Тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа улахан болҕомто уурулунна

Share

Былырыыҥҥы сыл түмүгүнэн Саха сирэ тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа Арассыыйаҕа биир бастыҥ эрэгийиэннэр ахсааннарыгар киирбитэ.

Биһиги Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев өрөспүүбүлүкэбит сирин-уотун, тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа сүрдээх элбэх үлэни ыытан турар. Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин тэрийэн, Арассыыйа таһымыгар Саха сирин ураты харыстанар сирдэрэ, бырамыысыланнаһы кытары айылҕаны харыстааһын эмиэ тэҥҥэ барар усулуобуйатын тэрийии диэн өйдөбүллэри киллэрбитэ. Ол сиэринэн билигин Саха сиригэр үлэлии сылдьар улахан хампаанньалар айылҕаны харыстааһыҥҥа, өрөспүүбүлүкэ социальнай сайдыытыгар үбүлээһини угар үгэстэрэ олохсуйбута. “АЛРОСА”, “Газпром”, “Росатом”, “Колмар”, о.д.а. улахан бырамыысыланнай хампаанньалар экологияҕа угар харчылара сылтан-сыл элбээн иһэр. Холобур, былырыын улахан хампаанньалар бу хайысхаҕа укпут харчылара 10,3 млрд солкуобайга тэҥнэспитэ.

— Биһиги айылҕабытыттан кэлтэй туһана эрэ олорорбут сыыһа. Айылҕабытын, тулалыыр эйгэбитин харыстыырбыт бырамыысыланнай улахан хампаанньалартан саҕалаан биһиэхэ хас биирдиибитигэр сыһыаннаах. Айылҕабытыгар биһиги бары дьиэбит-уоппут, тэлэгэһэбит курдук сыһыаннаһыахтаахпыт, ыраастык тутарга кыһаллыахтаахпыт. Экэниэмикэбитин сайыннарарбытыгар, ханнык баҕарар бырайыагы оҥорорбутугар, бастатан туран, тулалыыр эйгэбитин, өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕо чөл буолуутун көрүөхтээхпит, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев 2018 сыллаахха иһитиннэрэн турар.

Кини ити сыл өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар кэлэн баран биир бастакы ыйааҕын тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа туһулаабыта. Ол чэрчитинэн кэлиҥҥи биэс сылга тулалыыр эйгэҕэ куһаҕан эттиктэри таһаарбат туһугар үлэ ыытыллан кэллэ. Бу чааһыгар Саха сирин территориятын чинчийии, көрүү-истии балтараа төгүл улаатта. Бырамыысыланнаска үлэлии сылдьар хампаанньалар бэйэлэрин кэннилэриттэн хомуна-иминэ сылдьыылара, сокуону, быраабылалары тутуһуулара, улуустары, нэһилиэктэри кытары социальнай эйгэҕэ дуогабар түһэрсиилэрэ эмиэ күүстээх хонтуруолга ылыллыбыта.

Итини таһынан нэһилиэнньэ ыраас уунан хааччыллыыта эмиэ болҕомто киинигэр турар. Манна куораттарга, улуустарга ууну ыраастыыр станциялары тутуу улахан оруоллаах буолла. Дьокуускай, Мирнэй, Нерюнгри, Покровскай, Өлүөхүмэ куораттары таһынан Үөһээ Бүлүүгэ, Жатайга ууну ыраастыыр станциялар киирбиттэрэ. Билигин өссө Бэрдьигэстээххэ, Сунтаарга, Үөһээ Бэстээххэ, Алтаҥҥа, Аммаҕа үлэлэр бара тураллар.

Өр кэмҥэ кыайтарбатах бөҕү-саҕы ыраастааһын боппуруоһа билигин сытыытык турбат буолла. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн кытаанах бөҕү-саҕы хомуйуу, көҥүлэ суох бөҕү тоҕуу барыта хонтуруолга ылылынна. Хоту улуустарга тимири ыраастааһын эмиэ бу кэлиҥҥи сылга күүскэ барда. Итини таһынан бөҕү наардааһын култуурата дьон-сэргэ ортотугар киирэн эрэрэ үөрдэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһыммыт сылыйда диэн үөрээхтиибит да…

Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Кэлэр сылга уоппусканы ханнык ыйга ылар табыгастааҕый?

Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Һунтаар һаҥа һыла — Хатаска»

Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх,  Хатас…

1 час ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Уонна…»: Зоя Сылгытова

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…

2 часа ago
  • Сонуннар

Электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар

Билигин электрогенерация  биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэҕэ диализнай киин аһыллыытын былаанныыллар

Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…

3 часа ago