Тулагы-Киллэмҥэ саҥа эбийиэктэр тутуллуохтара
Маастар-былаанынан Тулагы-Киллэмҥэ саҥа эбийиэктэр тутуллуохтара.
2023 сыллаахха ахсынньыга дойду бырабыыталыстыбатын уурааҕынан бигэргэтиллибит Дьокуускай маастар-былаанынан, Тулагы-Киллэмҥэ 2027 сылга успуорт эбийиэгэ тутуллуохтаах. Маны таһынан, үөрэх эбийиэгэ былааннанар. Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников нэһилиэккэ Бырабыыталыстыба ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуотун иһитиннэрэригэр эттэ.
—Бырабыыталыстыба отчуотугар нэһилиэнньэ көхтөөхтүк кыттар. Биһиги кинилэргэ тыын суолталаах ыйытыылары биэрэбит. Маннык тэрээһин барара туһалаах. Нэһилиэкпитигэр үчүгэй уларыйыылар баран эрэллэрэ биллэр. Холобур, былырыын биэлсэр-акушер пууна үлэҕэ киирбитэ. Бөһүөлэкпит иһигэр суол-иис тубуста. Сыырдаахха улахан уһуйаан тутулунна. Нэһилиэнньэ ахсаана эбиллэр. Амбулаторияҕа Саталтан, Кангаласстан кэлэн көрдөрөллөр. Онон дьон сытан эрэ эмтэнэригэр улахан балыыһа наада. Өссө биһиги агро хайысхалаах оскуолабытыгар аттынааҕы нэһилиэктэрбититтэн оҕолор үөрэнэ кэлэллэр. Онон оскуола кэҥиирэ эмиэ наада, — диэн этэр нэһилиэк олохтооҕо Саргылана Хомустахова.
Нэһилиэк баһылыга Егор Попов этэринэн, манна 4, 5 тыһ. киһи олорор. Нэһилиэк кэҥиир, сайдар кэскиллээх. Элбэх оҕолоохторго уонна байыастар дьиэ кэргэттэригэр сир учаастага бэриллэр. Тыа хаһаайыстыбатыгар сүөһү, сылгы ахсаана элбээбит. 800 ынах сүөһү, 1.2 тыһ. сылгы баарын этэр.
—2030 сылга диэри куораппыт, ол иһигэр биһиги нэһилиэкпит тупсан-сайдан иһиэхтээх былаанын билэ-көрө олоробут. Маныаха РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха Анал этиитигэр нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбата тупсарыгар социальнай өйөбүл, национальнай бырайыактары олоххо киллэрии туһунан элбэҕи эппитэ дьон-сэргэ санаатын кынаттыыр, — диир кини.
Саҥа түөлбэ олохтоохторун аатыттан Лариса Андреева маннык көрсүһүүлэр көдьүүстээхтэрин этэр.
—Ааспыт отчуокка биһиги суолбутун-ииспитин, түөлбэҕэ уоту-күөһү туруорсубуппут. Онтубут ыйытыыларбыт, туруорсууларбыт 2024 сыллааҕы үлэ былааныгар киллэриллибиттэриттэн улаханнык үөрдүбүт, — диэн этэр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт сылга туох үлэ-хамнас ыытыллыбытын истэн баран, олохтоохтор тутууга, култуура эбийиэктэрин өрөмүөнүн, модульнай хочуолунайы киллэрии, оҕо ускуустубатын оскуолатын, баһаарынай депо туһунан токкоолостулар. Маны сэргэ, тыа хаһаайыстыбатыгар, ходуһаны туһаныыга элбэх ыйытыыны биэрдилэр.
Сергей Местников олохтоохтор отчуокка көхтөөхтүк кыттыбыттарын, бары хайысхаҕа элбэх ыйытыыны биэрбиттэрин бэлиэтээтэ.
—Олохтоохтор бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр, этиилэри киллэрдилэр. Социальнай инфраструктура боппуруоһа кинилэри долгутар. Тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах боппуруостары хото биэрдилэр. Дьокуускай сайдыытыгар, ол иһигэр бу нэһилиэк сайдарыгар, балачча үп көрүллүбүт маастар-былаана улахан оруоллаах. Маныаха успуорт уонна үөрэх эбийиэктэрин тутууга бырайыактыыр-сметнай докумуону оҥорорго улахан болҕомто ууруллар, — диэн этэр Сергей Местников.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: