Салгыы
«Тулалыыр эйгэни тапталынан ылынарга…” («Аарыма» кинигэҕэ санаалар)

«Тулалыыр эйгэни тапталынан ылынарга…” («Аарыма» кинигэҕэ санаалар)

05.08.2024, 09:00
Хаартыска: М.Томская
Бөлөххө киир:

Александр Амбросьев-Сайылык Уола «Аарыма» кинигэтин Аан тылын маннык тылларынан арыйар: «Күндү ааҕааччыларым! Алаас тыатыгар төрөөбүт, онно оҕо сааһа ааспыт Аарыма диэн икки атахтаахтар ааттаабыт бөрөлөрүн тус олоҕун уран тыл күүһүнэн ойуулаан көрдөрөр уус-уран айымньыттан кини эрэдэһиннээх дьикти олоҕун кытта билсиһиэххит, айылҕа алыптаах туонатыгар сылдьыаххыт. Арыт алдьатыылаах адьырҕа эрэ курдук ылынар кыылбыт бэйэтэ тус анал ыйаахтаах, айылҕа тутуллан турар тосхолун иһинэн олох олорон ааһарын, атын-атын сиэрдээхпитин-майгылаахпытын таһынан олус майгыннаһар өрүттэрдээхпитин манна билсиэххит…».

Сайылык Уола сэһэн сүрүн дьоруойа алаастаах тыаҕа үөскээбит аһыылаах адьырҕа аарыма бөрө иһигэр саныыр санаатынан суруйар. Айымньы Аар айылҕа туонатыгар сылдьааччылар тот, тыыннаах сылдьар, олох туһугар туруулаһар кырыктаах кыыл адьырҕалар уонна киһи диэн икки атах­таахтар мүччүргэннээх түгэннэринэн тула өттүнэн толору да буоллар үтүө, кырдьык санаа кыайарыгар дьулуһуу эргиччи сиппитэ-хоппута ааптар сүҥкэн суолталаах ситиһии­тинэн ааҕабын.
Аарыма бөрө хараҕынан аан дойдутун сирин-уотун, тыатын көрөр-истэр, ыраастыыр, итии сүрэҕинэн көмүскүүр, харыстыыр, таптыыр.
Александр Амбросьев-Сайылык Уолун «Аарыма» сэһэнигэр, мин саныахпар, сир диэн планетаҕа төрөөн-­ууһаан, тулалыыр эйгэтин тыынар өлбөт мэҥэ салгынын, эйэлээх хал­лаанын кэлэр көлүөнэлэргэ харыстаан, тыынарга-тыыммакка барытыгар иллээхтик сыһыаннаһан, өйдөһөн, наада буоллаҕына, өс баайар санааны киэр кыйдаан олох олорон ааһар ыра санаалаах киһи аймахха омугуттан тутулуга суох хас тэбэр итии сүрэхтээҕи кутун-сүрүн долгутарга, толкуйдатарга туһаайыллыбыт Улуу Ийэ Айылҕа саҥата илэ иһиллэргэ дылы.

Дьылҕа, ыйаах – сур бөрөлөр холобурдарыгар

Сэһэҥҥэ кэпсэнэр аар тайҕа суостаах-суодал­лаах адьырҕалара Аарыма, Хоһуун, Кырыктаах Аар Ийэ Айылҕалыын силлиһэ сил­бэспит биир куттаахтар, биир тыыннаахтар. Кинилэр айылҕа солбуһар, уларыйар дьыл түөрт кэмин кытары биир кэлим тэтимнээх арахсыбат олохтоохтор. Бу тайҕа үс адьырҕата хас биирдиилэрэ төрүт хааннарыттан илдьэ кэлбит бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспат, тус-туспа олохтоммут халбаҥнаабат ыйаах­таах, дьылҕалаах бөрөлөр. Билиҥҥи өйдөөхтөр этэллэринэн, киһи-аймах ааспыт эбэтэр бу олоҕор хайдах майгылаах: үтүө, мөкү дьайыыны бэйэтигэр, тулатыгар оҥорор даҕаны соннук кармалаах буолар. Ол эбэтэр карма диэн Дьылҕа Хаан тулхадыйбат ыйаа­ҕа. Дьылҕа Хаан анаабыт ыйааҕа тыйыһа дуу, алгыстааҕа дуу ким хайдах олоҕун олорон ааспытыттан тутулуктааҕын бу сур бөрөлөр холобурдарыгар ааптар ырылхайдык көрдөрөр.
… Аарыма кэнникинэн мөлтөөн иһэрин сүрэҕэ таайан, санаарҕаан икки атахтаах ыала киһиэхэ ытыгылата, бэйэтин олоҕун дьаһайтара бара сылдьыбытын анарааҥҥыта буолуммакка тоҕо эрэ тыыннаах хаалларар. Ол эрээри, ааҕа олорон бу сөптөөх, мындыр быһаарыы диэн сөбүлэһэҕин. Эбэтэр Аарыма үтүө сиэрдээх-майгылаах тыа төрүт мындыр үөрэҕин, халбаҥнаабат итэ­ҕэлин илдьэ сылдьар сырдык өйө-санаата син биир сулус­таах күн куйаар кэһиллибэт илин эргиирин кэриэтэ бу Сир Ийэ өссө даҕаны кэлэр кэнэҕэски сүһүөх икки атах­таах ыччат дьоно, кыыла-сүөлэ бэйэ-бэйэни кытары сиэрдээхтик ыаллаһарын, алтыһарын араҥаччылыы, арчылыы хааллаҕа.
Ааптар бу айымньытыгар үөрүү, кыайыы-хотуу өрөгөйө, хомолто, хотторуу курус тыына – барыта күн, ый, сулустар, аар айылҕа арыаллыыр ибирдэһэр долгуннарын доҕуһуолунан аргыстаһар.

Эйгэлиин бииргэлэһэн

Александр Амбросьев-Сайылык Уола Сунтаар Кириэстээҕэр сүрэҕэ сыстар, таптыыр идэтинэн сылгы иитии­тинэн идэтийэн дьарыктаммыта ырааттаҕа. Этэллэринэн буоллаҕына, киһи ханнык эйгэҕэ өр алтыһан, дьаныһан үлэлиир даҕаны ол тулалыыр эйгэ салгынынан толору туолан, кута-сүрэ бииргэлэһэн хаалар. Ол эбэтэр биһиги көрөрбүтүнэн, Аар Айылҕа киһи кута-сүрэ, айар кута сайдарыгар туохха даҕаны тэҥнэммэт улуу күүс.
Эбэтэр Сайылык Уола бу сэһэнигэр саха эр киһитин сүрэҕэр өбүгэлэрин хаана устар сырдык сыккыс кыымын, ыраас дьүүктэ таммаҕын дириҥник харыстаан илдьэ сылдьарын бүтүн киһи аймахха утары уунар.
Мин санаабар, сэһэн саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри дьикти алыптаах турук, ханнык даҕаны түгэҥҥэ кырдьыгы туруулаһар кэми-кэрдиини билинэр сиэрдээх майгы, эрэл эрдиилээх күүстээх долгун ааҕар киһини өрө көтөҕө сылдьар кэриэтэ.
Манна ааптар туохха да тэҥнэммэт сир-халлаан кутаа­ланар олох улуу күүһүн – Сир Ийэ, мэндэл халлаан, Аар айылҕа тапталларын хаһан даҕаны тохтообот тойуктарын иһитиннэрэн ааһарга дылы. Атыыр уонна тыһы – икки дуолан, сүдү күүстэр бу тула иилии эргийэ, үҥкүүлүү тураллар. Дьахтар уонна эр киһи – олох кэрэ ырыалара, айымньылара.
Сэһэҥҥэ элбэх дьоруойдар ахтыллан ааһаллар. Барыылаах Баай Байанай, Ийэ айылҕа-күн, ый, сулустар, тымныы, тыал, сиккиэр, былыттар, күөл, үрэхтэр, дьүкээбил.

Уобарастарга кутун-сүрүн толору биэрэрэ сөхтөрөр

Сэһэҥҥэ, мин бэлиэтээн аахпыппынан, айылҕа көстүүлэрин кэрэ ойуулара быһа барыллаан түөрт уонча сиргэ көстөн ааһар. Айылҕа көстүүтүн уран тыл оһуорунан ойуулуур ааптар хас биирдии түгэнэ хатыламмат дьикти алыптаах, тыыннаах туохха да тэҥнэммэт кэрэ хартыына.
Сайылык Уолун маннык мааны, ураты уран кэрэкэ тылын ойуута кини хоһоон айар, суруйар биир күүстээх өрүтэ сэһэни эргиччи өттүнэн киэргэтэ, тыаһын-ууһун тупсара, өҥүн-дьүһүнүн дьүһүлгэнин оонньото, ситэрэ-хоторо сылдьара буолар. Эбэтэр бу сэһэн бэйэтэ нарын-намчы хо­­һоон уус тылын аптаах киистэтинэн суруллубут проза тэҥэ. Бу олоххо этэллэринэн, санаа­ны ситэри-хотору толору этэргэ ордук сиппит-хоппут тылынан поэзия тыла буолар. Ааптар туттар тылын имигэһэ, тэбэр-тэйэр тэтимэ ааҕар киһи кутун-сүрүн таарыйар. Тыл-өс имигэһэ күн куйаарга санаа сайдар, кэҥиир, үрдүүр долгунун кытары тэҥҥэ барсан иһэрин туоһута.
Сайылык Уола бэйэтэ куттуун-сүрдүүн бөрө уобараһыгар киирэн олорон суруйара киһини сөхтөрөр, тыынар-тыыммат бары эт­­тиин-хаанныын курдары таайсан өйдөһөр биир төрүттээх, биир дьылҕалаах күн санаа куйаарын оҕолоро, сулустар кыырпахтара буоларбытын итэҕэйэ саныыгын. Оннук санаа ордук чаҕылхайдык «Ытык ыра туолуутугар» ааптар олох ураты гиимнин курдук суруйбут түгэнигэр көстөр.

Күн Сиккиэрэ

Маннык айымньыны суру­йуу тустаах киһиттэн сүҥкэн үлэни, улуу сыраны, сөҕүмэр дьулууру эрэйэрэ чахчы.
Сайылык Уолун айымньытын тыла-өһө кини сүрэҕин тэбиитин, тыынар салгынын кытары биир кэлим ситимнээх айыы тыынын сырдыгынан аан дойдуну өлбөт мэҥэ тыын кэриэтэ угуттуу сылдьар. Аан дойдуну айар-тутар уус-­уран тыл улуу күүһэ бу буолар. Ааптар ону кыайа тутан, ааҕааччы сүрэҕин, кутун-сүрүн абылыыр.

Елена АНТОНОВА-КҮН СИККИЭРЭ, Мария ТОМСКАЯ хаартыскалара

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 декабря
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: