Турция кириисистэн тахсар суолу көрдүүр
Турция быйыл БРИКС норуоттар икки ардыларынааҕы түмсүүгэ бииргэ үлэлэһэр партнер быһыытынан киирдэ. Онон Арассыыйаны кытары хаһааҥҥытааҕар да ыксаласта. Былырыын Турция Өрөспүүбүлүкэтигэр бэрэсидьиэн быыбара ыытыллан, Реджеп Тайип Эрдоган үсүһүн талыллыбыта. Оттон быйылгы муниципальнай быыбарга төттөрүтүн былаас баартыйата олус намыһах көрдөрүүнү ылбыта, экэниэмикэтэ да билигин соччо бэрдэ суох балаһыанньаҕа олорор. Ол эрээри Турция аан дойду бэлиитикэтигэр дьайар кыахтаах судаарыстыбалар испииһэктэриттэн түспэт.
Турция уонна БРИКС
Суруйуубун БРИКС түмсүүтүттэн саҕалыахпын баҕарабын. Быйыл Арассыыйаҕа Татарстааҥҥа ыытыллыбыт БРИКС норуоттар икки ардыларынааҕы түмсүү аан дойду бэлиитикэтин хонуутугар улахан бэлиэ түгэнинэн буолла. Бу туһунан хаһыаппыт алтынньытааҕы нүөмэрдэригэр сырдатан турабын.
Түмсүү быйылгы мунньаҕын уратытынан диэххэ дуу, түмсүүгэ уонтан тахса дойду бииргэ үлэлэһэргэ партнер статуһун ылбыта буолар. Дьиҥэр, 2023 сыллаах саммит курдук, сайабылыанньа биэрбит дойдулары аҥаар кырыытыттан түмсүү чилиэнинэн ылыахтарын сөп этэ да, быйылгы көрсүһүүгэ, бииринэн, отуттан тахса судаарыстыба БРИКС түмсүүтүгэр киириэхтэрин баҕаралларын биллэрбиттэрэ, иккиһинэн, дьыала төһөнөн дөбөҥ да оччонон дөбөҥнүк ыһыллан хаалыан сөп. Уонна үсүһүнэн, Турция курдук, НАТО чилиэнэ, Евросойуус боруогар турар дойду, кыттыһыыта элбэх боппуруостары үөскэтэр. Онон сибээстээн, түмсүү куолаан мунньахтаан, быйылгыттан түмсүүнү кытары бииргэ үлэлэһэр дойдулар диэн статуһу киллэрдилэр.
Турция БРИКС түмсүүтүгэр киирэрэ туох суолталааҕый? Бу туһунан аан дойду бэлиитиктэрэ үгүстүк мөккүһэн кэллилэр, санаалара да араастаһар. Ол эрээри кинилэр биир боппуруоска сөпсөһөллөр – Турция билигин экэниэмикэтин өрө тардарыгар, тастан инвестицияны киллэрэригэр хас биирдии хардыыта суолталаах, манна атаҕар бигэтик туран эрэр БРИКС түмсүү Турцияҕа саҥа сүүрээни аҕалыан сөп. Быһааран этиим, Турция Европа сойууһугар чилиэн быһыытынан киириэн баҕарбыта сүүрбэттэн тахса сыл буолла да, арҕааҥҥы дойдулар хас сырыы ахсын кураанаҕы куустаран иһэллэр. Ону сэргэ өр кэмҥэ Америка Холбоһуктаах Штаттарыттан тутулуктанан олорбут экэниэмикэлэрэ кэлиҥҥи сылтан бэттэх сыана үрдээһинин кыайан тохтоппокко турар. Национальнай валюталара лира уонча сыллааҕыта дуолларга тэҥ сыһа буоллаҕына, билигин биир дуоллар отуттан тахса лираҕа тэҥнэстэ. Биллэн турар, бу барыта эбиллэн, дьон-сэргэ олоҕор улаханнык оҕуста.
Сыана үрдээһинэ
Эспиэрдэр Турция экэниэмикэтэ тас дойдуттан киирэр инвестицияттан улахан тутулуктааҕын бэлиэтииллэр. Кырдьык, 2000 сыллартан инвестицияны тардыыга биир ситимнээх үлэ баран, сүүрбэччэ сыл иһигэр Турция экэниэмикэтин өрө тардыбыта, бырамыысыланнаска да, дьиэ-уот тутуутугар да, биисинэскэ да уларыйыы тахсыбыта, нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбата тупсан барбыта. Ол эрээри кэлиҥҥи сылларга дойдуларын Киин баана харчыны иэс биэрии бырыһыанын сыана үрдээһинин кытары тэҥҥэ туппакка, соруйан кыччата олорбута, атын өттүнэн эргийэн таҕыста.
2015 сылтан сыана сыыйа үрдээн, икки сыллааҕыттан бэттэх сыллааҕы көрдөрүүтэ 60-70 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэн олорор. Сорох эйгэлэргэ сыана үрдээһинэ 200 бырыһыаҥҥа кытары тиийдэ. Бу, биллэн турар, дьон-сэргэ олоҕор күүскэ дьайар. Холобур, быйыл аска-үөлгэ сыллааҕы сыана үрдээһинэ 48% тэҥнэспит, хомунаалынай хаһаайыстыбаттан ыллахха, уу сыаната отут бырыһыан, гаас сыаната отут аҕыс бырыһыан үрдээбиттэр. Оттон дьиэ куортама иллэрээ сылы кытары тэҥнээтэххэ, икки сүүс бырыһыан үрдээбит. Манна өссө былырыын Турцияҕа улахан сир хамсааһына буолан, Сирияттан үгүс киһи кэлиитэ дьиэ куортамыгар улаханнык охсубута биллэр. Санатан этиим, Турцияҕа урукку кэмҥэ дьиэ куортамныыр быдан чэпчэки буолан, үгүстэр олохторун тухары дьиэ куортамнаан олороллор эбит.
Аны туран, дуоллар кууруһа улаатан, билигин биир дуоллар отут түөрт лираҕа тэҥнэспит. Бу эмиэ, онто да суох уустук балаһыанньалаах, экэниэмикэлэрин чарааһытар.
Билигин Турция бырабыыталыстыбата сыана бас-баттах барбатын туһугар үлэни ыытарын таһынан, бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын үрдэттэ. Холобур, 2022 сыллаахха хамнас алын кээмэйэ 4250 лира эбит буоллаҕына, билигин 20002 лираҕа тэҥнэспит. Ону таһынан чэпчэтиилээх кирэдьиити биэрэн, бааннарга харчыны уурунуу бырыһыанын үрдэтэн нэһилиэнньэҕэ көмө оҥорор. Ол эрээри олохтоохторго ый аайы сыана, нолуок үрдүү турара сыанан аҕаабат. Ити быйылгы муниципальнай быыбарга да көһүннэ.
Быыбар түмүгэ
Былырыын Турция олохтоохторо бэрэсидьиэннэрин талбыт эбит буоллахтарына, быйыл дойду үрдүнэн муниципальнай быыбардар ыытылыннылар. Манна, бастатан туран, ааспыт сылга олус эриирдээх быыбар буолбутун бэлиэтиим. Бэрэсидьиэн быыбара икки түһүмэҕинэн ыытыллыбыта. Иккис түһүмэххэ Реджеп Тайип Эрдоган утарылаһааччытын Кемаль Кылычдароглуну кыл мүччү кыайан, үһүс төгүлүн бэрэсидьиэнинэн анаммыта.
Аны туран, быйыл муниципальнай быыбардарга дойдуну салайан олорор баартыйа Стамбул, Анкара, Измир, Анталья, Адана курдук улахан куораттарга куолаһы кыайан ылбата. Онон бу быыбар түмүгэ өрөспүүбүлүкэ дьонун-сэргэтин куолаһа хайдыбытын көрдөрдө. Өскөтүн судаарыстыба баһылыгын быыбара тас дойдулары кытары үлэлэһиигэ быһаччы дьайар эбит буоллаҕына, муниципальнай быыбардар үксүн дойду ис бэлиитикэтигэр улахан суолталаахтар. Онон эспиэртэр бу быыбардар түмүктэринэн, Эрдоган аныгыскы быыбарыгар диэри дойдуларын экэниэмикэтин норуот диэки салайыан наада диэн түмүккэ кэлэн олороллор. Бастатан туран, бу сыана үрдээһинин тохтотуу, нэһилиэнньэ дохуоттаах буолуутун боппуруоһун кытары сибээстээх. Манна мин туризм эйгэтин холобурга аҕалыахпын баҕарабын.
Турция билигин экэниэмикэтин өрө тардарыгар, тастан инвестицияны киллэрэригэр хас биирдии хардыыта суолталаах, манна атаҕар бигэтик туран эрэр БРИКС түмсүү Турцияҕа саҥа сүүрээни аҕалыан сөп.
Туризм
Турцияҕа туризм эйгэтэ сүрүн хайысха буолбатах эрээри, экэниэмикэлэригэр биир сүрүн миэстэни ылар. “Быйыл хамсык иннинээҕи көрдөрүүбүтүн ыллыбыт”, – диэн Турция култуураҕа уонна туризмҥа миниистирэ бу нэдиэлэтээҕи мунньаҕар иһитиннэрдэ. Миниистир Мехмет Нури Эрсой бэлиэтээбитинэн, туризмтан киирэр дохуоттара былырыыҥҥытааҕар быйыл 41% үрдээбит.
Манна, туох да диэбит иһин, Арассыыйаттан туристар кэлиилэрэ элбэх. Ону сэргэ Японияттан, Великобританияттан, Испанияттан, Францияттан дьон-сэргэ кэлэн сынньанан барар эбит. Холобур, быйыл Турцияҕа алта уон мөлүйүөн киһи сынньаммытыттан аҥаардас Антальяҕа быйыл 11 ый устата 16,6 мөлүйүөнтэн тахса киһи сынньаммыт. Былырыыҥҥы сылы кытары тэҥнээтэххэ, аҕыс бырыһыанынан эбиллибит.
Онон, төһө да Турцияҕа сыана үрдүү турарын иһин, дьон-сэргэ муораҕа сынньанан барыыта кыччаабатах, төттөрүтүн эбиллибит. Манна, холобур, Арассыыйа үгүс куоратыттан Антальяҕа, Стамбулга быһа көтүүлэр бааллара улахан оруолу ылара саарбаҕа суох уонна, хайа, Турция аатырбыт “барыта төлөнөр” (“всё включено”) бырагыраамата туристары угуйар. Ол эрээри отеллэри, рестораннары тутан олорооччу бизнесменнэр бу бырагырааманы тохтоторго этии киллэрэн олороллор. Ол барыта эмиэ аска-үөлгэ, уокка сыана үрдээһинин кытары сибээстээх.
Түмүк оннугар
Түмүк оннугар Турция экэниэмикэтигэр өссө биир санааны этиэхпин баҕарабын. Сирияҕа сэтинньигэ былаас уларыйан, билигин сүрдээх интэриэһинэй кэмҥэ олороллор. Билиҥҥи туругунан, Турцияттан аҕыс тыһыынча кэриҥэ киһи Сирияҕа дойдутугар төннүбүт. Биир өттүнэн, Турция олохтоохторо беженецтэр бардылар, дьиэ куортамыгар сыана түһүөҕэ диэн этэллэр. Иккиһинэн, Стамбулга таҥас бырамыысыланнаһыгар уустуктары көрсөн эрэллэрин суруйаллар. Бу эйгэҕэ баһыйар үгүс үлэһиттэрэ Сирияттан кэлбит үлэһиттэр эбит. Билигин Турцияҕа үлэтэ суох буолуу көрдөрүүтэ 8,6 % тэҥнэспит. Статистика этэринэн, бу 2013 сылтан саҥа намтаабыт. Онон кэлии дьон оннугар олохтоохтор төһө баҕарар үлэҕэ киириэхтэрин сөп. Ол эрээри манна эмиэ биир боппуруос турар – кыра хамнас. Турцияҕа бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара үрдээтэ эрээри, чааһынай сектордарга, урбааҥҥа хамнастара намыһах, билиҥҥи сыана үрдээһинигэр кыайан тэҥнэспэт.
Онон Турцияҕа билигин уустук боппуруос турар, бииринэн, ис бэлиитикэтин тупсарыы, иккиһинэн, тас дойдулары кытары сыһыаны чопчулааһын. Арҕааттан кэлэр тыал олус күүскэ үрдэҕинэ, түөрт муора дойдутун судаарыстыбатын экэниэмикэтэ тулуктаһыа дуо? Эбэтэр Евразия дойдулара саҥа суолу арыйан биэриэхтэрэ дуу?
Хаартыска: РФ Бэрэсидьиэнин пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: