Тулаайахтарга ийэни солбуйар иитээччи
Елена Николаевна Андреева күн сирин көрбүт, дьоллоох оҕо сааһа ааспыт, оскуоланы бүтэрэригэр бүтэһик чуораан чугдаарбыт Сунтаар улууһун Тойбохойугар «Дьиэ кэргэнинэн иитиигэ көмөлөһөр С.Г.Кривошапкин аатынан Сунтаардааҕы кииҥҥэ» иитээччинэн 16-с сылын үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьар.
Оҕо холобурун батыһан
Кини 2005 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетын саха салаатын үөрэнэн бүтэрбитэ. Эдэр киһи ол кэнниттэн биир эрэ сыл Түбэй Дьаархаҥҥа учууталлаабыта. Онтон 2006 сылтан төрөөбүт нэһилиэгэр Тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору харайар кииҥҥэ иитээччинэн үлэлиир.
Елена Николаевна иитиллээччилэрин уонна бэйэтин төрөппүт оҕолорун көрүүнү-истиини, иитиини дьүөрэлииргэ кыһаллар. Кини икки уол оҕолоох. Улахана Миша Андреев оҕо сааһыттан култуура эйгэтигэр сыста улаатан, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ култуура салаатыгар киирэн үөрэнэ сылдьар. Кыра уола быйыл 9 кылаас үөрэнээччитэ буолла. Эмиэ үҥкүүгэ, ырыаҕа талааннаах. Улахан уол Миша олоҥхолоон уонна оһуохайдаан Сунтаарын улууһун аатын элбэх сиргэ ааттаппытын ийэ киһи киэн туттар. Онуоха кини Миша салайааччыта Федора Кирилловна Васильеваҕа махтала муҥура суох.
Бэл, Елена Николаевна хаһан да олоҥхолоон да, оһуохайдаан да көрбөтөх киһи, оҕотун сырсан, бастаан оһуохайга холоммут уонна 2012 сылтан киэҥ эйгэҕэ оһуохайдыыр буолбут. «Наһаа үлүһүйэн туран дьарыктаммаппын эрээри, иэйиим киирдэҕинэ ардыгар оһуохайдыыбын, үҥкүү тылын этэбин. Ийэм өттүнэн эһэм оһуохайдьыт, тойуксут оҕонньор эбит. Баҕар, ону утумнаабытым дуу? Бэйэм ордук фольклорга чугаспын» -– диэн бэрт сэмэйдик кэпсиир.
Елена Николаевна быйыл дьиэ кэргэнинэн олоҥхону толорууга иитиллээччилэрин кытары кыттыбыттара. Онтон Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕар «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону толорууга эмиэ ситиһиилэммитэ.
«Харалдьыктар» -– «Ньургуһун» оҕолоро
-Быйыл Сунтаар улууһугар «Ньургуһун» литература түмсүүтэ куйаар ситиминэн хоһоон күрэҕин биллэрбитэ. Эмиэ кыттан холонон көрөргө санаммытым уонна 2-с миэстэ буолбутум, онтон түмсүүгэ киирэрбэр сүбэлээбиттэрэ, -– диэн Сунтаар улууһугар тэриллибитэ быйыл 50 сылын бэлиэтээбит «Ньургуһун» түмсүү эдэрдэригэр, а.э. «Харалдьык» түмсүүгэ ылыллыбытын туһунан кэпсиир. -– Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан «Эдэр кэрэспэдьиэн» куруһуокка дьарыктаммытым, хоһоону оҕо сааспыттан кыралаан суруйа сатыырым. Устудьуон сылларбар эмиэ суруйарым да, ааҕааччыларга тириэрдэ сатаабатаҕым, мунньубат да этим. Онон, билигин оччотооҕу хоһооннорум суохтар.
Хоһоон суруйуу миэхэ ордук чугас курдук. Ол эрээри, мэлдьи суруйар буолбатахпын, иэйии киирдэҕинэ, ханнык эмэ түгэннэргэ олоҕуран суруйабын. Соторутааҕыта кэпсээн күрэҕэр кыттыбытым эрээри, проза миэнэ буолбатах эбит дии санаабытым.
Үөһээ Бүлүүгэ “Маҥнайгы хаар үөрүүтэ” диэн куйаар ситиминэн ыыппыт күрэхтэригэр кыттан эмиэ кыайыы өрөгөйүн билбитим.
«Ыарыыта суох сиэннэрим элбэхтэр»
Елена Николаевна үлэлиир тэрилтэтэ бастаан Оҕо дьиэтэ диэн ааттааҕа. Сыл ахсын кэриэтэ ааттара уларыйан, билигин «Дьиэ кэргэнинэн иитиигэ көмөлөһөр С.Г.Кривошапкин аатынан Сунтаардааҕы киин» диэн ааттанан үлэлии-хамсыы олорор. Манна өрөспүүбүлүкэттэн: Илин Эҥэртэн, Бүлүү бөлөх уонна хотугу улуустартан оҕолор кэлэн, дьиэ кэргэн тииптээх куорпустарга олохсуйаллар.
«Холобур, биһиги «дьиэ кэргэҥҥэ» 9-10 оҕолоохпут. Үс иитээччи уонна үс иитээччи көмөлөһөөччүтэ буолан үлэлиибит. Биллэн турар, дьахтар нарын санныгар ыарахан үлэ. Үлэлээбитим усталаах-туоратыгар олус элбэх үлэһит кэлэн иитээччинэн үлэлээн барда. Сорохторун өйдөөбөппүн даҕаны. Кыра бириэмэҕэ үлэлээн баран тулуйбаккалар, ыарырҕатан барбыт дьон элбэх. Мин оҕо эрдэхпиттэн олохпун кырачааннары иитиигэ аныахпын санаан, учуутал эбэтэр уһуйаан иитээччитэ идэлэниэхпин баҕарарым, ол сырдык ырабын илдьэ үрдүк сыыры дабайдаҕым. Онон, санаам тардыспыт үлэтэ миэхэ бэйэбэр чугас.
Биһиги кииммитигэр киирбит оҕолорго ийэлии истиҥ, аҕалыы амарах сыһыаны иҥэрэргэ үлэлэһэбит. Сорохтору 9-с, сорохтору 11 кылаас кэнниттэн үөрэххэ киллэрэбит. Үөрэххэ киирдэхтэринэ, кинилэри 23 саастарыгар диэри син биир арыаллаан, сүбэлии-амалыы сылдьабыт. Олоххо оннуларын булалларыгар күүс-көмө буолабыт.
16 сыл устата син элбэх оҕону иитэн таһаардым. Этэргэ дылы, ыарыыта суох сиэннэрим (ыал буолбут иитиллээччилэрин оҕолоро -ааптар) элбэхтэр. Өссө биир бэйэм аатым иҥэриллибит сиэннээхпин. Бэйэм сиэннэрдэнэн эбээ буола иликпин, оттон иитиллээччилэрим ыал буолан оҕолоохтор-уруулаахтар. Сорох ыарыыта суох сиэннэрим оскуолаҕа киирдилэр.
Мин иитиллээччилэрбин улахан олоххо атаарарбар куруук: «Сүрүнэ, эһиги атаххытыгар туруҥ, үөрэхтэниҥ, үлэлэниҥ, ыал буолуҥ – ол буолар эһиги миэхэ махталгыт, миэхэ онтон ордук эһигиттэн туох да наадата суох. Мин итэҕэлбин, эрэлбин түһэн биэримэҥ», — диэн алгыс тылларын этэбин. Кырдьыга да, кинилэр этэҥҥэ сырыттахтарына мин үөрэбин, дьоллонобун. Төһө да атын дойдуга баран олохсуйдаллар, күн бүгүҥҥэ диэри билсэ олоробут. Үксүлэрэ алаһа дьиэ тэринэн этэҥҥэ олороллоруттан үөрэбин. Ускул-тэскилЕлена сылдьааччылар суохтарын кэриэтэ.
Уопсайынан, оҕоҕо улахан киһи өйөбүлэ хайаан да наада. Оҕо ханнык баҕарар саҕалааһыныгар эн кинини өйүөхтээх эбиккин. Улахан уолбун кыратыттан барытыгар өйүүр-өйдүүр этим, ханна эмэ кыттыахпын баҕарабын диэтэ да, туох кыалларынан көмөлөһөрүм. Бэйэм иитиллээччилэрбэр эмиэ оннук өйдөбүлүнэн сыһыаннаһабын. Кинилэр ортолоругар дэгиттэр талааннаах оҕолор бааллар.
Үксүгэр ийэ быраабыттан быһыллыбыт, хобдох олохтоох ыал оҕолоро кэлэллэр. Ол иһин, кыра бэйэлэрэ кыһалҕалаах олоҕу билбит-көрбүт буоланнар, улахан киһиэхэ түргэнник итэҕэйэ, эрэнэ охсубаттар. Онуоха үлэһиттэр уопсай тылы булуохпутун наада.
Мин бөлөхпөр 3-18 саастаах оҕолор, бары ийэлэрэ суох, мин кинилэргэ ийэлэрин солбуйабын. Ол иһин, кыралар миигин «Ийэ» диэн ыҥыралларыгар сөбүлэһэбин. Онтон эр киһи иитээччибитин «Аҕа», эдэр кыыспытын «Эдьиийбит» дииллэр. Кэтээн көрдөххө, оҕолор кими эмэ «Ийэ», «Аҕа» диэн ыҥырыахтарын наһаа баҕараллар эбит. Ол иһин, бэйэлэригэр чугастык ылыммыт киһилэрин итинник иһирэхтик ааттыыллар.
Мин иитээччилэрбин киһилии киһи гынан иитэн таһааран, кинилэр дьоһуннаах олоҕу билиэхтэрин баҕарабын», -– диэн олох охсууларыттан бэрт кыра саастарыттан тулаайах хаалбыт оҕолорго төрөппүтү солбуйа сылдьарынан, кинилэргэ чугас киһи буоларынан уонна иитээччилэрэ орто дойду олоҕор бэйэлэрин миэстэлэрин булалларынан киэн туттарын туһунан кэпсээнин түмүктүүр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: