Тулагы амбулаториятын тупсарыахтара

Share

Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Тулагыга сырытта.

Кини онно 2022 сыллаахха ахсынньыга үлэҕэ киирбит амбулаторияны көрдө-иһиттэ. Үлэни-хамнаһы билсэн баран,  суолун-ииһин аспааллыырга, сиригэр-уотугар үүнээйини олордорго эттэ.

Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА

«Биһиэхэ бастакынан, Саха сирин хас биирдии олохтооҕо мэдиссиинэ өҥөтүнэн туһанара кыаллымтыа буолуохтаах диэн сорук турар. Тыа сирин олохтоохторо хаачыстыбалаах мэдиссиинэ көмөтүнэн туһаныахтаахтар. Ол иһин, «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун саҥатытан оҥоруунан, манна эргэ мас амбулатория оннугар саҥа тутуллубута«, — диэн этэр Айсен Николаев.

Дьокуускай куорат мэдиссиинэҕэ киинин кылаабынай бырааһа Евгения Маркова куорат таһынааҕы сэлиэнньэлэр пациеннара мэдиссиинэ саҥа тэрилтэтиттэн астыналларын, үөрэллэрин бэлиэтиир. Тоҕо диэтэххэ, аны билигин, кинилэр Дьокуускайга киирэ сатаабакка, дьиэлэрин таһыгар баран мэдиссиинэ көмөтүн ылар кыахтаахтар.

«Саҥа амбулаторияҕа Тулагы, Капитоновка, Сыырдаах уонна Киллэм олохтоохторо, барыта 4300-тэн тахса киһи сылдьар. Манна терапевт, акушер-гинеколог, ЭКГ, быһыы туруорар хостор бааллар. Анаалыс ылаллар. Маны таһынан, Жатай поликлиникатыттан, Дьокуускай куорат мэдиссиинэҕэ киинин поликлиническай отделениеларыттан эмиэ кэлэн көрөллөр. Маны сэргэ, амбулаторияҕа күнүскү стационар үлэлиир«, — диэн сырдатар Евгения Маркова.

Рентгеҥҥэ Жатай поликлиникатыгар түһэллэр.  Онон дьоҥҥо табыгастаах буоллун диэн олохтоох дьаһалтаны кытта сүбэлэһэн  Тулагыттан, Кангаласстан Жатайга диэри 111 №-дээх оптуобус сылдьарын тэрийбиттэр.

Амбулатория аныгы үйэ ирдэбилигэр эппиэттиир тэриллэрдээх, саҥа миэбэлэ толору. Мэдиссиинэ каадырдарынан, ол иһигэр «Земскэй доктор» бырагыраама көмөтүнэн 100% хааччыллыбыт.

Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3365423 манна көрүҥ.

СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата

Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

15 часов ago