Мэҥэ Хаҥаласка ситэриилээх былаас ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуота бүгүн Доллу нэһилиэгэр салҕанар. Бэҕэһээ нэһилиэк олохтоохторо Хочо сэлиэнньэтигэр баран улуустааҕы Култуура уонна успуорт эстафетатыгар кыттан кэлбиттэр. Аны бүгүн отчуоту истэ, сыаналыы түмүстүлэр.
Отчуоттуу кэлбит иккис бөлөххө тумуллар туох туһунан туруорустулар, тугу ыйыттылар? Оскуола дириэктэрэ Семен Десяткин оскуолаҕа сыһыары дьиэни тутууну боротокуолга киллэрэргэ туруоруста. Ону «Судаарыстыбаннай сакаасчыт сулууспата» тэрилтэттэн кыттар Гаврил Эртюков инвест-бырагыраамаҕа хайдах ирдэбиллэри тутуһан киирсэри сүбэлээтэ.
Тарас Гаврильевич Десяткин 100 сылыгар бэлэмнэнии чэрчитинэн хамыыһыйа хаһан тэриллэрин оскуола дириэктэрэ чопчуласта.
Нэһилиэк баһылыга Николай Сивцев бырамыысыланнас, геология миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Кириллиҥҥа нэһилиэккэ гааһы кэмигэр киллэттэрии үлэтин ыыппытын, Дьокуускайга Тарас Десяткин пааматынньыгын үп булан туруортарбытын иһин махтанна.
«Манчаары» кэпэрэтиип Бөкөттөн үүт туттарбыт Карамзиннар бааһынай хаһаайыстыбаларыгар туппут үүтүн иһин 500 тахса тыһ. иэстээҕин төлөөбөккө олорор эбит. Ол туһунан учуутал Анастасия Дагданча туруоруста. Онон моҥкуруут барбыт «Манчаары» иэһин төлүүрүн тустаах министиэристибэ хонтуруоллууругар этилиннэ.
«Инбэлииттээх дьоҥҥо судаарыстыба бырагырааматынан дьиэнэн хааччыйаллар дуо?» диэн ыйытыы киирдэ.
Бэтэринээр идэлээх Алексей Пономарев былырыын үөрэҕи бүтэрбит 1 бэтэринээр кэлбитин, тыа хаһаайыстыбатын үөрэҕин бүтэрбиттэр тыаҕа үлэлии кэлбэттэрин сэмэлээтэ.
Ити курдук, тумуллар араас ыйытыылары биэрдилэр, санааларын эттилэр.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038