Салгыы
Туймаада ыһыаҕа: Оһуокай күрэһин балаһыанньата

Туймаада ыһыаҕа: Оһуокай күрэһин балаһыанньата

Ааптар:
24.06.2024, 10:00
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Ыһыах уонна Оһуокай саха омуга түҥ былыргыттан илдьэ кэлбит национальнай култууратын арахсыспат ситимнээх бигэ өйдөбүллэрэ.

Оттон Оһуокай диэн сахалар биир былыргы сиэрдэрэ-туомнара, кинилэр күн-дьыл эргиирин үгэстэрин, самаан сайын сатыылаан турдаҕына, күн саамай уһаан турар кэмигэр толорор Алгыстара — күҥҥэ сүгүрүйүү, күнү көрсүү туомуттан төрүттэнэн кэлбит ытык сиэр.

Оһуокай Үс Улуу идэни түмпүт көстүү – Тылы, Үҥкүүнү, Ырыаны. Тыл абылаҥын, тыл кэрэтин, хоһоонньут киһи Оһуокай этээччи дэнэр. Билиҥҥи кэмҥэ төрүт тылбытын харыстаан, саха тылын сүмэһинин Оһуокай нөҥүө ыччакка тиэрдэр үлэ ыытыллар.
Саха омук Ытык Оһуокайын сүрүн күрэһэ – Улуу Туймаада Оһуокайа буолар, ыраахтан-чугастан ыалдьыттары мунньан икки күн устата, Үс Хатыҥ үрдүнэн Оһуокай күүстээх- абылаҥнаах тыллара, лыҥкынас көмүс дорҕоонноро кыырай халлааҥҥа өрө көтөннөр бар дьоҥҥо дьолу-саргыны тускулууллар, үрдүк үөрүүнү үөскэтэллэр, Саха омук түмсүүтүн түмэллэр!
Быйылгы сылы Арассыыйа Аҕа баһылыга Владимир Владимирович Путин “Дьиэ кэргэн сылынан” биллэрбитэ, Саха Республикатыгар Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев “Оҕо саас сылынан” биллэрбитэ, онно олоҕуран, ону өйөөн туран Оһуокай Түмсүү 2024 сыллааҕы Туймаада Ыһыаҕын Оһуокай күрэһин “Дьиэ кэргэн уонна Оҕо сылыгар” бу күрэһи ааттаан быһааран ыытыаҕа, бу күрэскэ баай тыллаах-өстөөх, кыттыан баҕалаах этээччилэри Улуу Туймаада Оһуокайын сүрүн кыайыылааҕы быһаарар күөн-күрэскэ ыҥырабыт!

Тэрийээччилэр: «Дьокуускай куорат» аҕа баһылыга, Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Оһуокай түмсүүтэ»

Ыытыллар кэмэ, миэстэтэ:
Бастакы күн — Бэс ыйын 29 күнүгэр, күнүс икки чаастан – түүн күн  көрсүүтүгэр дылы буолар, Дьокуускай куорат, Үс Хатыҥ, төрдүс нүөмэрдээх “Оһуокай” түһүлгэтигэр (Киин түһүлгэ аттыгар турар).
Иккис күн – Бэс ыйын 30 күнүгэр, түмүктүүр чааһа уонна “Көҥүл оһуокай” буолар, Дьокуускай куорат, Үс Хатыҥ, төрдүс нүөмэрдээх “Оһуокай” түһүлгэтигэр, сарсыарда 11 чаастан күнүс 15.00 чааска дылы.

Сыала-соруга: Оһуокайы уус-уран айымньы быһыытынан бөҕөргөтүү;
-Төрүт үгэстэри дьоҥҥо, ыччакка тарҕатыы, куһаҕан тыыннаах сабыдыалтан тэйитии;
— Былыргы Ытык Оһуокай алгыс тылларын сөргүтэн, умнуллан эрэр духуобунай күүһүн бөҕөргөтүү.
— Саха дьонун кутун-сүрүн алгыстаах тылларынан чөлүгэр түһэрии

Кыттааччыларга быһаарыы:  күрэс хайдах буоларын — быйылгы сылтан жеребьевка саҥа ньыманан ыытыллыа.
Үс бөлөх баар буолуо:
Бастакы – Саха сирин “Аар Дархан уонна Дархан этээччилэрэ” туспа маҥнайгынан жеребьевканы тардыахтара уонна бастакынан саҕалыахтара.
Иккис — Саха сирин “Үтүөлээх этээччилэрэ” уонна улуустар, нэһилиэктэр “Дарханнара” тэҥинэн нүөмэрдэрин таланнар түһүлгэҕэ салгыы киириэхтэрэ.
Үһүс — Үрдүк аата суох этээччилэр, нүөмэрдэрин туспа тардыахтара уонна түһүлгэни салгыы ыытыахтара.

— Күрэс аһаҕас ким баҕалаах кыттар, усунуоһа 500 солк. биирдии кыттааччыттан.
— Кыттааччы сайаапкатыгар ирдэнэр – толору аата суола, паспорын нүөмэрэ, прописката, паспорын хаһан хантан ылбыта уонна төлөпүөнүн нүөмэрэ, ИНН нүөмэрэ, сайаапкаҕытын бу ссылканан киирэҥҥит толорон регистрацияланаҕыт: (https://docs.google.com/forms/d/e/1FAIpQLScjae7xeR5YyCBtrDNPfL3tD96v5dJnhFWqBI50BhGz7LcUFw/viewform?usp=sf_link)

— Сайаапкаҕытын уонна усунуоскутун үөһээ ыйыллыбыт ссылканан киирэн ыытаҕыт. Сайаапкатын эрдэ толорон ыыппыт этээччи списокка киирэн иһэр.
— Этээччи уҥа-хаҥас өттүгэр кынат дьонун бэйэтэ булар.

Быйылгы Туймаада Ыһыаҕар 2024 с. Бастыҥ этээччи аатын, (Гран–При хаһаайыннара), Үс бастыҥ этээччилэр буолуохтара уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Дархан этээччитэ диэн үрдүк аатын сүгүөхтэрэ.
— Биэс сылга биирдэ буолар Саха сирин “Дархан этээччилэр” күрэстэригэр, Саха сирин “Аар Дархан этээччини” быһаарар күрэскэ – “Улуу Туймаада ыһыаҕар” Саха сирин “Дархан этээччилэрэ” ким хаста кэлэн кыттыыны ылан, миэстэлэспитэ Саха сирин “Аар Дархан этээччи” буоларыгар учуоттанар 2027 сылга буолар күрэскэ.
— Этээччи этэр бириэмэтин дьүүллүүр сүбэ чилиэттэрэ миэстэтигэр быһаарыахтара.

Кыайыыны быһаарар ирдэбиллэр:
— Этээччи хоһуйуутун ис хоһооно, уус-уран тыла, амарах алгыс тыла, үтүө дьайыылаах хоһооно.
— Этээччи куолаһа чуора-кэрэтэ, түһүлгэни тутара, сахалыы таҥаһа-саба, сиэри-туому тутуһуута, хамсаныыта.
— Оһуокай түһүмэхтэрин тутуһуу (туойан саҕалааһына, хаамтарыыта, көтүтүүтэ, налытыыта)
— Саха Түөлбэ оһуокайдарын билсии, үөрэтии, көҕүлээһин.
— Бэриллибит тиэмэтин тутуһуута.

Кыайыылаахтары наҕараадалааһын:

— Күрэс түмүгэ бэс ыйын 30 күнүгэр Дьокуускай куорат, Үс Хатыҥар төрдүс нүөмэрдээх “Оһуокай” түһүлгэтигэр буолуоҕа, бөлөҕүнэн кыайыылаахтарга, бириистэр туттарыллыахтара. Үс бастыҥ кыайыылаахтар, Саха сирин Дархан этээччитэ үрдүк аатын сүгүөхтэрэ.
— Номинацияларынан бастыҥ этээччилэр быһаарыллаллар наҕараадаланыахтара уонна ону таһынан бастыҥ кынаттарга диэн эмиэ туспа бириистэр туттарыллыахтара.
Дьүүллүр сүбэ чилиэттэрэ этээччилэри миэстэтигэр көрөн, истэн сыаналыахтара баал туруоруохтара, бастыҥ этээччилэри талыахтара.

Билсэр төлөпүөннэргит: 89142385487 – Тарский А.Л.
89141056326 – Макарова В.З.
89644208370 – Яковлева С.Р.

Сахабыт сирин олохтоохторо, дьоно-сэргэтэ
Өрөспүүбүлүкэбитин уруйдуур – айхаллыыр, алҕыыр тыллаах Оһуокайга кэлэҥҥит кынат буолан кыттыҥ, доҕор буолан холбоһуҥ!!! Кэлиҥ!! Кыттыҥ!! Дьоҥҥутун өйөөн!! Өбүгэлэрбит төрүт үгэстэрин быстыспат ситимин үйэлэргэ ааттатыҥ!

Саха сирин Оһуокай Түмсүүтэ

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: