2020 сыллаахха Саха сиригэр 2025 сылга диэри туризмы сайыннарыы Стратегията ылыллыбыта. Быйылгынан ол үлэ түмүктэнэн, аны 2030 сылга диэри сайдыы саҥа саҕахтарын тобулуу үлэтэ саҕаланна. Суолталаах докумуону ырытан оҥоруу түмүктэнэн, бу күннэргэ бырабыыталыстыбаҕа бигэргэниэҕэ.
Ааҕааччыларбытыгар туризмы сайыннарыы Стратегиятыгар туох тосхоллор киирбиттэрин сыыйа сиһилии ырытан билиһиннэриэхпит.
Бастатан туран, бу күннэргэ “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ буола турарынан сибээстээн, ырытыыбытын “Событийнай туризмы сайыннарыы” тосхолуттан саҕалыаҕыҥ.
2030 сылга диэри туризмы сайыннарыы Стратегиятыгар “событийнай” дэнэр хайысханы сайыннарыыга улахан болҕомто ууруллар. Ол эбэтэр туристар кэлиилэрин ахсаана улахан тэрээһиннэргэ эбиллиитин ситиһэр, уһун кэмҥэ туристары тардыы биир ньымата буолар. Маныаха туризм эйгэтигэр ыытыллар тэрээһиннэргэ култуура, успуорт, үөрэх, урбаан салаалара көхтөөх кыттыыны ылаллар, ону тэҥэ улахан дьыалабыай кэпсэтии ыытыллар, сөбүлэҥнэр түһэрсэллэр, успуорт күрэхтэһиилэрэ уонна бэстибээллэр, киинэ бэстибээллэрэ, кэккэ марафоннар уо.д.а. ыытыллаллар.
Үгэс быһыытынан туристар дойду атын эрэгийиэннэриттэн ордук “событийнай” дэнэр тэрээһиннэргэ кэлэллэр. Ол курдук, Ыһыах, “Тымныы полюһа” сүүрүү марафона, “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар”, “Саха сирин амтана” гастрономическай тэрээһин, “Өймөкөөн Тымныы полюһа” кыһыҥҥы туризм бэстибээллэрэ, “Азия оҕолоро” оонньуулара курдук үгэс буолбут тэрээһиннэргэ араас интэриэстээх ыалдьыт хото кэлэр буолла. Онон бу суолталаах тэрээһиннэри биир кииннээн Саха сиригэр событийнай тэрээһин халандаарын оҥоруу соруга турар. Ол эбэтэр тэрээһин күннэрэ официальнай айан порталыгар тахсыбыт, былааннаммыт буолуохтаахтар. Стратегияҕа этиллэринэн, событийнай тэрээһин халандаарыгар эрэгийиэн муниципальнай тэриллиилэрин 50%-гар 100-тэн тахса тэрээһин киириэҕэ. Онно дьыалабыай тэрээһиннэр (быыстапка, пуорум, кэмпириэнсийэ), култуура тэрээһиннэрэ (бырааһынньык, бэстибээл, куонкурус), успуорт күрэхтэһиилэрэ киирэллэр. Бу туроператорга туризм бородууксуйатын батарыыга уонна туристар сырыыларын былаанныырга кыаҕы биэриэҕэ. Хас биирдии тэрээһини былаанныыр кэмҥэ, тэрийээччилэр “Ыалдьыт мэтириэтин” оҥоруохтаахтар.
– Үгүс кэтээн көрүү түмүгүнэн, Саха сиригэр кэлэр турист мэтириэтэ – ситиһиилээх 41 саастаах дьыалабыай эр киһи. Онон биһиги сүрүн сорукпут – кини аэропортан саҕалаан, сылдьар уулуссаларыгар тиийэ сөбүлээн, Саха сиригэр өссө кэлиэн баҕарарын ситиһии. Буолаары буолан, соҕотоҕун буолбакка, дьиэ кэргэнин кытта, – диэн бэлиэтиир Урбаан, туризм уонна эргиэн миниистирин солбуйааччы Мария Карпова.
Норуот уус-уран оҥоһуктара култуура ураты көрүҥүнэн буолара саарбаҕа суох. Оттон ону батарыы – биир суолталаах дьыала. Онон Туризм сайдыытын стратегиятыгар норуот оҥоһуктарын батарыыга усулуобуйа тэрийии – туризм салаатын биир сүрүн соруга.
Маныаха Норуот уус-уран оҥоһуктарын сайдыытын барылын оҥорууга тустаах үлэ ыытыллыаҕа. Ол эбэтэр үрдүк таһымнаах каадырдары бэлэмниэхтэрэ, маныаха үгэс быһыытынан ыытыллар тэрээһиннэр (быыстапка, пуорум, кэмпириэнсийэ, маастар-кылаас) хаһан буоларын курдук, төһүү күүһүнэн буолаллар. Былырыыҥҥыттан сэттэ саха омугун үгэс буолбут төрүт култууратын тарҕатааччы норуот маастарыгар Ил Дархан 30 тыһыынча солкуобай ыйдааҕы истипиэндьийэтэ ананна. Чурапчы улууһун Чурапчы сэлиэнньэтигэр, Уус Алдан Бороҕонугар (Сыырдаахха уонна Бээрийэҕэ филиаллардаах), Мэҥэ Хаҥалас Майа сэлиэнньэтигэр, Хатаска, Бүлүү куоратыгар Норуот уус-уран оҥоһугун кииннэрэ аһыллан үлэлиилэр. 2020 сылтан норуот уус-уран оҥоһугун табаарын батарыыга үлэлэһэр “Саха сиригэр оҥоһулунна” диэн куйаар ситимигэр үлэлиир эргиэн былаһаакката үлэлиир.
Дойду киин эрэгийиэннэригэр туристары уонна туризм эйгэтигэр үлэлиир исписэлиистэри ситимниир Ыалдьыттар кииннэрэ үлэлииллэр. Саха сиригэр маннык кииннэри үлэлэтии уолдьаспытынан, Стратегияҕа бу үлэ сиһилии ырытыллан киирдэ. Ол курдук, ыалдьыттар, туристар өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоох туристическай бородууксуйа, аттракцион, тэрээһин, экскурсия, онно көрүллэр айан көлөтүнэн туһаныы, маршрут каартатын туһунан иһитиннэриини маннык кииннэртэн ылыахтаах. Ыалдьыттар кииннэрин үлэтин сүрүн соруга – туризм эйгэтин экэниэмикэҕэ кылаатын үрдэтии.
Бу маннык кииннэр, бастатан туран, туристар аан бастаан Саха сиригэр үктэммит сирдэригэр – аэропортарга, автовокзалларга, тимир суол ыстаансыйаларыгар, муора уонна өрүс аалларын тохтобулларыгар тэриллиэхтэрэ.
2024 сылга Дьокуускай куоракка Аччыгый баһаарга «Ленатурфлот» турпиирмэ чэрчитинэн уонна Өлүөхүмэ оройуонугар “Өлүөхүмэ” заповедникка уонна Хаҥалас улууһун Покровскай куоратыгар “Өлүөнэ очуостара” национальнай пааркаҕа сырыыга үлэлэһэр Ыалдьыт кииннэрэ аһыллан үлэлииллэр. Туризмы сайыннарар Стратегия олоххо киирбитин кэннэ бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса сибээстээх муниципальнай Ыалдьыт кииннэрэ аһыллыахтара. Дьокуускай, Мииринэй уонна Нерюнгри аэропортарыгар үктэнээт, туристар Ыалдьыт кииннэрин өҥөтүнэн туһаныахтара. Маннык кииннэр өрөспүүбүлүкэ улуустарын 50%-гар үлэлиэхтэрэ.
Мария Карпова, Урбаан, туризм уонна эргиэн миниистирин солбуйааччы:
– Туризм сайдыытын стратегията 2030 сылга диэри туристар ахсааннарын үс төгүл элбэтиигэ туһуланар. Бу чопчу соругу ситиһэр туһуттан Саха сирин биэс зонаҕа араардыбыт: киин улуустар, соҕуруу, арҕаа, илин оройуоннар уонна Арктика улуустара. Хас биирдии зонаҕа туризм сайдыытыгар сыһыаннаах тосхолу торумнаатыбыт. Ол курдук, илин зонаҕа айан-суол өҥөтүн сайыннарыыга болҕомто ууруллуоҕа. Манна адаар таас хайанан ааһар этиэхтэн кэрэ айылҕалаах “Халыма” федеральнай суолун устуоруйата кытта киирэр. Киин улуустарга, Горнайга уонна Хаҥаласка хонор сирдэрдээх турбаазалар бааллар. Онно турист олохтоох кафеларга сибиэһэй бородууксуйаны амсайар эрэ буолбакка, ынах ыан, дьиэ кыылларын аһатыан сөп. Онон тыа сиригэр туризмы сайыннарыыга турист туох эрэ дьарыктаах буоларын (түмэлгэ сылдьар, балыктыыр, сибиэһэй салгыҥҥа дьаарбайан хаамар, хайыһардыыр эбэтэр сөтүөлүүр, ынах ыыр) ситиһиэхтээхпит.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…