П.И. Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолатыгар киирээт, “Тоойуом, үөрэхтээх-билиилээх киһи буоллаххына, талбыт идэҕинэн умсугуйан үлэлээтэххинэ, дьолгун булуоҥ, соргулаах олоҕу олоруоҥ, дьон киһитэ буолуоҥ” диэн суруктаах истиэндэҕэ хараҕым хатанна. Бу академик Афанасий Чугунов ыччаттарга туһаайбыт этиитэ – Тулагы оскуолатын оҕолорун суруллубатах быраабылата диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо.
2023 сыллаахха академик Афанасий Чугунов аатынан агротехнология уонна билим төрүттэрин үөрэтэр ресурснай киининэн буолбут оскуола үөрэнээччилэрэ кэлиҥҥи сылларга Москваҕа “Көмүс күһүн” быыстапкаҕа кыттан, кыһыл көмүс мэтээли аҕалаллара үгэскэ кубулуйда.
Оскуола дириэктэрэ, уопсай үөрэхтээһин кыһаларыгар дириэктэринэн үлэлээбит уопуттаах салайааччы Дмитрий Андросов оҕолорун былырыыҥҥы ситиһиилэрин кэпсии тоһуйда:
– Үөрэнээччилэрбит Москваҕа ыытыллыбыт “Көмүс күһүн” ас-үөл быыстапкатыгар кыттан, индюк этиттэн уонна соботтон тушенка оҥорон икки кыһыл көмүс мэтээллээх төннүбүттэрэ. Оттон оскуола кэлэктиибэ индюк этиттэн буспут уонна ыыһаммыт ветчинаны уонна бройлер-чоппуускаттан тушенка оҥорон, боруонса мэтээлинэн бэлиэтэммитэ. Онон 1909 сыллаахха тэриллибит оскуолабыт 115 сыллаах үбүлүөйүн былырыын суолталаах ситиһиилээх бэлиэтээтибит.
Иллэрээ сыл Москваҕа ыытыллыбыт «Көмүс күһүн-2023» Арассыыйатааҕы агропромышленнай быыстапкаҕа Саха сирин агро-оскуолалара ылбыт уон кыһыл көмүс мэтээллэриттэн сэттэтэ – Тулагы агро-оскуолатын ситиһиитэ. Онно көтөр этиттэн оҥорбут халбаһыларбыт араас көрүҥнэрэ бары бэлиэтэммиттэрэ. Онон билигин биһиги “Тулагы оскуолатыттан Москва чугас” диир кыахтанныбыт.
Оскуола кэм ирдэбилинэн араас сайдыы түһүмэхтэрин ааспыт. 2008 сылтан агро-хайысханан сайдар. 2010 сыллаахха оскуола иһинэн үлэлиир тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтиибэ тэриллибит. Кэпэрэтиип МТЗ-82, Синтай ХТ-244 икки тыраахтардаах, хортуоппуйу үүннэриигэ туһаныллар уонна оттуур тэриллэрдээх, Сатыы Талах уонна Орто арыы арыыларга ходуһалардаах, Надьылы учаастакка бааһыналаах, 10 төбө ынах сүөһүлээх, 38 төбө сылгылаах, сайыҥҥы кэмҥэ түргэнник ситэр салаанан – көтөр иитиитинэн дьарыктанар.
– 2012 сылтан Дьокуускай куораттааҕы дьарыктаах буолуу киинин кытта сөбүлэҥ түһэрсэн, оҕолор сайыҥҥы кэмҥэ лааҕырга үлэлээн, хамнас аахсаллар. Үөрэнээччилэри хамнастыырга өссө Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы дьаһалтата уонна биирдиилээн урбаанньыттар эмиэ өйөбүл буолаллар. Онон оҕолор үлэлэрин түмүгүн сыаналыы үөрэнэллэр, дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр эбии дохуот киллэрэн, бэйэлэрин номнуо көмө дьон курдук сананаллар. Кылаабынайа, кинилэр бэйэлэрин үлэлэрин түмүгүн көрөллөр уонна оскуола ситиһиилэригэр кыттыгастаах курдук буолаллар, – диэн бэлиэтиир оскуола дириэктэрэ Дмитрий Андросов.
Кэлэктиип көтөрү бүөбэйдээн таһааран бэлэмниир дьоҕус бройлер сыаҕы бэйэтин күүһүнэн туттубут. Научнай үлэни ыытар туспа дьиэлээхтэр. Ааспыт сыл күһүнүттэн дойду таһымнаах быыстапкаларга ситиһиилэнэр оскуола учууталлара эмиэ бэйэлэрин кыахтарынан, үксүгэр субуотунньуктаан, халбаһы сыаҕын уонна сибэкки үүннэрэр оранжерея тута сылдьаллар.
Дириэктэри кытта кэпсэтэ олордохпутуна, кини хоһугар икки уол уонна икки кыыс киирэн кэллилэр. Бу оскуола “сулустара” эбиттэр. “Үөрэнэр кыһаларыгар мэтээл, ситиһии аҕалар оҕолор” диэн билиһиннэрдэ Дмитрий Васильевич.
Марк Гуляев-Тихонов собону кэнсиэрбэлиир эбит. “Бу бырайыакпын саҥа баһылаан эрэбин. Бу иннинэ халбаһы оҥоро сылдьыбытым. Онон саҥа халбаһы сыаҕа тутулуннаҕына, баҕар, соботтон халбаһыы да оҥорон боруобалыам” диэн санаатын үллэстэр соботтон кэнсиэрбэ оҥорон, Москваҕа тиийэн бастаан, оскуолатыгар кыһыл көмүс мэтээли аҕалбыт 9-с кылаас үөрэнээччитэ.
Саамай уопуттаах көтөрү иитээччи, 6-с кылаастан саҕалаан, оскуоланы бүтэрэригэр дойду таһымнаах научнай-бырактыычаскай кэмпириэнсийэҕэ бастаан, «Национальное достояние России» диэн бочуоттаах ааты сүкпүт Мария Донцова – оскуола киэн туттуута. 11-с кылаас үөрэнээччитэ дьиэ көтөрүн иитиигэ түөрт сыл үлэлээбит уопуттаах. “Үлэбин түөрт сыллааҕыта 36 индюктан саҕалаабытым. Иккиэ буолан көрбүппүт-истибиппит. Биһиги научнай үлэни эмиэ ыытабыт. Аһатар астарбыт индюктарбытыгар хайдах дьайалларын үөрэтэбит. Чинчийии, кэтээн көрүү түмүгүнэн, көтөр ордук соботтон төлөһүйэр эбит диэн быһаарбыппыт”, – диэн кэпсээтэ Маша. Көтөрү хайдах көрөрү-харайары билэр кыыс, аны билигин дьиэтигэр бэйэтэ куруолук ииттэ сылдьар эбит. “Урут оскуолабытыгар эмиэ ииттэ сылдьыбыппыт. Онон көрөр-харайар үөрүйэхтээхпин”, – диир Маша.
8 кылаас үөрэнээччитэ Аэлита Гаврильева индюгу иитиини баһылаабыта үһүс сыла.
– Сайыҥҥы лааҕырга үлэлээн, 20 тыһыынча солкуобай хамнастанабыт. Оскуолабыт тиэргэнигэр кэлэн көтөрдөбүтүн аһатабыт, ыйааһыннарын кэмниибит. “Хайбрид” боруода ордук улахан ыйааһыннаах. Онон ииттэр буоллахха бу көрүҥ ордук, – диэн уопуттаах киһи быһыытынан сүбэ-ама биэрдэ Аэлита. Оттон кини кылааһынньыга, эмиэ 8-с кылаас үөрэнээччитэ Володя Добрянцев хортуоппуйу үүннэриигэ маастар эбит.
– 6-с кылаастан хортуоппуйу олордон саҕалаабытым. “Адретта”, “Вармас”, “Гала”, “Розара” суортары олордон үөрэтэбин. Хортуоппуйу көннөрү олордон кэбиспэппин, дьоммор хайдах олордору сүбэлиибин. Буоруттан тутулуктаах буолан, үүнүүгэ ол эмиэ дьайар. Мин научнай куонкурустарга кыттар буолан, чинчийии ыытабын. Ол иһин дьарыкпын сөбүлүүбүн, – диэн кэпсиир хортуоппуйунан дьарыктанар уол.
Оскуолаҕа бүгүҥҥү күҥҥэ Тулагыттан, Сыырдаахтан, Радиостанцияттан, Капитоновкаттан, Саталтан 719 оҕо кэлэн үөрэнэр.
– Үөрэнээччилэри бары маршруттарга (Саталтан ураты) оскуола икки оптуобуһа тиэйэр. Быйылгыттан биир симиэнэҕэ көстүбүт. Эбии үөрэхтээһин өҥөтүн туһаналларыгар кыах биэрээри, хас да кэбиниэти кылаастарга туран биэрдибит. Оҕолор эбиэт кэнниттэн ким туох баҕалааҕынан куруһуоктарга сөбүлээн дьарыктаналлар. Онон кэлиҥҥи сылларга биһиги оскуолабытыгар үөрэниэн баҕалаах оҕо ахсаана үксээтэ.
Оскуолабыт ситиһиитин истэ-истэ, биир идэлээхтэрбит улахан агро-оскуола буолан, үтүмэн үп көрүллэн, араас сыахтаах улахан тутуулардаах курдук саныыллар. Оннук буолбатах. Сүрүн сорукпут – оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан хас биирдии оҕону хаһаайынныы толкуйдаах ыал аҕата, ийэтэ буолууга, тыа сирин олоҕор сыстаҕас буола улааталларын ситиһии. Ол иһин биһиги түргэнник ситэр салааны сайыннаран, көтөрү иитэн, халбаһы, кэнсиэрбэ оҥорорго үөрэтэбит. Иитии үлэтэ сүрүннээн итиннэ олоҕурар, – диэн кэпсэтиибитин түмүктээтэ оскуола дириэктэрэ Дмитрий Андросов.
…Бу күннэргэ үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы мунньахтарыгар өрөспүүбүлүкэ учууталлара уопуттарын атастастылар, маастар-кылаастары ыыттылар. Тулагы орто оскуолатын дириэктэрэ Дмитрий Андросов уонна дириэктэри производственнай үлэҕэ солбуйааччы, оскуола кэпэрэтиибин салайар Михаил Петров бу тэрээһиннэргэ бастыҥ уопуттаах дьон быһыытынан ыҥырыыга сырыттылар.
“Салгыы эбии сайдарга, биллибэти аһарга, саҥа суолу тобуларга, үрдүк сыалы ситиһэргэ” ыҥырбыт академик Афанасий Чугунов кэс тылын толорон, Тулагы орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ сотору кэминэн тутулла турар халбаһы сыаҕа уонна оранжерея үлэҕэ киирдэхтэринэ, өссө үрдүк ситиһиилэнэн, ыырдара кэҥээн, оскуолаларыгар кыһыл көмүс мэтээли салгыы аҕала туруохтара.
Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…
Бу күннэргэ Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр “Симэх” национальнай кииҥҥэ “Аттаран тигии абылаҥа алыптаах…
Ил Дархан Айсен Николаев мииринэйдэри оройуон 60 сылынан эҕэрдэлээтэ. Тохсунньу 27 күнүгэр Мииринэйгэ үөрүүлээх тэрээһин…
Үгүлээт нэһилиэгэр “Эдэр ыччат-биир сомоҕо” култуурунай-спортивнай бэстибээл ыытылынна. Бу уопсастыбаннай диэйэтэл, бэлиитик Савва Михайлов кэриэһигэр…
Эти-хааны эрчийиэххэ. Дьиэ хомуйа, ас астыы сылдьан, дьыбааҥҥа сынньана сытан, кинигэ ааҕа олорон хаан эргииригэр,…
Үс эдэр киһи кэлбит дьоҥҥо остуолга кэчигирэппит, оччотооҕу Ленинград блокадатыгар курдук 125 кыраамнаах килиэби кытта…