Туймаада ыһыаҕар «Бэргэн оонньуулара» аан бастаан ыытыллыахтара
Саха сирэ бэс ыйын 29-30 күннэригэр Үс Хатыҥҥа буолар Туймаада ыһыаҕар бэлэмнэнэр. Быйылгы ыһыах Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар уонна «Азия оҕолоро» успуорт VIII аан дойдутааҕы оонньууларыгар ананар.
Ыһыах бырагырааматыгар ураты болҕомто оҕо успуордун күрэхтэһиилэригэр ууруллар. Бырааһынньык чэрчитинэн ыччаттар ортолоругар «Бэргэн оонньуулара» өрөспүүбүлүкэтээҕи сайыҥҥы күрэхтэһиилэрэ түмүктэниэхтэрэ.
«Бэргэн оонньуулара» сүүмэрдиир түһүмэҕэ бэс ыйын 1-2 күннэригэр Дьокуускай куорат 6 №-дээх оскуолатыгар буолбута.
Национальнай оонньууларга түмүк күрэхтэһиилэр Туймаада ыһыаҕар ыытыллыахтара.
Күрэхтэһиилэри тэрийээччилэр -– СӨ национальнай многоборьеҕа федерацията, Дьокуускай куорат физическай култуураҕа уонна успуорка управлениета, «Дьокуускайдааҕы үүт собуота» ХЭО.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: