Тумулга түмэл түмүөн түмтэ

Share

Сунтаарга Кутана сэлиэнньэтин иһинэн Тумул диэн учаастак баар. Манна олохтоох дьон сайылыыр эрэ эбит буоллахтарына, кэнники сылга биллэ сэргэхсийдэ. Быйыл Тумулуга үс мэндиэмэннээх таас түмэл тутулунна.

«Тумулга үс мэндиэмэннээх таас түмэл тутуллубут үһү», — диэн уруккулуу ыҥырыынан икки сүүс киһи тоҕуоруһа түмсэн, умнуллубат күн ааста. Ытык маска сахалыы, күлүнэн бэлиэтэнэн, Аар Кудук чэрчи маһы анньан баараҕай түмэл аанын тэлэйэ аста. Түмэли Бу Тумултан тɵрүттээх, «Уран Саха» салайааччыта, уран уус Лука Егоров биэс сыл устата тутан дьэндэттэ.

Хаартыска Тускулаана Горохова-Кобельянова тиксэриитэ

Кулуһуҥҥа буспут ис миининэн, биэ кымыһынан күндүлэнэн, оһуохай дьиэрэйдэ, ыһыах дьоро түгэнин санатта. Тэрээһиҥҥэ Лена Егорова 93 сылтан хомуйбут ахтыыларын түмэ тардан, Анетта Егоровалыын «Ытык Тумул» диэн кинигэни сүрэхтээтилэр.

Салгыы Тумултан тахсыбыт сулус, Социалистическай үлэ Дьоруойун Дмитрий Андреев аатын үйэтитэн олус тупсаҕай, кэрэ кɵстүүлээх искибиэр арылынна. ϴйдɵбүнньүк улуус, нэһилиэк дьаһалталарын уонна дьоннорун кɵмɵлɵрүнэн тутулунна.

Хаартыскалар Т.Горохова-Кобельянова тиксэриилэрэ

Тумуллар Дьокуускайтан, Амматтан тиийэ кэлэннэр олус астыммыттарын, дьолломмуттарын биллэрэллэр.

Аны доҕоттоор, Саха сирин норуотун маастара, уран уус Владимир Куприянов кэргэнинээн Ольгалыын «Ытык Тумул» диэн сынньанар түһүлгэни спыттарын кɵрɵн кэрэхсээтибит.

Тускулаана Горохова-Кобельянова,

Сунтаар.

Хаартыскалар Т.Горохова-Кобельянова тиксэриилэрэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

2 часа ago