«Туос поэтиката» быыстапкаттан санаалар

Share

Буойун суруйааччы Тимофей Сметанин «Лоокуут уонна Ньургуһун» лириичэскэй  дырааматыгар  саха былыр-былыргыттан, урут-уруккуттан туоһу туһаҕа таһаарарын, туттарын, туостан дьиэҕэ-уокка туттуллар малы-салы оҥорорун туоһулуур маннык кэрчик баар:

Мөлчөс  (Ыллыы-ыллыы туос сүгэһэрдээх кэлэр … Туостарын биир-биир тэниҥнэтэр):

Туналыйан-туртайан

Дьураата, мутуга суох

Туос да туос.

Үүт үрүмэтин курдук,

Сарыы курдук,

Кыыс сүүһүн курдук.

Оттон бу туос

Кытара араҕастыйан,

Кыбыстыбыт кыыс

Иэдэһин курдук …

Нуннуурга биэриэм,

Нуннуур ыаҕайа тигиэ,

Кыллаах ыаҕайа.

Кымыс кутан кырылатыа,

Сүөгэй аһытан дьырылатыа.

Оттон бу туоһунан

Моҥооччуйа ньирэйбэр

Томторук тиктэриэм.

Бу саар ыаҕастар,

Чабычахтар туостара …

 Манна Мөлчөс туостарын сыымайдаан, хайа туос туохха-ханна туттуллуоҕун быһаарар.

Норуот маастара, Арассыыйа  худуоһунньуктарын айар түмсүүтүн чилиэнэ Павел Павлович Гермогенов төрөөбүтэ 80 сылыгар аналлаах «Туос поэтиката» диэн ааттаах быыстапка Покровскай куоракка Н.М. Засимов аатынан хартыына галереятыгар олунньу 1-20 күннэригэр дьон-сэргэ көрүүтүгэр туруорулунна.

Манна Павел Гермогенов уонна кини үөрэнээччилэрин туостан дьэрэкээн, тупсаҕай оҥоһуктара киэҥ сааланы тула туруоруллубуттар. Араас кээмэйдээх сиэдэрэй оҥоһуулаах маллаах иһиттэр, тууйастар, дьахтар төбөҕө кэтэр киэргэллэрэ бааллар.

Павел Гермогенов СГУ мэдиссиинэҕэ факультетын бүтэрэн, 1972 сыллаахтан дойдутугар, Орджоникидзевскай оройуонугар бырааһынан үлэтин саҕалаабыта. Фтизиатр-бырааһынан Кыыл Бастаахтааҕы оройуоннар икки ардыларынааҕы 100 куойкалаах сэллиги эмтиир балыыһаҕа кылаабынай бырааһынан, Орджоникидзевскай оройуонун киин балыыһатын  кылаабынай бырааһын солбуйааччынан, кылаабынай бырааһынан 1992 сыллаахха диэри үлэлээбитэ.

Ити кэмнэргэ бииргэ үлэлээбит биир идэлээхтэрэ, доҕотторо ахталларынан,  Павел Павлович бырааһын идэтигэр бэриниилээҕэ, бары билиитин-көрүүтүн, санаатын ууран, кыаҕын, дьоҕурун биэрэн үлэлээбит, ол саҕана уһанара биллибэт эбит. Ыарытыйан үлэтиттэн тохтоон баран,  кини омос көрдөххө, эмискэ туоһунан уһанар уус бэрдэ буола түспүтэ. Дьиҥэр, оннук буолбатаҕа чахчы. Павел Павлович кэрэни кэрэхсиир, тугу барытын иҥэн-тоҥон быһаарсар, бэйэтэ туспа толкуйдаах, мындыр киһи этэ. Инньэ гынан,  кини саха төрүт дьарыгын – туоһунан уһаныыны кэбэҕэстик баһылаабыт эбит. Манна  киһи ис кыаҕа муҥура суоҕун сөҕөҕүн.

Павел Павлович уус быһыытынан сөбүлээбит, баһылаабыт дьарыгынан бэйэтэ-бэйэтигэр үлэлии-хамсыы, айа-оҥоро сылдьыа эбитэ буолуо.  Ол эрэн,  киниэхэ киһи сэргиирэ,  махтанара диэн,  кини үс оҕо тапталлаах аҕата, хас даҕаны сиэн эһэтэ буолан, бэйэтин дьарыгын ымпыгын-чымпыгын, сатабылын оҕолорго иҥэрэн сыралаахтык үлэлэспитэ буолар. Ол курдук,  Павел Павлович Покровскай куоракка «Туос» диэн устуудьуйаны тэрийэн, сэттэ сыл устата бэйэтэ суруйбут бырагырааматынан оҕолору «Туос оҥоһуктары оҥоруу сатабыла» диэн тустаах хайысхаҕа уһуйбута, үөрэппитэ.

Павел Гермогенов туоһунан уһаныыга умсугуйан, абылатан  ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Ол курдук,  1998 с. «Норуот маастара», 1999 с. «Маастар-уһуйааччы», 2002 с. «Дархан Уус» диэн үрдүк ааттары ылбыта.

Кини 2000 с. Бүтүн Сойуустааҕы быыстапкалыыр киин лауреатын кыһыл көмүс мэтээлинэн, 2002 с. өрөспүүбүлүкэтээҕи «Күн Дьөһөгөй оҕото» күрэх Гран-при бэлиэтинэн, 2003 с. норуот маастара Федора Пудова аатынан эрэгийиэннээҕи быыстапка I истиэпэннээх  дипломунан наҕараадаламмыта.

Уус, уһуйааччы П.П. Гермогенов тупсаҕай-ыпсаҕай, киһи көрдөр көрүөх, сэргиэх, кэрэхсиэх туостан оҥоһуктарынан 17 араас таһымнаах тэрээһиҥҥэ кыттан биһирэммитэ, хайҕаммыта, наҕараадаламмыта. Олортон аҕыйаҕы аҕыннахха: 1998 с. – Дьокуускай к. «Норуот маастара» үрдүк ааты ыларга анаммыт быыстапка, 1999 с. – Хабаровскай к. «Уһук Илин уонна Байкал эҥэрин сирдэрэ үйэлэр кирбиилэригэр» быыстапка, 2000 с. — Москва к. «Арассыыйа эрэгийиэннэрэ» диэн Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыы 55 сылыгар анаммыт Бүтүн Арассыыйатааҕы быыстапка, манна кини кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта, 2005 с. — Санкт-Петербург к. «Саха сирин ускуустубата» быыстапка, 2005 с. — «Францияҕа Саха сирин күннэрэ» быыстапка, 2005 с. – Суоттуга «Олоҥхо саҥа үгэстэрэ» диэн ЮНЕСКО хайысхатынан норуот айымньытын бэстибээлин чэрчитинэн быыстапка.

П.П. Гермогенов «Туос» устуудьуйатын оҕолоро уһуйааччыларын суолун батыһан, бэйэлэрин туостан тупсаҕай оҥоһуктарынан Саха сиригэр эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр тэриллибит быыстапкаларга  ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Үөрэнээччитэ Леонтьев Айсен 2002 с. Өрөспүүбүлүкэтээҕи Оҕо прикладной ускуустубатын  «Туостан оҥоһуктар» номинациятыгар I миэстэни ылан, Бүтүн Арассыыйатааҕы «Орленок» кииҥҥэ путевканан наҕараадаламмыта. Павел Павлович  «Туос» устуудьуйата 2002 с. эрэгийиэннээҕи «Туос түһүлгэтэ» сэминээр-бырааһынньыкка I миэстэни ылбыта.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин биир бастыҥ туостан оҥоһук маастарынан билиниллибит уус П.П. Гермогенов саха төрүт дьарыктарын – туоһунан уһаныы, кылтан сөрүө өрүү ымпыгын-чымпыгын баар литератураны хасыһан, кырдьаҕастары кытта кэпсэтэн дириҥник билбитэ уонна бэйэтин үлэтигэр туһаммыта. Павел Павлович эдэр уустарга анаан,  туостан оҥоруу ньымаларын кистэлэҥнэрин арыйар, кэпсиир киэҥник туһаныллар бэртээхэй пособиены суруйбута.

Туостан оҥоһук маастара П.П. Гермогенов өссө кылтан өрөн оҥоруу ньыматын баһылаабыта. Бу кэлиҥҥи кэмҥэ сөргүтүллүбүт саха төрүт дьарыгар маастар-кылаастары ыытара. Быыстапкаҕа кини кылтан өрөн оҥорбут үс оҥоһуга туруоруллубут. Олортон биирдэстэрэ «Аҕам алааһа» диэн. Ааптар бу олох уруһуйдаан курдук санаатын толору биэрбит кылтан өрөн оҥорбут паннотугар мыраан кэтэҕиттэн тахсан эрэр күн уота халлааны, алааһы сырдаппыта арылхайдык көстөр. Алааска балаҕан, сэргэ, сылгылар көстөллөр. Сөрүөнү тэйэ түһэн баран көрдөххө, өссө киэркэйэн, өссө тупсан көстөр. Чахчы табыллыбыт оҥоһук.

Мин Павел Гермогеновы кытта биэс сыл кэриҥэ Покровскай бөһүөлэгэр Кыыл Бастаахтааҕы оройуоннар икки ардыларынааҕы сэллиги эмтиир балыыһаҕа бииргэ үлэлээбитим. Онно Павел Павлович уонна Людмила Сергеевна Захарова мин фтизиатр-быраас буоларбар настаабынньык  быһыытынан уһуйбуттара, такайбыттара. Павел Павлович быраас, киһи быһыытынан холку, дьоҥҥо-сэргэҕэ эйэҕэс-сайаҕас буолара.

Павел Павлович булка-балыкка сыстаҕас этэ. Үлэбит быыһыгар кини тэрийиитинэн Өлүөнэ өрүс хомолоругар саас, күһүн балыктыырбыт. Дойдутугар II Дьөппөҥҥө тахсан куска, куобахха сылдьарбыт.

Туналыйан-туртайан

Дьураата, мутуга суох

Туос да туос.

Үүт үрүмэтин курдук,

Сарыы курдук,

Кыыс сүүһүн курдук …

 Маннык туостарынан уран уус П.П. Гермогенов илиитинэн оҥоһуллубут тупсаҕай оҥоһуктарын «Туос поэтиката» быыстапкаҕа көрөммүн сөхтүм, астынным, дуоһуйдум.

                                                                                  Валериан НИКОЛАЕВ, РФ суруналыыстарын, СӨ суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

«Поколение биZнес» өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадаҕа 45 үөрэнээччи кытынна

Бу үөрэнээччилэр урбаан олимпиадатыгар кыттан, 150 оҕоттон уустук сүүмэрдээһини аастылар. Олимпиадаҕа Абый, Амма, Анаабыр, Булуҥ,…

43 минуты ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Аллараа Бэстээххэ култуура киинин тутууну түргэтэтэргэ соруйда

Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Үп министиэристибэтэ түмэл пуондатыгар эспэнээттэри туттарда

СӨ үбүн министиэристибэтэ  "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар  байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…

2 часа ago