Туймаада Ыһыаҕар бастыҥ уустары быһаарыахтара

Share

Ыһыахха «Утум уус» уустар түһүлгэлэригэр дьон-сэргэ тоҕуоруста. Манна өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан барыта 54 уус түмүстэ.

Тэрээһин Арассыыйаҕа уонна Саха сиригэр Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар ананар. Уустары кытары Туймаада ыһыаҕын «Кудай Бахсы» былаһааккатыгар Ил Дархан Айсен Николаев көрүстэ.

«Ыһыахха уустар быыстапкаларыгар сылдьарбын олус сөбүлүүбүн. Хас биирдии оҥоһуктара киһини сөхтөрөр», — диэн бэлиэтиир Ил Дархан.

Быыстапка өбүгэлэрбит үгэстэрин үйэтитэргэ, талааннаах маастардары, саҥа ааттары буларга, норуот үгэстэрин киэҥник тарҕатарга анаан ыытыллар.

Бастыҥнары быһаарыахтара, алта анал аат туттарыллыа: «Лучший кричный якутский нож», «Лучший кричный хотохоон», «Здравствуй, хомус Туймаады», «Молодые последователи традиции кузнеца», «Лучшее художественное изделие», «Лучший выставочный стенд».

Бэстибээл чэрчитинэн саха быһаҕын уонна хомуһу охсууга маастар-кылаастар ыытыллаллар, ыалдьыттарга уонна үүнэр көлүөнэҕэ анаан биллэр маастардар тимири уһааран көрдөрүөхтэрэ.

Саха сирин уустарын түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Роман Готовцев – Мындыр Уус күөн күрэскэ 40-тан тахса саха быһаҕа киирбитин бэлиэтээтэ.

«Уустарга улахан күрэхтэһии буола турар. Биһиги быһах төһө сытыытын, оҥоһуутун, уо.д.а. бэрэбиэркэлиибит. Быйыл аан бастаан улуустартан 8 оҕо кытыннва. Кинилэр манна Саха сирин ааттаах-суоллаах улахан уустарыттан элбэххэ үөрэнэллэр, барытын улаханнык сэҥээрэллэр, ол биһигини олус үөрдэр», — диир Роман Готовцев – Мындыр Уус.

Дьокуускайтан оскуола үөрэнээччитэ Максим Васильев эдэр уустар күрэстэригэр кыттар.

«Аҕам уус, кини сэлии муоһуттан уустаан-ураннаан араас оҥоһуктары оҥорор. Кини Арассыыйаҕа уонна өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар араас күрэстэргэ кыттыбыт үлэлэрин мин сонургуу көрөбүн, онтон холобур ылабын. Уус буолар баҕалаахпын. Бүгүн кыайыыга эрэллээх кыттабын», — диир Максим.

Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3406141 ааҕыҥ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

8 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

8 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

8 часов ago