Тумуллар оскуола өрөмүөнүн туруорсаллар
Бэҕэһээ, олунньу 20 күнүгэр, Хаҥалас улууһугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин ситэриилээх былааһын уорганнарын отчуота саҕаламмыта. Бөлөҕү СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов салайар.
— Никита Гаврилович Соломонов төрөөбүт сиригэр Тумулга отчуот кэмигэр сылдьан, суолу-ииһи, тутуу, ОДьКХ эбийиэктэрин, олохтоохтору кытта оскуола өрөмүөнүн боппуруостарын дьүүллэстибит. Уһулуччулаах учуонай Никита Гаврилович Соломонов аатын үйэтитэр дьаһаллар чэрчитинэн кини аатынан түмэли өйүүргэ кэпсэттибит.
Тумул нэһилиэгэ кэрэ айылҕалаах — Өлүөнэ очуостарын утары турар улахан туристическай кыахтаах нэһилиэк. Инникитин манна туристическай маршруттары ырытан оҥоруу уонна инфраструктураны сайыннарыы былааннанар, – диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов ТГ-ханаалыгар суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: