Тулагы олохтоохторо саҥа саалаҕа киинэ көрүөхтэрэ

Share

Арассыыйаҕа киинэ күнүн көрсө, Саха сиригэр умнуллубат үөрүүлээх бэлиэ тэрээһиннэр буоллулар.

Ол курдук, «Экстра Синема» технологиятынан  киинэ көрөр  саалалар баар буоллулар диэн Дьокуускай куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Үөрүүлээх  тэрээһиннэр СӨ киинэ уопсастыбатын I кэмпириэнсийэтинэн, «Якутия – новый центр кинопроизводства России» сиэссийэ иитинэн ыытылыннылар.

Бу күн киинэ көрөр саҥа саалалар култуура дьиэлэригэр Алдан, Амма, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Нам, Өймөкөөн, Сунтаар, Хаҥалас, Чурапчы оройуоннарын нэһилиэктэригэр уонна Тулагыга арылыннылар. Бу үөрүүлээх тэрээһиннэр Ил Дархан Айсен Николаев уонна «Экстра Синема» ХЭЦо генеральнай дириэктэрэ Петр Чиряев кыттыылаах онлайн-киэбинэн ыытылыннылар.

Тулагыга М.П Обутова-Эверстова аатынан култуура киинигэр аһыллыбыт киинэ саалата саҥа тэрилинэн хааччыллыбыт. Бу култуура киинин сэбиэдиссэйэ Максим Игнатьев:

«Култуура эйгэтин үлэһиттэрэ улахан болҕомтолорун, кыһамньыларын нэһилиэнньэ сынньалаҥын тэрийиигэ уураллар. Бу бырайыак баар буолан, Тулагы-Киллэм олохтоохторо үчүгэй киинэлэри киэҥ экраҥҥа көрүөхтэрэ», — диэн этэр.

Тулагылары киинэ көрөр саҥа саалаламмыттарынан Дьокуускай куорат дьаһалтатынө култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын начаалынньыга Индира Ли уонна Дьокуускай куорат уокуруктааҕы норуот айымньытын киинин дириэктэрэ Петр Пестряков эҕэрдэлээтилэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Уус Алдан улууһугар бөрө үөрэ сылгыларга кутталы суоһууллар

Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

1 час ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

16 часов ago