Туойдаахха суотабай сибээс киирдэ
Былырыын дойду дьоно сэлэспэ сибээһин туһаналларыгар аналлаах федеральнай тосхолунан 100-500 нэһилиэнньэлээх нэһилиэктэргэ куоластааһын тэриллибитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ 14 нэһилиэк талыллыбытыттан түөрт инники күөҥҥэ Сунтаар нэһилиэктэрэ тахсыбыттара.
Сэлэспэ сибээһэ киирбитин истээт, Дьулус дьаһалтаҕа кэлэн симкатын ылан дойдутуттан кэпсэттэр кыахтанна. Былырыын баччаларга Туойдаах, Наахара, Толоон, Тэҥкэ — улуус барыта турунан сэлэспэ сибээһэ киирэригэр күүстээх үлэни ыыппыппыт. Ол түмүгэр түөрт нэһилиэккэ сибээс киирэн эрэрэ кэрэхсэбиллээх. Бастакынан Туойдаах нэһилиэгэр киирдэ. Баччаларга диэри дойдуларыттан суотабай сибээһэ суох олорбут Туойдаахтар үөрүүлэрэ муҥура суох.
Маны таһынан, Туойдаахха быйыл нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр тосхолунан спортивнай былаһаакка тутуллан үлэҕэ киирдэ. Сайын Маар Күөл диэн оттуур ходуһа уутун түһэриитин үлэтэ ыытыллыбыта. Ону таһынан кулун тутарга «Ыраас уу» тосхолунан уу таһар көлө ылыллан нэһилиэнньэ абыранна.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: