Турцияҕа көрдүүр-быыһыыр үлэ бара турар

Share

     Турцияҕа сир хамсааһынын түмүгэр сууллубут  дьиэлэр сэмнэхтэриттэн дьону көрдөөһүн билигин да бара турар. Бэҕэһээ Турция вице-бэрэсидьиэнэ Фуат Октай олохтоох телевидениеҕэ иһитиннэрбитинэн, билигин быыһааччылар 200-кэ чугаһыыр дьиэ сэмнэҕин арыйан көрөллөрө хаалбыт.

Турцияҕа уонна Сирияҕа сир хамсааһынын түмүгэр, билиҥҥи туругунан, өлбүт киһи ахсаана 40 тыһыынчаттан таҕыста. Турция уон оройуонугар барыта 39,6 тыһыынчаттан тахса киһи суорума суолламмыта билиннэ. Билигин да көрдүүр-быыһыыр үлэ бара турар. Бэҕэһээ Хатай куораттан 12 суукка ааспытын кэннэ өссө биир киһини быыһаатылар.

Турция вице-бэрэсидьиэнэ Фуат Октай иһитиннэрбитинэн, уон провинцияҕа барытыгар 597 тыһыынчаттан тахса эбийиэги көрбүттэриттэн 75 тыһыынчата сууллубут эбэтэр улаханнык алдьаммыт. Билигин көрдүүр-быыһыыр үлэ 200-чэкэ эбийиэккэ салҕанан бара турар.

Турция бэрэсидьиэнэ Реджеп Тайип Эрдоган эрдэ бэлиэтээн эппитинэн, кулун тутартан саҕалаан эмсэҕэлээбит уон оройуоҥҥа олорор дьиэлэри тутуу барыахтаах. Билигин үгүс киһи гостиницаларынан, аймахтарынан түһэн олорор. Ону таһынан былаас быһаарыытынан, судаарыстыбаннай үрдүк үөрэх кыһаларын уопсай дьиэлэригэр эмсэҕэлээбит дьону олордоллор. Онон олунньу 20 күнүттэн судаарыстыбаннай үөрэх кыһаларын устудьуоннара кэтэхтэн үөрэхтэрин саҕалыахтара. Турция бэрэсидьиэнин этиитинэн судаарыстыба эмсэҕэлээбит дьон биир сылга дьиэ куортамнаһар харчыларын барытын уйунуохтаах. Ону таһынан өлбүттээхтэргэ бастакы көмө диэн сүүстүү тыһыынча лира төлөнүөхтээх.

Санатан эттэххэ, олунньу 6 күнүгэр, Турцияҕа уонна Сирияҕа улахан сир хамсааһына буолбута. Сир хамсааһыныгар Турция уон оройуона, Кахраманмараш, Хатай, Адыйаман, Газиантеп, Малатыйа, Османие, Килис, Адана, Шанлыурфа, Дийарбакыр улаханнык эмсэҕэлээтилэр. Бу оройуоннарга барыта 13,5 мөлүйүөнтэн тахса киһи олорор. Турцияҕа олунньу 6 күнүттэн барыта 100 судаарыстыба анал бөлөҕүн ыытан көмөлөстө. Тас дойдуттан кэлбит анал бөлөхтөр бу нэдиэлэҕэ үлэлэрин түмүктээбиттэрэ.

Хаартыска: «Анадолу» сайтыттан туһанылынна

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ленскэй куорат аннынан муус хамсаата

Ленскэй оройуонугар муус көхтөөхтүк устарын бэлиэтииллэр. Муус хамсааһынын орто диэн сыаналаатылар, уу таһыма рейкэ кээмэйигэр…

19 минут ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

Саһарбыт страницалар: 80 сыл анараа өттүгэр

80 сыл анараа өттүгэр, ыам ыйын 9, 10 күннэригэр, “Кыым” хаһыакка тугу суруйбуттарай? Бу суруйуулары…

54 минуты ago
  • Култуура
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

ВИДЕО: “Кэнникинэн оҕолор эрэпэтииссийэ хаһан буолар?” — диэн бэйэлэринэн ыйыталлар

Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Өлүөнэ кытылын үрдүгэр, Дьоруойдар аллеяларыгар сэрии кэминээҕи таҥастаах эдэркээн кыргыттар, уолаттар…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1995 сыллаахха ийэлээх аҕатын мэтириэтин тутан параакка хаампыт учуутал

Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылынан “Өлбөт үйэлээх полк”…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха уола Москваҕа Кыайыы параадыгар кыттар

Москваҕа буолар Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйдээх  параадыгар саха уола кыттарын туһунан үтүө сураҕы бүгүн…

3 часа ago
  • Сүрүн

ХААРТЫСКА: Дьокуускайга «Кыайыыны аҕалбыт буойуннар» монумеҥҥа сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Дьокуускайга Кыайыы болуоссатыгар "Кыайыыны аҕалбыт буойуннар" монумеҥҥа сибэкки дьөрбөтүн ууруу…

3 часа ago