Туора күөллэр байыаннай дьайыыга көмө ыыттылар
Саха сиригэр байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар анаан «Якутия с тобой!» ыстаап нөҥүө үгүс көмө оҥоһуллар. Манна өрөспүүбүлүкэбит үгүс улуустарын нэһилиэктэрэ бары көхтөөхтүк кыттыһан үлэлэһэ олороллор.
Таатта улууһун Туора Күөл нэһилиэгин эбээлэрэ, ийэлэрэ бары биир сомоҕо буолан, байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга таҥас-сап, хаххалыыр сиэккэлэри тикпиттэр. Бу туһунан нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Любовь Васильевна Ефимова санаатын үллэһиннэ:
— Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар анаан Наталья Захарова салайааччылаах биһиги нэһилиэк ийэлэрэ, эбээлэрэ сиэккэ оҥоруутугар, кээнчэ, куллуку, бааччы тигиитигэр көхтөөхтүк үлэлэстилэр. Бу тикпит таҥаспытын, бэлэмнээбит сиэккэбитин барытын улуус киинигэр, Ытык Күөлгэ тиксэрэбит. Улууспутуттан Николай Мочкин байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар тиэрдиэхтээх. Биһиги салгыы тэтиммитин ыһыктыбакка «Якутия с тобой!» ыстаабы кытта үлэлэһэ олоруохпут.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: