Туох барыта күрүөлээх…

Share

Оннук ээ, туох барыта күрүөлээх, хамсыыр барыта хаһаалаах буолара бэрт бөҕө буоллаҕа! Киһи бэйэтин көрүнэригэр-харыстанарыгар кытта “күрүөлэнии” диэн өйдөбүллээх.

Таптыыр маҕаһыыммар “Бичиккэ” бүтүннүүтэ оһуор, үкчү оһуордаах хоруобуйаны, мандардаах түннүгү санатар кыра дьоҕус оҥоһук сытар эбит. Ону   атыылыыр кыыс быһааран биэрбитигэр: “Һай эбэтээ! Дьэ, эмиэ даҕаны!”—диэн саҥа аллайбыппын кулгааҕым эрэ истэн хаалла.

Тугуй диэ? Сыллата дьиэбэр атыылаһар быһыта тардыллар халандаарым мантан инньэ дьиэлэнэр, күрүөлэнэр-хаһааланар буолбут.  Таас дьиэ эркинигэр тоһоҕо саайыам дуо, күннэтэ кэпсэтэр курдук сонуннаах, ыйыылаах-кэрдиилээх халандаарым барахсан сылабаарым таһыгар остуолбар сытаахтыыр. Дьэ, аны бэйэлээх бэйэм киэнэ буоллун диэммин, атыылаһаары гыммыппар, бэрэдэбиэһим ыйытта:

—Хайдах оһуордааҕын ылаҕыный, маны дуу, атыны, манныгы дуу?—диэт, икки суол көрүҥү сулбу ойутан таһаарда!

Онно өйдөөн көөртүм, кырдьык, хайа-хайалара атын-атын оһуордаах эбиттэр! Ээ, бэлэхтииргэ да табыгастаах буолсу диэммин, тала туруом дуо, иккиэннэрин дьиэбэр тутан кэллим. Эмээхсиним үөрүүкэтэ! Хата итиэннэ били “харыыдалаах эмээхсин” курдук үкчү:

-Бу да оҕонньор! Оттон аны кыһын саатар Мааппабар, Өрүүнэбэр, Сүөдэрэптэрбитигэр, сайылыыр ыалларбытыгар эҥин бэлэхтиэхпитин… сыаната да сөбүгэр эбит дии, бу иккини эрэ ыллыҥ дуо?!—диэннээх.

-Ээ, оттон, аа-дьуо ылаттаа инибит, бэлиэр бүппэт ини,—диэн көрбүтүм эрээри, били, атыылыыр кыыс “атыыга аҕыйах кэллэ, ылан хаал” диэбитин саныы биэрдим.

Онон,  сарсын ити диэки атыылаһа син биир таарыйар эбиппин. Испэр саныыбын, эмээхсин чахчы “харыыдаламмыт”, туой киһини омнуолуур, бэйэтэ бэлэмҥэ бэрт, ааранан ыйар-кэрдэр эрэ.

— Оттон эн… чугаспыт дии, бэйэҥ да салгын сии таарыйа, киирэн тахсыаххын?—диибин.

—Суох! Онно сылдьыллыбат, собуор барар буоллаҕым дии. Мин иҥсэбин эн саба тутуоҥ үһүө? Биэнсийэм бүтэр буоллаҕа дии!

Ситигирдик си-дьүгээр олоробут, биһиги ыал. Эмээхсиним билэринэн-көрөрүнэн баараҕай киһи. Хайгыыбын, ханна тугу көрбүтүн-истибитин мэйиититтэн ыһыктыбат, төбөтүттэн түһэрбэт. Онон кини “бэрт, үчүгэй” диэбитин кытта аахсыбаппын, билэн этэр.

Инньэ гынан киһим устурууксуйа бөҕөтүн түһэрэн баран ыалларыгар таҕыста:

Анньыыһын, Бөрө быысыбайдаабытыгар дылы буолаҥҥын, сэрэнээр эрэ, бу мантыҥ наһаа намчы быһыылаах, көрөҥҥүн оргууй аҕай силимнээр…

—Анньыыһын, манан ыйаар, ыйан-кэрдэн, ойоҕостон көрөн биэрэр наадата суох буолсу, биэс хаччы курдук боростуой…

Анньыыһын, маһа чараас баҕайы, бобо тута сылдьаайаҥый…

Итинник, тугу эмэ туттаары гыннахха хотун устурууксуйатыттан туораппат. Сааһын тухары оннук. Утарылаһан туһа суох. Онон “эрдэттэн туой дьарыйар буоллаҕа” диэн бырачыастааммын, халандаарым олоруохтаах били оһуордаах мааныкай олбоҕор илиибин тиэрдэ иликпин. Ол оннугар бу эһиэхэ сонуммун кэпсээри, таарыйа үҥсэргээммин, өһүргэммит санаабын дьайҕартым быһыылаах…

Эһиги, этиспэт дьон, кытаатыҥ, кинигэ маҕаһыыныгар кылыйа көтөн тиийиҥ, бэрт аҕыйах ахсаанынан кэлбит “халандаар сахалыы оһуордаах олбоҕуттантииһинэн хаалыҥ.

                                                                             Анньыыһын НЕУСТРОЕВ

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

2 минуты ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Доҕордуу көрсүһүүгэ икки хамаанда күөн көрүстэ

Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…

27 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Психологтар байыастарга сүбэ-ама биэрэллэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Блогердыах баҕаттан…

Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…

3 часа ago