Үгүс хаһаайка сүөһү тыҥатын аска туттубат, ол оннугар ыкка быраҕар идэлээх. Ити эрээри, тыҥаттан даҕаны бэрт амтаннаах ас астанар.
Тыҥаны үчүгэйдик ыраастыыбыт, сууйабыт, сымнаҕас эттигин ылабыт уонна бөдөҥ соҕус куһуоктарынан кырбаан баран, туустаах ууга чаастан ордук буһарабыт. Сөп буолла диэтэхпитинэ, хоторобут уонна моркуоптаах луугунан оҥоһуллубут тумаҕа булкуйан, амтана киирдин диэн аҕыйах мүнүүтэ сытыара түһэн баран, сиибит.
Туманы оҥорорго бастаан луугу ыһаарылыыбыт, моркуобу түөркэлиибит уонна иккиэннэрин холбуу булкуйабыт, кыратык ынах арыытын уонна ыстакаан аҥаара оргуйбут ууну кутабыт. Итиэннэ оһоххо туруоран кыратык тэптэрэ түһэбит.
Тоҥнуу сиири таһынан, быартан араас аһы астыахха сөп. Олортон мин биир судургу ньыманы кэпсиибин.
Быары сууйабын, бөлүөҥкэтин хаҕылаан ылабын, синньигэс соҕус гына кырбыыбын. Быар сибиэһэй буоллаҕына, үүккэ сытыарар наадата суох. Салгыы бурдукка былыыбын уонна булкуйа-булкуйа, үрдүк хобордооххо мас арыытыгар ыһаарылыыбын. Эрдэ бөдөҥ гына кырбаан бэлэмнээбит луукпун эбэн, өссө сырдьыгыната түһэбин. Түөрт остолобуой ньуоска сүөгэйи кутабын, миин (бульон) баар буоллаҕына ону быары сабыар диэри кутан баран, хобордооҕу хаппахтыыбын, уотун кыччатан, булкуйа-булкуйа, кыратык күҥкүтэбин. Бульон суох түбэлтэтигэр, оргуйбут итии ууну кутабын.
Күҥкүтэн буһарарга сэттэ-аҕыс мүнүүтэ сөп буолар. Хобордооҕу оһохтон таһаарыам иннинэ лавровай сэбирдэҕи угабын уонна икки мүнүүтэнэн, амтанын биэрдэ да, төттөрү ылабын. Тоҕо диэтэххэ, лавровай сэбирдэх итинтэн уһун кэмҥэ хааллардахха, ас амтанын уларытар. Оттон быары аһара өр буһардахха, кытаатар уонна амтанын сүтэрэр, ол иһин сөбүн көрөн буһарыллар. Гарнирга хортуоппуй пюрета барсар.
Сүөһү үрүҥ иһин: сүрэҕин, быарын ыраастаан, сууйан, бытархай соҕустук кырбыыбын, сөбүн көрөн хортуоппуй, эриэппэ луук, туус, биэрэс, икки өлүүскэ чочунаах, укуруоп эбэбин. Барытын буккуйабын.
Итир сыатын сууйан, улахан электрическэй хобордооххо тэнитэ уурабын. Онно ити бэлэмнээбит аспын уурабын итиэннэ үрдүнэн эмиэ итир сыатынан сабан бүрүйэбин. Хобордоохпун холбуубун, уотун бастаан улаханыгар туруорабын, оргуйда да кыччатан, чаас курдук күҥкүтэн буһарабын. Араарарым саҕана күөх луугу кутабын.
Сууйан уонна ыраастаан баран, тылы өр буһарабын, уута оргуйбутун кэнниттэн уотун кыччатабын. Буһарын саҕана, күөстэн таһааран итиитигэр хаҕын чаарас гына быһан ылабын уонна тылы синньигэс гына кырбаан баран, төттөрү кутабын.
Сахалыы лапса оҥоробун уонна биир кыра лавровай сэбирдэхтэн ураты туох да туматын куппаппын. Кыратык ис сыатын кырбаан куттахха, амтана тупса минньийэр.
Бүгүн, тохсунньу 25 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар 53 кыраадыска тиийэ тымныйара күүтүллэр диэн УГМС…
Тохсунньу 23-26 күннэригэр Красноярскайга үгэскэ кубулуйбут норуоттар икки ардыларынааҕы көҥүл тустууга Иван Ярыгин Кубога буола…
«Уол Дуолан бухатыыр» олоҥхо ааптара Митрофан Захарович Мартынов-Бөөдөс уола Кутанаттан төрүттээх олоҥхоһут. Митрофан Мартынов Сунтаар…
Саха сирин үтүөлээх этээччитэ Василиса Васильевна Винокурова тохсунньу 22 күнүгэр 85 сааһын туолла. Аҕа саастаах…
Ыйытыы: Дьиэ-уот уонна хапытаалынай усунуос төлөбүрдэригэр байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр толуйуу көрүллэр дииллэр. Ол…
Олохтоох маршруттарынан айан иһин 2025 сыллааҕы судаарыстыбаннай бүддьүөт туһунан сокуону чуолкайдааһыҥҥа көрүөхтэрэ. Маннык сорудаҕы Саха…