«Туймаада ыһыаҕа»: Бүгүн туох ыытылларый?
Бүгүн, бэс ыйын 30 күнүгэр, «Туймаада ыһыаҕын» иккис күнүн бырагырааматынан күнү көрсүүттэн саҕалаан, арчыланыы, оһуохай, 1 мөл. солк. бириистээх «Дыгын оонньуулара» күрэх түмүк киирсиилэрэ уонна наҕараадалааһын, араас кэнсиэрдэр, Ил Дархан бирииһигэр ат сүүрдүүтэ, о.д.а. ыытыллыахтара.
02.00 ч. — «Күнү көрсүү сиэрэ-туома». Оһуохай 2 №-дээх былаһаакка «Күнү көрсүү түһүлгэтэ»;
09.00 ч. — «Дьөһөгөй Айыы арчыта». Арчы түһүлгэтигэр алгыс сиэрэ-туома. 1 №-дээх былаһаакка. «Арчы түһүлгэтэ»;
09.00 ч. — «Аар Кудук Чэрчи мас». Арчыланыы эргиирэ. 19 №-дээх былаһаакка. «Аар Кудук Чэрчи
мас»;
11.00 ч. — «Туймаада ыһыаҕын оһуокайа». Арассыыйа Федерациятыгар Дьиэ кэргэн уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо сылыгар анаммыт оһуохайдьыттар куонкурустара. 4 №-дээх былаһаакка. «Оһуохай түһүлгэтэ»;
11.30 ч. — Үөһэ Айыыларга махтал сиэрэ-туома.3 №-дээх былаһаакка.«Тунах түһүлгэтэ»;
12.00 ч. — «Дыгын оонньуулара» – күүстээхтэр түмүктүүр түһүлгэлэрэ. 3 №-дээх былаһаакка. «Тунах түһүлгэтэ»;
13.00 «Көмүс көлүөнэ» түһүлгэтэ. «Найрамдал» вокальнай ансаамбыл бырааһынньыктааҕы бырагыраамата. 16 №-дээх былаһаакка. «Талба – талаан түһүлгэтэ»;
17.00 ч. — «Дыгын оонньуулара» – кыайыылаахтары эҕэрдэлээһин. «Туймаада ыһыаҕа – 2024» сабыллыытын сиэрэ-туома. 3 №-дээх былаһаакка. «Тунах түһүлгэтэ»;
17.00 ч. — «Ытык сиргэ сүгүрүйүү». Үс Хатыҥҥа 8 №-дээх былаһаакка.«Ытык сир түһүлгэтэ»;
18.00 ч. — СӨ Ил Дарханын бирииһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи ат сүүрдүүтэ. 9 №-дээх былаһаакка. «И.С. Свинобоев (Тыыннаахап) аатынан ипподром».
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: