Тулагы оскуолатыгар буолбут быһылаанынан бэрэбиэркэ ыытыллыбыт

Share

“2024 сыл олунньу 21 күнүгэр, эбиэт кэмигэр Тулагы оскуолатын бастакы мэндиэмэнигэр тиэнньис оонньуу сылдьан 11-с уонна 9-с кылаас үөрэнээччилэрэ иирсиилэрэ охсуһууга тириэрдибитэ быһаарылынна”, — диэн Борокуратуура саайтыгар суруллар.

Ити күн оҕолор хаттаан иирсиилэрин түмүгэр, 11-с кылаас үөрэнээччитэ кырбанан балыыһаҕа киирбит диэн туһааннаах уорган бэлиэтиир.

“Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор быраабы кэһиилэрин сэрэтии туһунан сокуону кэһии булуллубутунан, ол иһигэр сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо доруобуйатыгар эчэйиини ылбытынан, Борокуратуура Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатыгар сурук киллэрдэ (көрүүгэ сылдьар)”, — диэн иһитиннэриигэ суруллар.

Доруобуйаҕа ортонон ааҕыллар эчэйиини оҥоруу төрүөтүнэн РФ Холуобунай Кодексын 112-с ыст. 1 ч. тэриллибит холуобунай дьыала силиэстийэ Борокуратуура хонтуруолугар сылдьарын туһунан пресс-сулууспа иһитиннэрэр.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн Дьокуускайга «Саха сирин балыга» дьаарбаҥка түмүктэнэр

Бүгүн, алтынньы 26 күнүгэр, Дьокуускай куорат Комсомольскай болуоссатыгар «Саха сирин балыга» диэн ааттаах үгэс буолбут…

19 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Оҕону мөҕөн-этэн барбакка, холкутук сыһыаннас

Киэһэ хойут айаннаан иһэн көрдөхпүнэ, уулусса устун эрдэҕэс саастаах оҕолор хаамса сылдьар буолаллар. Бу оҕолор…

19 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Биир киһиэхэ нуорма быһыытынан төһө собо тиксиэхтээҕий?

Саха сирин үрдүнэн муҥха кэмэ күргүөмнээхтик салҕанар.Онуоха санатар буоллахха, 2017 сыллаахха киирбит муус аннынан балыктааһын…

49 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Де­нис: «Аһы-­үөлү улуус­тар дэ­лэ­гээс­си­йэ­лэ­рэ ил­дьэл­лэ­рэ бы­дан ор­дук»

Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин эргин Саха сирин тирэх пууна баарын истэ-билэ сылдьар буолуохтааххыт. Өрөспүүбүлүкэбититтэн хомуллан тиийбит…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күргэ бастакы тирэҕэ турда!

Өлүөнэ өрүс хаҥас кытылыгар, Табаҕа сиригэр-уотугар үөрүүлээх быһыыга-майгыга Өлүөнэ күргэтин бастакы тирэҕэр өйдөбүнньүк бэлиэни туруорар тэрээһин буолан ааста. Этэргэ дылы, бэҕэһээҥҥэ диэри саарбахтыыр санаалаах киһи, бүгүн миэстэтигэр тиийэн туох үлэ-хамнас ыытылларын…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Байыаннай дьайыы зонатыттан тиэхиньикэ Саха сиригэр аҕалылынна

Бэҕэһээ, алтынньы 25 күнүгэр, байыаннай дьайыы ыытыллар сириттэн былдьаммыт байыаннай тиэхиньикэ Аллараа Бэстээххэ кэлбитэ.  Бүгүн…

3 часа ago