Туймаада ыһыаҕар — “Дьиэ кэргэнинэн ыллыыбыт” куонкурус
Бэс ыйын 29 күнүгэр Туймаада ыһыаҕар “Саха сирэ” хаһыат Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар анаан өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа куонкуруһун тэрийэн ыытыаҕа.
Эрэдээксийэ бу дьыл ыам ыйын 22 күнүттэн бэс ыйын 26 күнүгэр диэри “Дьиэ кэргэнинэн ыллыыбыт” диэн куонкурус бастакы түһүмэҕин ыыппыта. Тэрээһиҥҥэ Уус Алдантан, Орто Халыматтан, Хаҥаластан, Мэҥэ Хаҥаластан, Ньурбаттан, Бүлүүттэн, Үөһээ Бүлүүттэн, Горнайтан, Дьокуускайтан уопсайа 30 сайаапка киирбитэ. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан, иккис түһүмэххэ 10 кыттааччы таҕыста. Түмүктүүр түһүмэххэ киирбит кыттааччылар ырыаларын, толорууларын дьүүллүүр сүбэ сыаналыаҕа. Дьүүллүүр сүбэҕэ СӨ үтүөлээх артыыһа, Эстрада театрын артыыһа, ырыа матыыбын айааччы Тамара Попова – Хадаана, «Саха сирэ» хаһыат бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Татьяна Маркова, “Саха сирэ” хаһыат суруналыыһа, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ үтүөлээх суруналыыһа Надежда Егорова-Намылы үлэлиэхтэрэ.
“Саха сирэ” хаһыат бу бастакы бырайыага буолбатах. Икки сыллааҕыта эмиэ “Туймаада” ыһыаҕар “Саха сирэ ыллыыр” диэн ырыа күрэһэ бэрт тэрээһиннээхтик ыытыллыбыта. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, “Дьиэ кэргэнинэн ыллыыбыт” куонкуруска хаһыаппыт дьоруойдара кытталлар. Ол курдук, 2019 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи «Тыа ыала» куонкурус кыайыылаахтара, Горнай улууһун Орто Сурт нэһилиэгин Ксения Анатольевна, Алексей Петрович Вензеллэр тустарынан хаһыаппытыгар сырдатан турабын. Айар куттаах кэргэнниилэр оҕолорун Анатолийы, Артуру, Авдейы, Алексы уонна Адрианы кытта аҕаларын төрөөбүт дойдутун Тымныы полюһа Өймөкөөнү үйэтитэн, «Чысхаан» диэн вокальнай-инструментальнай ансамбыл тэриммиттэрэ.
Ыал аҕата Алексей Петрович сынньалаҥ киинин салайааччыта, ыал ийэтэ Ксения Анатольевна оскуолаҕа педагог-библиотекарь. Хомойуох иһин, дьиэ кэргэн ансаамбыла ыһыах күн музыкальнай инструменнарын бачча ыраах кыайан тиэйэн аҕалбат буолан, ыал аҕата Алексей Вензель бэйэтин тылыгар уонна мелодиятыгар саха эстрадатын сулустара сөбүлээн ыллыыр аатырбыт “Оо, Дайаана Дайаана” диэн ырыатын толоруоҕа.
Саха сирэ” хаһыакка интэриэһинэй дьарыктаах, ураты эйгэлээх, амарах санаалаах дьон туһунан өрүү сырдатабыт. Уус Алдан улууһун Бэйдиҥэ сэлиэнньэтин олохтоохторо, оҕо иитэр дьиэ кэргэн Саина Егоровна, Сергей Сергеевич Григорьевтар тустарынан хаһыакка хаста да сырдатан турабыт. Бу ыал өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэллэр.
Элбэх оҕолоох ыал буолалларын быһыытынан сүөһүнү хото иитэллэр, үрүҥ аһынан дэлэччи аһыыллар. Суруналыыс Людмила Поповаҕа интервью биэрэллэригэр “Суората суох сатаммаппыт”, — диэн кэпсээн тураллар. Григорьевтар нэһилиэктэригэр ыытыллар кэнсиэрдэргэ, тэрээһиннэргэ өрүү көхтөөхтүк кытталлар. “Дьиэ кэргэнинэн ыллыыбыт” куонкуруска “Тапталлааҕым” диэн ырыаларынан кыттыахтара.
Ити курдук, хас биирдии куонукуруска кыттааччы ыал туһунан итинник сырдата туруохха сөп. Куонкуруска кимнээх кыттыахтарай? Бэйэлэрин дьиэ кэргэннэрин талаанын билиһиннэриэхтэрэ:
- Прокопьевтар. «Харыстааҥ ветераннары» (Мэҥэ Хаҥалас улууһа)
- Фоминнар. “Дьоллоох дьиэ кэргэн” (Хаҥалас улууһа)
- Яроевтар. “Гимн семьи” (Дьокуускай)
- Вензеллэр. “Оо, Дайаана Дайаана” (Горнай)
- Григорьевтар. (Уус Алдан)
- Неустроевтар. “Таптал баар буолан” (Мэҥэ Хаҥалас)
- Крыловтар. “Саха төрүт үгэстэригэр тиһилик”! (Дьокуускай)
- Ивановтар. “Бэс күөлэ” (Дьокуускай)
- Колесовтар. “Дьиэ кэргэн — дьол уйата”. (Орто Халыма)
- Кондаковтар. “Таптал” (Дьокуускай).
Кыайыылаахтарга сүрүн бириис — Өлүөнэ очуостарыгар теплоходунан күүлэйгэ икки миэстэҕэ путевка.
Онон сарсын, бэс ыйын 29 күнүгэр, Дьокуускайга Туймаада ыһыаҕар (Үс Хатыҥҥа) 14:00 чаастан “Тыйаатыр түһүлгэтигэр” (13 №-дээх былаһааккаҕа) түмүктүүр уонна гала-кэнсиэр ыытыллар. Бэрт кэрэхсэбиллээх тэрээһини кэлэн көрүҥ, истиҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: