Салгыы
Турцияҕа өрөгөйдөөх кыайыы уонна Арассыыйаҕа сыһыан

Турцияҕа өрөгөйдөөх кыайыы уонна Арассыыйаҕа сыһыан

01.06.2023, 10:00
Хаартыска Анадолу саайтан.
Бөлөххө киир:

Турция бэрэсидьиэнин быйылгы быыбара хара маҥнайгыттан судургута суохтук ааһара биллэрэ. Үгүс эспиэр бу быыбары аан дойдуга биир улахан историческай түгэн быһыытынан сыаналаабыта. Быыбар түмүгүн арҕааҥҥы дойдулар да, Арассыыйа да кыраҕытык кэтээтилэр.

“Демократия кыайда”

Бэрэсидьиэн быыбарын бастакы түһүмэҕэр билигин бэрэсидьиэннии олорор Реджеп Тайип Эрдоган уонна кини сүрүн утарылаһааччыта, урут Ататюрк тэрийбит баартыйатын салайааччыта Кемаль Кылычдароглу инники күөҥҥэ тахсыбыттарын туһунан хаһыаппыт ааспыт нүөмэригэр суруйан турабын. Бастакы түһүмэххэ хайалара да бэрэсидьиэн буолар кэрдииһи (со­­куонунан хандьыдаат 51 бырыһыаны ылыахтаах) ылымына, быыбар иккис түһүмэҕэ ыытыллар буолбута.

Быыбар иккис түһүмэҕин түмүгүнэн, Реджеп Тайип Эрдоган быыбардааччылар 52,16% куоластарын ылан, Турция Өрөспүүбүлүкэтин уон үһүс бэрэсидьиэнинэн талылынна. 2017 сыллаахха Турция Төрүт Сокуонугар уларыйыылар киирэннэр, премьер-миниистир дуоһунаһа сотуллан, Эрдоган быйылгы быыбарга кыттар кыахтаммыта.

Оттон Кемаль Кылыч­дароглу 47,84% ылла. Бу сыыппаралар тугу этэллэрий? Бастатан туран, дойду иһигэр улахан хайдыһыы тахсыбытын көрдөрөр. Бу хайдыһыы, аан дойду барыта ыаҕас­таах уу курдук дьалкыйа турар кэмигэр, дьиҥэр, соччото суох. Олохтоохтор сыана бас баттах баран, эмискэ өрө тахсыбытын, Турцияҕа тас дойдуттан үгүс киһи кэлэн үлэ миэстэтин былдьаһарын, национальнай харчылара – лира – түһэ турарын, дьиэ-уот сыаната куйаарга көппүтүн, биллэн турар, “ээх” диэбэттэрэ чуолкай. Экэниэмикэҕэ тахсыбыт кириисиһи Эрдоган сүүрбэччэ сыллаах үлэтин түмүгэ диэн сыаналыыллар.

Иккиһинэн, провинциялары­нан хайдах куоластаабыттарын ылан көрдөххө, Кылычдароглу улахан куораттарга бастаабыт. Эрдоганы тыа сиригэр күүскэ өйөөбүттэр. Биир өттүнэн, Турция сүрүн итэҕэлэ ислам (Эрдоган исламы өрө тутар) тыа сиригэр күүстээх диэҕи, саамай улахан куоракка Стамбулга уонна дойду киинигэр Анкараҕа икки хандьыдаат биэтэккэ тэҥҥэ кэриэтэ кэлбиттэр. Уонна ааспыт муниципальнай быыбардарга бу куораттарга Эрдоганы утары турар баартыйалар бэрэстэбиитэллэрэ сала­йааччынан талыллыбыттара улаханнык сабыдыаллаата.

Үсүһүнэн, туох да диэбит иһин бу быыбар Америка Холбоһуктаах Штаттарыгар, арҕааҥҥы дойдуларга уонна Арассыыйаҕа Турция бэйэтин сыһыанын көрдөрдө. Тас дойдуларга олорор Турция олохтоохторо хайдах куоластаабыттарын көрдөххө, Эрдогаҥҥа 59,57%, Кылычдароглуга 40,43% быыбардаабыттар. Америка Холбоһуктаах Штаттарыгар, Эстонияҕа, Англияҕа, Кытайга, Кэриэйэҕэ, Чехияҕа, о.д.а. Кемаль Кылычдароглу баһыйар үгүс куолаһы ылбыт. Оттон Германия, Австрия, Азербайджан, Франция, Катар, о.д.а. Эрдогаҥҥа куоластаабыттар. Европаҕа өссө чугаһыах буолбут Кемаль Кылычдароглу АХШ-гар 82 бырыһыантан элбэх куолаһы хомуйбутуттан да көрдөххө, кини уонна киниэхэ холбоспут биэс баартыйа хайа диэки баарыстарын тиирбиттэрин сэрэйиэххэ сөп.

Биир түгэни уһулуччу тутан бэлиэтиэхпин баҕарабын. Дьон-сэргэ гражданскай позицията наһаа күүстээх эбит. Быыбарга эдэрдиин-эмэнниин, атахтаах-илиилээх, кэлээскэлээх-баттыктаах бары кэлэн кытыннылар. Оннооҕор хос сиэнигэр көтөхтөрөн киирэн быыбардаабыт Турция олохтооҕо кытары баар. Олохтоохтор икки быыбарга 87-85 % кэлэн быыбардаатылар. Аны бүллүтүөннэри ааҕыыны барытын быһа эпииринэн көрдөрөн, оппозиция манна тугу да кыайан утарыласпата.

Арассыыйа уонна Турция сыһыаннаһыыларыгар

Билигин НАТО дойдуларыттан Арассыыйаны кытары сибээһин быспакка олорор соҕотох дойду Турция эрэ хаалла. Арассыыйа уонна Турция сыһыаннаһыылара урукку өттүгэр ­эриэ-дэхси буолбатах этэ эрээри, билигин экэниэмикэ да, бэлиитикэ да боппуруостарыгар икки өттүттэн дойдулар бэрэбинэлэри быраҕан, далаһаларын кэҥэтэн олороллор.

Реджеп Тайип Эрдоган быыбарын да иннинэ, быыбар да кэмигэр Арассыыйаны кытары сибээһин быспатын, үлэтин өссө хаҥатыан туһунан иһитиннэрэн турар. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин да Турцияны кытары сибээһин улахан болҕомтоҕо тутан олорор. “Салгыы да эрэгийиэннээҕи, аан дойдутааҕы боппуруостарга үлэлэһэргэ бэлэммин иһитиннэрэбин. Бииргэ үлэлэһэр бырайыактарбытыгар, чуолаан “Аккую” атомнай электростанцияны үлэлэтиигэ, гаас ситимин тардыыга, улахан болҕомтобун уурабын”, –  диэн Владимир Путин Эрдогаҥҥа ыыппыт тэлэгирээмэтигэр этэр.

Онон Арассыыйа арҕааҥҥы кыната бу быыбар кэнниттэн өссө чиҥээн биэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 октября
  • -5°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 80% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: