Салгыы
“Тундра”: «Эр киһи Ийэ дойдутун көмүскүөхтээх»

“Тундра”: «Эр киһи Ийэ дойдутун көмүскүөхтээх»

Ааптар:
21.09.2023, 09:36
Бөлөххө киир:

Байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, «Тундра» диэн позывнойдаах Абыйтан төрүттээх байыас сулууспалаабыта балачча өр буолбут. Аны туран, кини снайпер. Мээнэ киһи снайпер буолбатаҕа чахчы. Салгыы кинини кытта Запорожьеҕа сылдьар кэммитигэр кэпсэтиибитин ааҕыҥ.

Оскуола кэнниттэн

— Бэйэҥ тускунан кылгастык билиһиннэр эрэ.

— Оскуоланы бүтэрэн баран, ХИФУ-га Технологическай институкка киирбитим. Ол сырыттахпына, аармыйаҕа сулууспалыырга ыҥырбыттара. 2014–2015 сс. Уссурийскайга ВДВ 83‑с биригээдэтигэр этэҥҥэ сулууспалаан төннүбүтүм. Үөрэхпин салгыахтаах этим да, Белай Гораҕа Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин баһаарынай чааһыгар үлэлии киирбитим. Аҕыйах кэм үлэлээн баран, төрөөбүт дойдубар, Абый сэлиэнньэтигэр дизельнэй уот ыстаансыйатыгар машиниһынан үлэлии тиийбитим. Онтон салгыы Дьокуускайга кэлэн, Нам сэлиэнньэтигэр оскуоланы тутууга вентиляцияны тарда сырыттахпына, байыаннай дьайыыга сулууспалыы барарга бэбиэскэ кэллэ диэн эппиттэрэ. Алтынньы 12 күнүгэр байаҥкамааҥҥа тиийэн, бэбиэскэбин илиибэр туппутум.

Снайпер буолуу

— Хаһан, хайдах снайпер буолбуккунуй?

— Сарсыҥҥытыгар Владивосток куоракка көппүппүт. Онно икки нэдиэлэ байыаннай дьыалаҕа дьарыктаабыттара. Доннааҕы Ростов куоракка сэтинньигэ тиийбиппит. Салгыы Донецкайга ыыппыттара, тута маҥнайгы кирбиигэ киирбиппит. Мин онно наводчик-оператор диэн этим. Ол аата, артиллерия ытыан иннинэ сыаллаан биэрээччи диэн. Онтон салгыы Новодонецкайга командировкалаабыттара. Онно өстөөх кимэн киириитин утары турбуппут. Сотору буолаат, Ялтаҕа полигоҥҥа илдьибиттэрэ уонна атын чааска көһөрбүттэрэ. Миигин онно снайпер буолаҕын диэн бирикээстээбиттэрэ. Полигоҥҥа бэлэмнэнэр кэммитигэр, биир полковник сүбэтинэн-аматынан миигин снайпер оҥорбуттара. Ол полковник 100 м ыраах 30 калибрдаах буулдьа гильзатын туруорбутун бастакы ытыыбар таппытым. Ханнык да оптическай прибору туһамматаҕым. Адьас үчүгэй эбиккин эбит диэн хайҕаабыттара. Соторутааҕыта снайперскай бинтиэпкэни биэрбиттэрэ. Бу иннинэ атын саалаах этим. Позицияттан позицияҕа көһө сылдьан, утарыта киирсиигэ кыттыаҥ диэн эппиттэрэ. Снайпер быһыытынан дьэ бу саҥа киирээри бэлэмнэнэ сылдьабын, улахан уопутум суох. Отделениеҕа бүлүмүөтчүк, автоматчик, гранатометчик бааллар. Бастаан утаа ротациябыт үс күннээҕэ: ол аата, үс күн сулууспалыыбыт, үс күн сынньанар этибит. Ол билигин уларыйан, ыйы быһа сулууспалыыбыт уонна нэдиэлэ сынньанабыт.

Килиимэт, суол-иис…

— Запорожье килиимэтэ хайдах эбит дии санаатыҥ?

— Күнүһүн итии, сылаас, оттон түүнүн тымныйар. Ичигэстик таҥна сылдьыбыт ордук. Биир сиргэ өр кэтээн олоруллар, хамнаныы эҥин аҕыйах, онон киһи тоҥор. Утуйар мөһөөччүктэн саҕалаан наадалаах тэриллэр барыта бааллар. Уһун ардахтарга адьас куһаҕан, сииктээх, сыырастаах буолар эрээри, биир өттүнэн үчүгэй. Былыттаахха, ардахха “птичкалар” көппөттөр. Аһара күүскэ ардаатаҕына, суол-иис быста алдьанар, тиэхиньикэ сырыыта аҕыйыы түһэр. Онон уһун сири-уоту сатыы хаамарга күһэллэбит. Кыһынын өссө тымныы буолар. Хаара аҕыйах буолар, ааспыт кыһын үс эрэ күн хаар сыппыта уонна ууллубута. Сииктээх, инчэҕэй буолан, тыала-кууһа олус сытыы, талах чыпчаххайынан быһыта биэртэлиир курдук буолар. Адьас киһини курдары үрэр. Сиик саамай куһаҕан, сииктэн киһи сыыстаран ыалдьара элбэх. Сөтөлүнэн киирэр. Ол эрээри, эминэн-томунан хааччыллыы үчүгэй. Үксүн антибиотиктар абырыыллар. Аһынын-үөлүнэн хааччыллыы этэҥҥэ, үчүгэй.

Саһыл хорооно…

— Окуопаҕа эбии саһыл хорооно диэни хасталлар эбит.

— Ыксаллаах быһыы-майгы буолан бөҕө буоллаҕа. Окуопаҕа саһыл хорооно диэн элбэх байыаһы абыраата, ол аата, окуопа иһигэр окуопа баар. Өстөөх өттүн диэки итинник окуопаны сүрэҕэлдьээбэккэ-хайаабакка хайаан да хастыахха наада. Холобур, снаряд окуопа иһигэр түһэр түгэнигэр да байыас тыыннаах хааларын хааччыйар аналлаах. Ытыалааһын, “көтүү” буолла даҕаны, ол иһигэр киирэн сытынан кэбиһиллиэхтээх.

Ырыа аралдьытар

— Бу сылдьар кэмҥэр элбэҕи эргитэ саныырыҥ буолуо.

— Оннук. Олорон ааспыт олоҕу уонна инники өттүгэр хайдах олорору толкуйдуур эбит киһи. Ытыалаһыы, киирсии буоллаҕына, сахалыы патриотическай ырыаны истэбин, ордук Аскалон Павлов ырыаларын. Мин эрэ буолбатах, үгүспүт истэр. Ырыаны истээт, тута киһи санаата көнөр, бойобуой тыын киирэр. Киджа “Хотойтон хотойдор” диэн ырыата олус чугас.

Утарсааччыгын  сэнээмэ…

— Төрөөбүт Ийэ дойдугун көмүскүү сылдьар киһи быһыытынан тугу этиэххиний?

— Ким хайдах саныырынан буоллаҕа… Ол эрээри, эр киһи хайаан да Ийэ дойдутун көмүскүөхтээх диэн санаалаахпын, толкуйдаахпын. Мин баҕа өттүбүнэн кэлбитим. Үс ый сылдьыам дии санаабытым уонна уһаан хааллым. Тустууга тириэньэрим Василий Хабаров куруук “Хаһан да утарсааччыгын сэнээбэт буол” диэччи. Кини этиитин өрүү саныыбын. Кинилэр эмиэ дьоннор, эрчиллиилээхтэр, уопуттаахтар… сэниир хайдах да табыллыбат. Тактикалара маннык. Бастаан утаа артиллерияларынан куһуурдаллар, онтон дьэ киирэллэр. Куттаммат, саллыбат киһи диэн суох буолуо. Мин бэйэм өрүү куттанабын. Ол эрээри, эр киһибин диэн санаа баһыйан, барытын хомуна туттаҕын, уоскутунабын. Тааҥка ытыыта олус түргэн, ытта — ол биир-икки сөкүүндэнэн кэлэр. Бу — 500 м. Дьэ ол кэлэн түһэн эстиитэ ынырык буолар. Ити кэмҥэ ыксаан уолуйуллуо суохтаах. Аттыбытыгар түһэрэллэр бөҕө буоллаҕа. Окуопаҕа сыттахпытына, икки миэтэрэлээх сиргэ «камикадзе» түһэн турар. Биһиги дьолбутугар, эстибэтэҕэ ээ. Эстибитэ буоллар да, алдьатыыны аҕалыа суох этэ. Биһиги окуопаҕа олох аллара сыппыппыт. “Пролет” диэн хамаанда биэрэллэр, оччоҕо тута окуопа диэки куотуллар. Билигин үөрэннибит үксүбүт. Хайа диэкиттэн снаряд иһэрин уонна ханнык-туох сэрии-сэбэ ытыалаан эрэрин эрдэттэн быһаарар кыахтанныбыт.

Дьоммун кытта өрүү билсэ турабын

— Ийэбин-аҕабын кытта өрүү билсэ олоробун. Балтылаахпын уонна бырааттаахпын. Ыалбын. Быйыл уоппускабын кулун тутарга ылбытым уонна ырааҕа бэрт буолан, дойдубар Абыйга кыайан тиийбэтэҕим. Дьонум Дьокуускайга да бааллар. Хамнаспыт этэҥҥэ кэлэ турар. Социальнай бэриллиэхтээх көмөнү ылбытым.

Запорожье — Саха сирэ — Запорожье.

+1
16
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: