимнэринэн нууччалыы тылынан ыҥырыытын эмиэ ыытта:
«Сылгы үтүллэр «Саха сирин амтана» бэстибээл түһүлгэтэ ханна баар буолуой?» диэн интэриэһиргээбит дьону Николай Атласов маннык сирдиир:
Дьэ, онон, күндү доҕоттор, аатырбыт асчыт Николай Атласов сонун аһын — үтүллүбүт сылгы этин амсайыан баҕалаахтар, ФАПК «Якутия» түһүлгэтин бүгүн ыһыах каартатыгар бэлиэтэнэн баран, сарсын ол туһаайыынан түһүнэн кэбиһиҥ!
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038
Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…