Салгыы
Тулагы—Киллэм үүнүүлээх бааһыналарыгар

Тулагы—Киллэм үүнүүлээх бааһыналарыгар

Ааптар:
20.10.2024, 15:30
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат таһынааҕы нэһилиэктэригэр хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитиинэн, оҕуруот аһын үүннэриинэн дьарыктанар хаһаайыстыбалар бааллар. Кинилэр куорат олохтоохторун аһынан-үөлүнэн хааччыйыыга улахан көмөнү оҥороллор.

Балар истэригэр юрист идэлээх Наталья Борисовна Зотова хаһаайыстыбалара киирсэллэр. Кини Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр икки хаһаайыстыбаны — “Олимп” ТХПК уонна “Зотова Н. Б.” бааһынай-пиэрмэр хаһаайыстыбатын тэрийэн үлэлэтэр. Биллэрин курдук, “Олимп” кэпэрэтиип тэриллибитэ 20 сыл, бааһынай хаһаайыстыбата тэриллибитэ уон сыла буолла. Хаһаайыстыбатыгар хортуоппуйу, хаппыыстаны уонна атын да оҕуруот астарын үүннэрэр.

— Аҕыйах сыллаахтан ыла ынах уонна сылгы иитиитинэн күүскэ дьарыктанан эрэбит. Туох баар үлэбитин улахан уолбунуун — Федотов Вячеслав Борисовичтыын кыттыһан оҥоробут. Онно чугас аймахтарбыт көмөлөһөллөр уонна Тулагы-Киллэм олохтоохторо үлэлииллэр. Сайыҥҥы өттүгэр быстах кэмҥэ үлэһиттэри ылабын, онон сайын элбииллэр. Кыһын 10–12 сүрүн үлэһити тутабын.

Билигин 100‑чэ төбө ынаҕы тутан турабыт, онтон 50‑тан тахсата ыаныллар. Сүүстэн тахса сылгылаахпыт. Быйыл былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, от үүнүүтэ мөлтөҕүн да иһин, сүөһүлэрбит, сылгыларбыт кыстыыр отторун булуннубут. Онон отунан толору хааччынан, кыстыкка киирдибит.

Быйыл төһө да курааннаабытын үрдүнэн, хортуоппуйга орто үүнүүнү ыллыбыт. Хаппыыста үүнүүтэ үчүгэй, атын да үүнээйилэр куһаҕана суох үүнүүнү биэрдилэр, — диэн кэпсээнин саҕалаата хаһаайыстыбалар баһылыктара Наталья Борисовна. Хаһаайыстыбаҕа сылгы хааччаҕа, хотон, гараас, пилорама барыта биир сиргэ турара табыгастаах буолбут.

Ханна да буоларын курдук, хаһаайыстыбаларга түбүктэрэ, кыһалҕалара элбэх. Сыл аайы уматык сыаната сүрдээҕин ыарыы турарыттан араас кыһалҕа үөскүүр. Ол да буоллар, ол кыһалҕалары бары көмөлөөн, барытын быһаара сатыыллар.

Хотулары хааччыйааччылартан биирдэстэрэ

Оҕуруот аһын уонна хортуоппуйу куораттааҕы оҕуруот аһын баазатыгар илдьэллэр. Кинилэр үүннэрбит хортуоппуйдарын, оҕуруоттарын аһын Арктикатааҕы эргиэн-логистика киинигэр (уруккута Якутоптторг) туттараллар, ону хоту улуустарга ыыталлар. Быйыл бу тэрилтэҕэ 90‑ча туонна оҕуруот аһын туттарбыттар. Онон Н. Б. Зотова хоту улуустары хааччыйааччылартан биирдэстэринэн буолар. Төһө да ыарахаттардааҕын иһин, үрдүк үүнүүнү ылаары сайыҥҥы өттүгэр бааһыналарга 3-4 улахан помпаны туһаммыттар. Уонна иккис-үһүс сылын “капельнай полив” диэни боруобалаан эрэллэр.

Ону сэргэ оҕуруоттарын аһын ырыынактарга атыылаатылар, маҕаһыыннарга туттардылар. Өссө Тулагы-Киллэмҥэ дьаарбаҥка эмиэ тэрийбиттэрэ.

Ыабыт үүттэрин күннэтэ “ИП Зырянов” диэн Марха соҕотуопкаһытыгар туттараллар. Эти соҕотуопкалааһыҥҥа билиҥҥитэ үлэлэһэ иликтэр. Этинэн дьарыктанар буоллахтарына, буойуна сыахтаах буолаллара ирдэнэр. Онон сыах туттахтарына эрэ үлэлэһэр кыахтаахтар.

Управление өйүүр буолан

Наталья Борисовна куорат олохтооҕо буоларынан, ханнык да граҥҥа, “Агростартапка” хапсыбат. “Дьокуускай куорат “ куораттааҕы уокурук Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын (начаалынньык М. Ю. Данилов, кылаабынай агроном Е. А. Андреев) көмөтө баһаамын бэлиэтиир. Кинилэр көмөлөрүнэн элбэх гектар сир үлэҕэ киирбит. Күрүө да тутуллар, сүөһү аһылыгын бэлэмнээһини эмиэ өйүүллэр эбит.

— Судаарыстыба өттүттэн көмө баара үчүгэй. Оттон биир өттүттэн көрдөххө, тыа хаһаайыстыбатын үлэтин атахтааһын да баар курдук. Үлэлээри-хамсаары гыннахха, хайаан да туох эрэ табыллыбат курдук буолар. Холобура, сайын устата элбэх тэрилтэ бэрэбиэркэтин ааһабыт, туох барыта бобуулаах.

Атын дойдуттан үлэһиттэри үлэлэппэккин, ыстараап күөмчүлүүр. Дьиҥинэн, мэлдьэх буолбатах, бэйэбит дьоммут тыа хаһаайыстыбатын үлэтиттэн олох тэйдилэр, ким да тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлии кэлиэн баҕарбат. Өрөспүүбүлүкэҕэ агро-оскуола бөҕөлөөхпүт. Олортон ыйыталаһан көрүҥ эрэ, биир эмит агро-оскуоланы бүтэрбит оҕо тыа хаһаайыстыбатын идэтигэр үөрэнэ киирэр уонна үлэһит буолан төннөн кэлэр дуо диэн, — диэн күннээҕи көрсөр кыһалҕаларын туһунан хайдах баарынан этэр хаһаайыстыба баһылыга. 2015 сыллаахтан киэҥ билиилээх Эверстова Ульяна Ксенофонтовна диэн агроному кытта билсэн, бииргэ үлэлииллэр. Ыһыыны, сайыҥҥы үлэлэри, хомууру кини онорор былааныгар олоҕуран тэрийэллэрэ көдьүүстээх. Уонна 50 сыл тухары хортуоппуй үүннэриитинэн дьарыктаммыт бииргэ төрөөбүт убайа Федотов Валерий Борисович көмөтө баһаам. Онон кинилэри олус үтүө тылынан ахтар.

— Тоҕо бу хаһаайыстыбалары тэрийэн үлэлэтэҕин диэн ыйытыыгар хоруйдаатахпына, маннык. Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбата маассабайдык ыһыллыытын саҕана 2004 сыллаахха сири-уоту тутан хаалаары тэриммиппит. Ол саҕана моҥкурууттааһын туһунан сокуон саҥа киирбитэ, тоҕо эрэ улахан сопхуостары эһии барбыта. Сокуону үчүгэйдик билбэт буоламмыт, элбэх сирдэрбитин таах былдьаппыппыт. Дьиҥинэн, 1993 сыллаахха сирбит 850 киһиэхэ түҥэтиллэн үлэлии турбут сирдэр этилэр (ол саҕана “Якутская” КП судаарыстыбаттан приватизацияламмыта), — диир кини оччотооҕу сыллары ахтан.

Ити курдук, кини ыаракаттартан чаҕыйбакка, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар туһугар туруулаһар.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: