Туос хартыыналары көрбүт киһи барыта сэҥээрдэ

Share

Ааспыт нэдиэлэҕэ Саха сирин билим уонна үөрэх үлэһиттэрин сүбэ мунньаҕа буолан ааста. Ол чэрчитинэн Доҕордоһуу болуоссатыгар талба талааннаах эбии үөрэхтээһин педагогтарын быыстапкалара тэрилиннэ.

Быыстапкаҕа араас улуустартан уонна Дьокуускай куораттан 17 эбии үөрэхтээһин педагогун уран тарбахтарынан оҥоһуллубут үлэлэрин дьон кэрэхсии көрдө. Хас биирдии оҥоһук, кырдьык, тус-туспа уйулҕалаах, улахан сыранан, иэйиинэн оҥоһуллубута биллэр. Манна ааҕыҥ.

Быыстапкаҕа үгүс дьон туостан оҥоһуллубут хартыыналары сэргии көрдө. Биһиги дьикти алыптаах хартыына ааптарын кытта кэпсэтэн аастыбыт. Ол курдук, хартыыналар ааптарынан Туос Туйаара диэн псевдонимнаах, Мэҥэ-Ханалас улууһун “Кэрэли” эбии үөрэхтээһин дьиэтин уонна Моорук орто оскуолатын үрдүкү категориялаах педагогунан үлэлии-хамсыы сылдьар Егорова Туйаара Дмитриевна буолар.

— Туйаара Дмитриевна, туос эйгэтигэр хайдах сыстыбыккын кэпсии түһэриҥ буоллар.

— Туоһунан сүүрбэччэ сыл анараа өттүгэр дьарыктанан саҕалаабытым. Бэйэм кыра эрдэхпиттэн өрүү ону-маны айан илиибинэн оҥорор этим. Куруһуокпар бастаан туос киэргэллэри, кыра хартыыналары баҕалаах оҕолору кытта оҥорорбут. Билигин да оҕолор иккис кылаастан ол курдук туоска сысталлар. Номнуо урут үөрэппит оҕолорум оҕолорун куруһуокпар дьарыктыыбын. Кыраларга бастаан илиилэрин сайыннарабын, сымсатык кырыйарга үөрэнэллэр. Туос куруһуогун таһынан муода устуудьуйалаахпыт, онно орто уонна үрдүкү кылаас оҕолорун кытта туоһунан, сиэлинэн авангард таҥас айан таһаарабыт. Францияҕа, Сочига уонна араас куораттарга таҥастарбыт киэҥ биһирэбили ылан тураллар. Ол курдук, Москваҕа буолан ааспыт “Рождественские звезды” бэстибээлгэ Гран-при хаһаайыттара буолбуппут.

— Олус да интэриэһинэй куруһуоктаах эбиккин. Бу киһи уйулҕатын хамсатар дьикти хартыыналары хайдах оҥорон, айан таһаараҕын?

— Улахан хартыынаны үс кыһыны супту оҥоруохпун сөп. Кэргэним – сүрүн көмөлөһөөччүм. Кини айылҕа биэрбит араас дьүһүннээх туостарын хомуйан аҕалар. Ону мин хартыыналарбар дьүөрэлээн киллэрэбин. Хартыыналарбар биир да кырааска туһаныллыбат, дьүһүнүн уларытарбар ууну туттабын. Бу быыстапкаҕа турар хартыыналар бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса сибээстээхтэр. Былыргы кэмҥэ хат дьахтар уонна кини хайдах ыалдьан оҕолонорун, ийэ буоларын көрдөрөллөр. Былыргы үгэһинэн дьахтары баабыска төрөтөр, оҕону көтөхпүтэ хартыынабар көстөр. Мин бу хартыыналары оҕо кутун тардар сыаллаах-соруктаах иэйэн оҥорбутум.

— Кырдьык, бу хас биирдии хартыынаҥ тыыннааҕа, сырдык, ыраас иэйиинэн оҥоһуллубутун киһи барыта өйдөөн көрүөх курдук. Сакаас ылаҕын дуо?

— Эрдэ сакаас ылар этим. Сакааһынан хартыыналары оҥорор быдан ыарахан, онон кэлин тохтоппутум. Айымньылаахтык үлэлииртэн дуоһуйабын. Бу хартыыналарбын өссө киэҥ эйгэҕэ, түмэлгэ таһаарар баҕа санаалаахпын.

Бу айылҕа биэрбит дьүһүннэринэн табатык дьүөрэлэммит туос хартыыналар киһи уйулҕатын хамсатар күүстээхтэр. Аан Алахчын илиитин уурбут хартыыналара диэххэ сөп. Туйаара Егорова – Туос Туйаара хартыыналара бэйэтин аналларын толорон, оҕо кутун тартыннар уонна быыстапкаҕа көрдөрүллэн Арассыыйаҕа, аан дойдуга аатырдын диэн баҕа санаабытын этэбит.

Хаартыска: Туйаара ПРОКОПЬЕВА
Хаартыска: Туйаара ПРОКОПЬЕВА.

Туйаара ПРОКОПЬЕВА, «Юные якутяне» медиа-киин.

 

What’s your Reaction?
+1
9
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

6 часов ago