Быйыл «Үс Хатыҥҥа» Туймаада ыһыаҕа 27-с төгүлүн ыытыллар. Ыһыах бэс ыйын 29-30 күннэригэр буолуоҕа.
Суолталаах тэрээһин Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар ананыаҕа. Бу туһунан Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын салайаччыта Индира Ли иһитиннэрдэ. Дьаһалта пресс-сулууспата Туймаада ыһыаҕар, өрүү буоларын курдук, үгэс буолбут тэрээһиннэр — оһуокай, кымыс иһиитин сиэрэ-туома, күнү көрсүү, олоҥхоһуттар, национальнай көстүүм күрэстэрэ ыытыллыаҕа.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дыгын оонньуулара» спортивнай күрэхтэһии көрөөччү уонна ыалдьыт болҕомтолорун тардыаҕа. 2023 сыллаахха икки күннээх ыһыахха 230 тыһыынчаттан тахса киһи Туймаада ыһыаҕар сылдьыбыта.
Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"] Түмсүүнү оҕо…
Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…
Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…
Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…
Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…
2025 сылга өрөспүүбүлбүкэҕэ икки аэропорду саҥардан оҥорууну түмүктүөхтэрэ уонна саҥаны тутуохтара. Ил Дархан Айсен Николаев…