Туора Күөлгэ Аҕа сылын арыйдылар

Share

Таатта улууһун Дьүлэй нэһилиэгэр бэҕэһээ, олунньу  23 күнүгэр, Аҕа сылын үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар.

Тэрээһин нэһилиэк аҕаларын парааттарыттан саҕаланна. Бэлиэтээн суруйдахха, Туора Күөлгэ «Аҕа уолунаан» күрэхтэһиитэ хаһыс да сылын бэрт тэрээһиннээхтик ыытыллар. Үтүө үгэһи үйэтитиигэ, аҕа таһымын үрдэтиигэ нэһилиэк дьоно-сэргэтэ бары олус көхтөөхтүк үлэлэһэллэр. Оттон бүтүн өрөспүүбүлүкэни тилийэ көппүт видеоҕа көстөр мааны сахалыы астаах остуолу  Туора Күөл  кэрэ аҥаардара эр дьоҥҥо анаан бэлэмнээбиттэр.

Бу туһунан Туора Күөл нэһилиэгин  баһылыгын солбуйааччы Любовь Васильевна Ефимова санаатын үллэһиннэ:

Нэһилиэкпитигэр ыытыллыбыт тэрээһиммитигэр саҥа уопсастыбаннай түмсүүлэрбит олус көхтөөхтүк кыттыыны ыллылар. Ол курдук ыччат, аҕа, ийэлэр, бэтэрээннэр түмсүүлэрэ, ону сэргэ бары олохтоохтор кытыннылар. «2034 сылга сурук» диэн тэрилтэлэр, оҕолор, аҕалар нэһилиэк сайдыытыгар инникигэ баҕа санааларын суруйан бириэмэ холбукатыгар уган нэһилиэк бибилэтиэкэтигэр туттардыбыт. Тэрээһиммит үс хайысханан ыытылынна. Ол курдук, уол оҕону үлэнэн иитии, төрүт үгэһи үйэтитии уонна нэһилиэккэ аҕалар көмөлөрүн хайысхатын тула кэпсэтии буолла. Бэрт инникилээх этиилэр этилиннилэр. Ыччаты нэһилиэккэ олохтооһун, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга, сүөһүнү, сылгыны иитиигэ нэһилиэнньэ өйөбүлүн, көмөтүн тула  кэпсэтии буолла. Ол курдук «Манай» лааҕыры өрөмүөннээн үйэтитэн кинигэ-альбом тахсыытын тула, алаастар, нэһилиэк сирин-дойдутун туһунан үһүйээннэри мунньан, устан инники көлүөнэҕэ хаалларыы туһунан кэскиллээх кэпсэтиилэр буоллулар. Нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттар аҕаларга улуус управлениеларын, дьаһалталарын грамоталара, махтал суруктара, бэлэхтэрэ туттарылыннылар. СӨ Аҕаларын лигаларын уопсастыбаннай хамсааһын лидера «Дохсун» диэн уолаттар ансаамбылларын салайааччыта Геннадий Кононович Васильевка Саха АССР 100 сылын мэтээлинэн наҕараадаланна. Маннык бэлиэ нэһилиэккэ икки эрэ киһиэхэ баар. Олус суолталаах мэтээл буолар. 2022 cулуустаҕы аҕа күрэҕэр, былырыын бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи аҕа күрэҕэр тэрийбит маанылаах сандалыбыт курдук быйыл аны бэйэбит эр дьоммутун мааны сандалынан күндүлээтибит.

Нэһилиэк дьахтар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Наталья Захарова санаатын үллэһиннэ:

— Биһиги, Туора Күөл олохтоохторо, быйыл нэһилиэкпитигэр Аҕа сылын көрсө «Аҕа уолунаан» күрэххэ тэрийбит мааны остуолбутун хатылыырга быһаарыммыппыт. Онон бары тэрилтэлэр, олохтоохтор үлэбитин үллэстэн, наарданан, бэҕэһээ сарсыардаттан эт аһылыкпытын, кымыспытын дьиэбититтэн аҕалан, чэйбитин өрөн кулууппутугар  үлэ-хамнас бөҕө буоллубут. Манна нэһилиэк бары дьахталлара, тэрилтэлэр олус көхтөөхтүк кыттыыны ыллылар. Ону сэргэ, бэҕэһээ эр дьоҥҥо аналлаах сугулаан оҥордубут. Тэрээһиммит үөрүүлээх аһыллыытын «Аҕа уолунаан» күрэх үс төгүллээх кыайыылааҕа Петр Чупров  кыра уолунаан тахсан «Аҕам курдук буолуом» диэн ыллаан тэрээһини арыйдылар. Эр дьоммутугар анаан улахан күрэхтэһии тэрийдибит. Манна 18 эр киһи кыттыыны ылла. Ол курдук 15-тээх тоһоҕону буруус маска охсуу, аптамаат сааны ыһан хомуйуу иитиигэ күрэхтэр буоллулар. Бириэмэ холбукатын оҥорон, (капсула времени)  эр дьоммут бары аны уон сылынан диэн баҕа санааларын суруйан холбукаҕа уктулар. Бу холбуканы бибилэтиэкэ үлэһитигэр туттардыбыт. Аны уон сылынан арыйан көрүөхпүт дэстибит. Холбуканы нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Любовь  Васильевна Ефимова олус үчүгэйдик киэргэтэн илиитинэн оҥорбута. Күрэхтэһиигэ нэһилиэк дьаһалтата, бары тэрилтэлэр бириис туруоран кыттыбыт эр дьон бары бириискэ, махтал сурукка тиксэн астыннылар. Күрэхтэһиигэ үс көрүҥ түмүгүнэн Айтал Аянитов  кыайыылааҕынан тахсыбыта. Куоракка, ыраах сирдэринэн тэлэһийэн үлэлии сылдьар ыччаттарбыт кэлэн кыттан үөртүлэр. Ол курдук Арсен Кузьмин диэн уолбут быйыл култуура уус-уран салайааччытын үөрэҕин бүтэриэхтээх. Кини эр дьоҥҥо биэс көрүҥҥэ куонкурус тэрийэн оонньотто. Ону сэргэ , Аҕа сылын эмблематын нэһилиэкпит баһылыгар Олег Дмитриевич Осиповка туттардыбыт. Нэһилиэк олохтоохторо бары биир сомоҕо буолан олус көхтөөхтүк кыттыыны ылбыттарыгар түгэнинэн туһанан махталбын тиэрдэбин.

Хаартыска нэһилиэк дьаһалтатын тиксэриитэ

Хаартыскалар, видео нэһилиэк дьаһалтатын тиксэриилэрэ

What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

7 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

7 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

7 часов ago