Турцияҕа саха култууратын бэстибээлэ ыытылынна

Share

Бэс ыйыгар Стамбул куоракка “Түһүлгэ” саха култууратын бэстибээлэ буолан ааста. Бу бэстибээли Турцияҕа олорор ыччаттар тэрийэн ыыттылар.

Тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ, Саха сирин биир биллэр хомусчута Алдан Рожин иһитиннэрбитинэн, бу тэрээһин саха култууратын тас дойдуга көрдөрөр сыаллаах-соруктаах ыытыллыбыт.

— Бу тэрээһини саха култууратын көрдөрөр, атын норуокка билиһиннэрэр сыаллаах тэрийбиппит. Маннык тэрээһини бириэмэтигэр ыыттыбыт дии саныыбын. Билигин дойдубутугар буола турар быһылааннарынан тас дойдуларга Арассыыйа үгүс култууралааҕын, биһиги дойдубутугар араас омук биир сомоҕо буолан олорорун көрдөрөр наада. Тэрээһиҥҥэ Саха сирин ыччатын таһынан Турцияттан, Азербайджантан, Узбекистантан, Киргизияттан, Арменияттан ыалдьыттар кэлэн барбыттара. Ыалдьыттарбыт астыннылар, саха култууратын олус сэргээтилэр, маннык тэрээһини өссө ыытыҥ диэн сүбэлииллэр, — диэн этэр кини.

Стамбул олохтооҕо Хамза Сойсал: “Бу маннык тэрээһин буоларын истэн олус үөрбүтүм. Бэйэм Саха сиригэр 90-с сыллардаахха баран олоро сылдьыбытым. Саха сирин дьонун көрсөн, ырыатын-тойугун истэн, оһуохайдаан ахтылҕаммын таһаардым. Бу маннык тэрээһин ыытыллара сүрдээх суолталаах. Култууралар алтыһыылара хаһан баҕарар норуоттары сомоҕолуур”, — диэн иһитиннэрэр кини.

Бэстибээл тэрийээччилэрэ тэрээһин аатын туһунан этэллэригэр: “Саха киһитигэр сайын ыһыах кэмигэр түһүлгэлээн олоруу наһаа улахан суолталаах. Ол иһин бэстибээлбитин “Түһүлгэ” диэн ааттаабыппыт”, — диэн бэлиэтииллэр.

Тэрээһини Алдалена Охлопкова уонна Үмит Шаһин сахалыы, туроктыы тылынан иилээн-саҕалаан ыыттылар. Алдан Рожин хомуска оонньоон көрөөччүлэр куттарын тутуон тутта. Саха ырыатын-тойугун, хомуһун таһынан туроктыы, азербайджанныы ырыалар ылланнылар. Тэрээһин кыттыылаахтара саха национальнай оонньууларыгар күрэхтэстилэр. Ол курдук мас тардыһыытыгар, ойбонтон уулааһыҥҥа, хары баттаһыытыгар бэйэлэрин холонон көрдүлэр. Кыргыттар уһун суһуох куонкуруһугар кытыннылар. “Түһүлгэ” оһуохайынан уонна флеш-мобунан түмүктэннэ.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Александр Жирков: Олохтоох аһы-үөлү, малы-салы оҥорууну үксэтии биһиги норуоппутугар тыын суолталаах

Ил Тумэҥҥэ ыытыллыбыт парламент истиилэригэр бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын элбэтии кыһалҕаларын уонна кэскилин дьүүллэстилэр. Мунньаҕы…

27 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киин куоракка икки массыына харсыспыт

Тохсунньу 1 күнүгэр киин куоракка Курнатовскай аатынан уулуссаҕа Toyota Succeed  массыына 55 саастаах суоппара утары…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: тохсунньу 3  күнэ

Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Төһө тымныйарый?  Өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-арҕаа, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа улуустарыгар кыралаан кыралаан хаардыыр.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга суоппар дастабырыанньатын болдьоҕо уһаан биэрэр

2025 сылга  болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО. Куукула оонньуурдаах харыйа

Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…

16 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр кэнники сылларга 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна

Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…

17 часов ago