Турцияҕа Эрдоган бастаан иһэр

Share

Ыам ыйын 14 күнүгэр Турция Өрөспүүбүлүкэтигэр бэрэсидьиэн уонна парламент быыбардара ыытыллыбыттара. Бэрэсидьиэн быыбарыгар бастакы түһүмэххэ, барыллаан ааҕыынан, Реджеп Тайип Эрдоган бастаан иһэр.

Бүллүтүөн 96,15 бырыһыан ааҕыллан бүттэ. Барыллаан ааҕыынан, Реджеп Тайип Эрдоган туһатыгар куоластааччылар 49,44 % биэрдилэр, Кемаль Кылычдароглуга – 44,78 %, Синан Огаҥҥа – 05,28 % куоластаатылар. Сокуон быһыытынан, кандидаттартан хайалара да 51 % куолаһы ылбатаҕына, быыбар иккиһин ыытыллыахтаах. Онон быыбар бастакы түһүмэҕин түмүгүнэн ити кэрдииһи ылбатахтарына, Эрдоган уонна Кылычдароглу иккис түһүмэххэ күөн көрсүөхтэрэ.

Дьон-сэргэ быыбарга олус көхтөөхтүк кытыннылар. Өскөтүн 2014 уонна 2018 сыллаахха быыбарга кыттыы 76,78 уонна 86,24 бырыһыан буоллаҕына, быйыл 88,74 бырыһыан кэлэн куоластаатылар. Турция үрдүнэн барыта 64 мөлүйүөнтэн тахса быыбардааччы баар.

Быыбар кэмигэр туох да саахал, мэһэй тахсыбата. Тас дойдуга олорор Турция олохтоохторо муус устар 27 күнүттэн ыам ыйын 9 күнүгэр диэри куоластаабыттара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Аҕам саастаахтар хордара сүүрбэ сылын туолла

Таатта улууһугар Ытык Күөлгэ быйыл аҕам саастаахтар хордарын тэриммиттэрэ 20 сылын туолла. Таатта норуодунай тыйаатырыгар…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нам улууһун сиригэр-уотугар уу сыыйа түһүүтэ бэлиэтэнэр

Бүгүн, ыам ыйын 19  күнүгэр, суһал иһитиннэриинэн 14:00 ч.  Өлүөнэ өрүс мууһа Кэбээйи, Нам уонна…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэлиэ суолу хаалларбыта

Иннокентий Пухов төрөөбүтэ 120 сылыгар   Биллиилээх фольклорист Иннокентий Васильевич Пухов быйыл кулун тутар 12…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Сонун сүүрээҥҥэ өйөбүл

Саха сирэ “Дьоҕус уонна орто биисинэс уонна урбаанньыт тус көҕүлээһинин  өйөөһүн” национальнай бырайыакка 2019 сылтан…

2 часа ago
  • Сонуннар

Үтүө холобур буолар дьиэ кэргэн

Сана үйэҕэ эргиэн үлэтигэр саҥа саҕалааһыннар кэрэхсэбиллээхтэр. Урукку кэмҥэ атыы-тутуу, эргиэн эйгэтигэр "Холбос" биир тэрилтэтэ…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Сайаана Малышева Пионерия күнүнэн эҕэрдэлиир

«Оҕо аймаҕы үрдүккэ, сырдыкка, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буоларга сирдээбит "Мэлдьи бэлэм буол!" диэн тумус тыллаах…

3 часа ago