Салгыы
Тукулааҥҥа айаннаа — 3 мөлүйүөнү сүүй!

Тукулааҥҥа айаннаа — 3 мөлүйүөнү сүүй!

26.06.2024, 17:13
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

 «Дальний Восток — Земля приключений» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус салҕанар. Бу куонкуруска кыайбыт киһиэхэ 3 мөлүйүөн солкуобай бириистээх. 

Куонкуруска биир да күннээх айаҥҥа сылдьан баран, видеоҕа устан, кыттаҕын. Холобур, былырыыҥҥы кыайыылаах Алиса Слыщенко Камчаткаҕа «Зеленый» хомоҕо биир күннээх айанын уган, кыайбыта.

Саха сиригэр интэриэһинэй сирдэр элбэхтэр — Буотама, Өлүөнэ очуостара, Күрүлүүр, Булуус, Туруук Хайа, о.д.а.

Оттон кумах тукулааннарга айан эмиэ олус интэриэһинэй. Тукулааннарга сылдьар туристар элбээн иһэллэр. Күөх тайҕа ортотугар кумах тукулаан соһуччу көстөр.

Киинэ уһуна 8 мүнүүтэттэн уһуо суохтаах. Айаҥҥа мотуордаах тиэхиньикэ туһаныллыа суохтаах. Киинэҕэ кыттааччы бэйэтэ уһуллуохтаах уонна саҥата иһиллиэхтээх. 10 саастарыттан саҕалаан, кыттыахха сөп. Оннооҕор төлөпүөҥҥэ устан кыттыбыт дьон кыайбыттара.

Сиһилии куонкурус саайтыгар — путешественникдв.рф  саайтыгар киирэн, сиһилии билсиҥ.

2022 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн 2024 сыл ахсынньы 30 күнүгэр диэри урут да сылдьыбыт айан туһунан киинэ оҥорон, кыттыахха сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: