Тулаайах оҕону иитэр ыалга туох төлөбүр баарый?

Share

2023 сыл туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 3972 оҕо тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт. Кинилэртэн 3519 оҕону (88,5%) ыаллар иитэ ылбыттар. Онон 400-тэн тахса оҕо иитэ ылар дьиэ кэргэттэри кэтэһэллэр. Ол да буоллар, кэнники сылларга оҕону иитэр ыаллар ахсааннара эбиллэр, тулаайах оҕо ахсаана сыыйа көҕүрүүр. Холобур, 2021 сыллаахха 632 оҕону, 2022 сыллаахха 680 оҕону иитэ ылбыттара. 2013 сыллаахха 845 тулаайах уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕо баара.

Өрөспүүбүлүкэҕэ тулаайах оҕолору иитии, эппиэкэҕэ ылыы эйгэтигэр сокуоннарга уларытыылары киллэрэллэр. 2022 сыллаахха Ил Дархан Айсен Николаев оҕону иитэр төрөппүттэргэ төлөбүрү икки төгүл улаатыннарар туһунан ыйаах таһаарбыта. Онон ыйдааҕы төлөбүр 16 480 солкуобайга (1-кы зонаҕа) уонна 14 715 солкуобайга (2-с зонаҕа); иккис уонна онтон кэлэр оҕоҕо 9888 солкуобайга уонна 8829 солкуобайга тэҥнэспитэ.

Инбэлиит оҕоҕо уонна 14 сааһын туолбут оҕону иитэ ыллахха, эбии төлөбүрдэр бааллар. Уонтан элбэх оҕону иитэ ылбыт дьиэ кэргэҥҥэ тырааныспар атыылаһалларыгар 837 426 солкуобай көрүллэр.

Маны тэҥэ, Ил Дархан оҕону иитэр дьиэ кэргэттэргэ төлөбүрү өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тэҥниир туһунан сорудахтаабыта.

2022 сылтан “Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ “Оҕону иитэр дьиэ кэргэн” диэн туспа номинация баар буолбута, кыайыылаахтар 300 тыһыынча солкуобайы ылаллар.

Recent Posts

  • Сонуннар

Дьокуускайга баһаарга икки дьахтар эмсэҕэлээбит

Өрөбүл сарсыарда Дьокуускайга Каландаришвили уулуссаҕа турар икки этээстээх олорор дьиэҕэ баһаар тахсыбыт. Быһылаан тахсыбыт сириттэн…

34 секунды ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ТУСКАР ТУҺАН: Кыһын үүнээйи сэбирдэҕэ саһарар буоллаҕына…

Кыһын дьиэ үүнээйилэрэ мэлдьи эрэйдэнэллэр, сэбирдэхтэрэ саһарар уонна түһэр диэн «Ученый агроном» ханаал ааптара суруйар.…

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сиригэр Бэрэсидьиэн оскуолаларын ситимин оруолун үрдэтиэхтэрэ

Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнин оскуолаларын ситимин сайыннарыы боппуруостарыгар мунньах ыытта. Көрсүһүүгэ бэрэсидьиэн оскуолаларын…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата
  • Уопсастыба

“Чысхаан” сылгыһыта Егор Турпанов

Кэлэн иһэр саргылаах Саҥа дьылы көрсө Үрүҥ Айыы сылынан (Кытай халандаарынан – Кыһыл ат сыла)…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк

Дьуһуурунай борокуруор: Дьокуускайга эр киһи быһаҕынан анньыллыбыт

Саха сиригэр суукка иһигэр буруйу оҥоруу туһунан икки иһитиннэрии бэлиэтэннэ. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тыйыс тымныы тыына – үлүйүү

  Ахсынньы чахчы да аам-даам тымныыта күүһүрэн, нэдиэлэттэн ордук кэм устата 1-8 кылаас оҕолоро Дьокуускайга,…

3 часа ago