Тупсаҕай стационардаах Зырянка

Тупсаҕай стационардаах Зырянка

03.10.2022, 19:20
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Үөһээ Халыма улууһунааҕы киин балыыһа (кыл. быраас. М. Е.Иванов) стационарыгар хапытаалынай өрөмүөн үлэтин иккис түһүмэҕэ этэҥҥэ түмүктэннэ. Стационар хапытаалынай өрөмүөнэ 2021 сыллаахха саҕаланан, үс түһүмэҕинэн ыытыллара торумнаммыта. Үс этээстээх балыыһа дьиэтин өрөмүөнүн Дьокуускайтан тиийбит бэдэрээтчит “Эркин+” тэрилтэ кыһаллан-мүһэллэн оҥорор.

«Өрөмүөн хайа саҕаланыаҕыттан баһаам, ымпык-чымпык үлэ барда. Ол курдук, ититэр ситими бастакы этээскэ уларытан оҥордулар. Өрөмүөнньүттэр стационар тымныы, итии уутун ситимин  олоччу саҥардан биэрдилэр. Ону тэҥэ эпэрээссийэлиир блок, оҕо, терапевт отделениелара бэлэм буоллулар. Истиэнэтигэр кафеллары уурдулар, саҥа ааннары олортулар. Онон балыыһа иһэ сэргэхсийдэ. Өрөмүөнү кэлэр сылга алтынньыга түмүктүөхтэрэ. Онно сантиэхиньикэтин барытын уларытыахтара, кырыыһатын, истиэнэтин тас өттүн  оҥоруохтара, Онон өссө да улахан кээмэйдээх үлэ күүтэр. Бу өрөмүөҥҥэ уопсайа 27 мөл солк. тахса үп-харчы көрүллүбүтэ, ону ити үс түһүмэҕинэн тыыран ыытыллар, — диэн кэпсээтэ “Саха сирэ” хаһыакка анаан балыыһа административнай-хаһаайыстыбаннай отделын начаалынньыга Ольга Клочко.

Онон эһиил өрөмүөн үлэтин бары силигэ ситтэҕинэ, балыыһаҕа эмтэнээччилэргэ уонна эмчиттэргэ бэртээхэй усулуобуйа олохтонуоҕа.

Хаартыска: стационарга өрөмүөн түмүгэ (О.Клочко ыытта)

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: