Тулаайах оҕолор босхо сынньана бараллара судургутуйда

Share

Тулаайах уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор сонотуоруйга-куруорка чэбдигирэ уонна эмтэнэ, сынньана барар буоллахтарына, путевкалара уонна айаннарын ороскуота толуйуллар. От ыйын бүтүүтэ бырабыыталыстыба мунньаҕар бу боппуруоһу сүрүннүүр докумуоҥҥа уларытыылары киллэрбиттэрэ.

Ол чэрчитинэн, бу өҥөнү ылыы өссө табыгастаах буоларын туһуттан, эппэкиин (попечитель) путевканы судаарыстыбаннай уонна муниципальнай тэрилтэлэртэн эрэ буолбакка, оҕолор сынньанар уонна чэбдигирэр тэрилтэлэрин испииһэктэригэр киирбиттэртэн эмиэ ыллахтарына, харчынан толуйуу (компенсация) оҥоһуллар буолла. Манна тэрилтэ тэриллибит уонна быраабын көрүҥнэрэ оруола суох. Оттон сонотуоруй-куруорт тэрилтэлэрэ лицензиялаах буолаллара ирдэнэр.

Оҕо сынньаммыта, эмтэммитэ 3 ый ааһа илигинэ, путевканы социальнай көмүскэл управлениетыгар, эбэтэр, «Мин докумуоннарым” кииҥҥэ илдьэн бэриллиэхтээх. Оччоҕо путевка сыанатын төнүннэрэллэр.

Саха сиригэр оҕолор сынньалаҥнарынан уонна чэбдигириилэринэн үөрэх, билим министиэристибэтэ дьарыктанар. Маны тэрийэр тэрилтэлэр испииһэктэрин министиэристибэ саайтыгар көрүөххэ сөп.

СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago