Туобуйалар уонна хоролор доҕордоһууларын ахсынньы тымныыта мэһэйдээбэт

Share

 Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһун Туобуйа нэһилиэгин дэлэгээссийэтэ, кинилэртэн оруобуна 200 км ыраах сытар, суола-ииһэ букатын суох Өлүөхүмэ улууһун Хоро нэһилиэгэр «Бөлөрүүс» тыраахтар арыалланан, икки УАЗ-гынан ыраах айаҥҥа туруммуттар. 

Дьэ итиччэ ыраах уонна адьас суола-ииһэ суох, этэргэ дылы, былыр соломмут оһон эрэ бырасыакаларынан тоҕо да дугуйданнылар диэххит. Өрдөөҕүттэн туобуйалар уонна хоролор билсэллэр, ыаллаһаллар эбит. Икки өттүттэн аймахтара элбэхтэрэ иһиллэр. Маны этэн эрдэхтэрэ, хаан тардыһыылаах диэн.

Туобуйа дэлэгээссийэтэ мээнэҕэ ыраах аттамматах.  Ахсынньы 1 күнүгэр  Хороҕо Элбэх хайысхалаах духуобунас, култуура уонна успуорт киинэ аһыллыытыгар кыттардыы эрдэ айаннаабыттар эрээри, хомойуох иһин, суол мөлтөх буолан уонна бөлөрүүстэрэ аара алдьанан хойутаан тиийбиттэр. Оруобуна балтараа суукка кэриҥэ айаннаабыттар.

Хоро култууратын киинин дириэктэрэ Марина Габышева: «Хоролор уонна туобуйалар доҕордоспуппут ыраатта. Бу шефтэһиини көҕүлээччинэн Туобуйаттан төрүттээх Хороҕо өр сылларга олорон учууталлаабыт ытык-мааны киһибинэн Афанасий Яковлев буолар. Кинилэр аймахтара биһиэхэ элбэхтэр. Култуура саҥа дьиэтэ үлэҕэ киирэр үтүөкэннээх тэрээһиҥҥэ төһө да хойутаан кэллэллэр тута кыттан барбыттара.  Тоҕус буолан, икки массыынанан өр уонна букатын суола-ииһэ суох суолунан сууккаттан ордук кэм айаннаабыттар. «Бөлөрүүс» арыаллаабыт. Сарсыныгар төгүрүк остуол тэрийэн, араас боппуруоска  уопут атастаһыыта буолбута. Ону тэҥэ, «Туобуйа уонна Хоро» диэн ааттаах бары кыттыһан, бэртээхэй кэнсиэри туруорбуппут. 

Кинилэр бүгүн, ахсынньы 4 күнүгэр, сарсыарда 6 чааска дойдуларыгар туруммуттара. Этэҥҥэ айанныылларыгар баҕарабыт. Түгэнинэн туһанан, туобуйаларга бу саҥа дьиэбит үлэҕэ киирэр үтүөкэннээх тэрээһиҥҥэ ити айылаах тоҥуу хаары хайытан уһун-унньуктаах айаны айаннаан кэлэн, эҕэрдэ, алгыс бастыҥын этэн барбыттарыгар ис сүрэхпититтэн махтанабыт.  Бу шефтэһиибит  үйэлэри уҥуордууругар баҕарабыт. Биһиги, хоролор, Туобуйаҕа  халлаан сылыйан, күн уһуур кэмигэр саас тиийээччибит«, — диэн кэпсээтэ.

Туобуйалар бүгүн сарсыарда эрдэ арахпыттар. Ол аата билигин айан бөҕөтүн айаннаан истэхтэрэ.  Этэҥҥэ дойдуларын буллуннар диэн алгыс тылларын этэбит.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

8 часов ago