Арассыыйаҕа Москва уонна Санкт-Петербург кэнниттэн үһүс улахан киин куоратынан ааттанар Казань куоракка көтөр электроннай билиэппитин өссө эрдэ, олунньуга ылбыппыт. Бииргэ төрөөбүт 4 аҕыс-балыс кыыс ханна эмэ тутуспутунан баран сынньанар ыра санааны уруккуттан да ээр-сэмээр иитиэхтии сылдьыбыппыт.
Онуоха быйыл Дьокуускай-Казань маршрукка быһа көтөр рейс аһыллан, элбэҕи толкуйдаабакка, атырдьах ыйын 12–21 күннэригэр Казань куоракка сынньанарга быһаарыммыппыт.
Тиийиэхтээх дойдубутун Куйаар ситиминэн сиһилии үөрэппиппит, “Nordwind Airlines” хампаанньанан көтөр эбиппит. Бу хампаанньа туһунан дьон санаата араас эбит этэ. Чэ, ону ол диэбэккэ (талымастыыр да кыах бэриллибэт этэ), билиэппитин бара-кэлэ 36 тыһ. солк. атыыласпыппыт. Олорор сирбитин эмиэ эрдэттэн үөрэппиппит. Сынньана барар аата сарсыарда аһылыктаах гостиницаларга, хостелларга олоруохпутун баҕарбыппыт. Ол эрээри, үксэ хайыы үйэ сакаастаммыт буолан испитэ. Дьон олох эрдэттэн үлэһэр эбит. Биһиги барыахпыт биир ый иннинэ күҥҥэ 2 тыһ. солк. төлөбүрдээх гостиницаны булбуппут.
“Северный ветер” сөмөлүөтэ Дьокуускайтан биһиги бириэмэбитинэн күнүс 12 чааска көтөр. Вокзалга көрдөххө, дьон үксэ илиитигэр тута сылдьар биирдии эрэ суумкалаах. Бу рейскэ илиигэр тутар суумкаҥ 40х30х20 кээмэйдээх буолуохтаах. Сорох дьон суумкалара калибраторга (мээрэйдиир тэрилгэ) баппакка, эбии харчы төлүүргэ күһэллэллэр.
Сөмөлүөт 6 чаас 15 мүнүүтэ көтөр. Сааһыланан олорбуппут кэннэ, сотору кэминэн кумааҕыга испииһэктээх сылдьан, ааппытын-суолбутун туоһулаһаллар. Онно ким аһыыр дуу, аһаабат дуу “бырааптааҕа” сурулла сылдьар эбит. Испииһэккэ киирбит дьоҥҥо итии чэйдээх, кофелаах бутерброд аҕалан биэрэллэр. Аһылыга суох билиэти ылбыт киһи алта чааһы быһа аччыктыан сөп. Куртаҕа курулуоҕун, хата, сотору-сотору гаастаах эбэтэр гааһа суох уу аҕалан “алы гыналлар”.
Дьокуускайтан күнүс көтөн, бэйэбит бириэмэбитинэн Казань куоракка 6 чааска тиийбит дьоҥҥо, манна күнүҥ саҕаланар эрэ (Москва бириэмэтин курдук, 6 чаас арыттаһар). Онон атын сиргэ салгыы айанныыр дьоҥҥо хата табыгастаах, биир эбии күннээх курдук буолан тахсаҕын. Аэропортан Яндекска 5100000 нүөмэргэ эрийэн, таксыыбытын сакаастаатыбыт (кэлин да наар бу нүөмэри туһанныбыт, олус табыгастаах). Өр күүттэрбэккэ массыынабыт тиийэн кэллэ уонна 900 солкуобайга тиийиэхтээх сирбитин буллубут (аэропорт куораттан 20 килэмиэтир).
Тахсыыспытын кытары тута эйэргэһэн, “Эһигини, ыалдьыттары билиһиннэрэ таарыйа куорат хабыллар хаба ортотунан айаннаан тириэрдиэм”, — диэтэ. Инньэ гынан, куорат историческай, кэрэ-бэлиэ миэстэлэрин харахпытынан сэргии, астына айаннаатыбыт. Суоллара киэҥэ сүрдээх, массыыналар сатабыллаах бэйэлээхтик уҥа-хаҥас “киирэ-тахса” бараллар. Гостиницабытыгар биһигини күүппүттэрин биллэрэн, үөрэ-көтө көрүстүлэр. Икки хоһунан сыттыбыт. Уопсайынан, олорор сирбитигэр олус табылынныбыт. Төһө да икки мэндиэмэннээх дьиэ тухары кэлиилээх-барыылаах, аймалҕаннаах да буолуон сөбө. Олус чуумпу, бэйэ-бэйэҕэ ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар ыалдьыттардаах сиргэ түбэспиппиттэн олус үөрдүбүт.
Сүрүн тырааныспар — оптуобус
Түһэр сирбит куорат килбэйэр кииниттэн син тэйиччи буолан, хайдах да сатыы сылдьыбаккын. Куоракка сүрүн тырааныспарынан оптуобус буоларын эрдэттэн билбиппит. Онон куорат киинигэр, этэргэ дылы, боростуой норуоту кытары оптуобуһунан айаннаан сырыттыбыт. Оттон ыраах сирдэргэ барарга Яндекспыт таксыылара абыраатылар. Оптуобуска билиэппит сыаната 30‑ча солкуобай, быстах кэмҥэ сылдьар дьон быһыытынан, араас каарталары эҥин атыылаһа сатаабатыбыт, бэйэбит “Мир” каартабытынан төлөстүбүт.
Казань куорат устун оптуобуһунан, метронан (Арассыыйаҕа саамай кэнники баар буолбут), троллейбуһунан, трамвайынан айанныахха сөп. Ким баҕалаах массыына уларсан сылдьарыгар каршеринг өҥөтүнэн туһанар. Оптуобустарын маршрута, дьиҥэр, олус элбэх эбит, ол гынан баран, сороҕор наһаа өр кэтэһэҕин. Кэтэһэн кэлтэгэй буолбутуҥ кэннэ, дьэ, бу күлтэйэн иһэр буолар (сынньана сылдьар дьон туохха ыксыахпытый, холкубут). Биһиги Дьокуускайбыт таһынааҕы сэлиэнньэлэрбитигэр сылдьар курдук, киэҥ-куоҥ, кыһыл оптуобустар сылдьаллар. Оптуобус иһигэр кондуктор үлэлиирин бастаан дьиктиргии санаатыбыт (биһиэхэ умнуллубута ырааттаҕа), үксүгэр биэнсийэлээх саастаах эр дьон үлэлиир эбит.
Манна биири дьиктиргии көрдүбүт. Эн иннигэр баҕар, кырдьаҕас, баҕар оҕо күүтэр ийэ турдун — миэстэлэрин туран биэрбэттэр. Эдэрдэр наушниктарын кэтэн баран олороллор, кимиэхэ да наадыйбат кэриэтэлэр. Биһиэхэ курдук, “кырдьаҕастар, инбэлииттэр олорор миэстэлэрэ” диэн сурук да суох. Онно холоотоххо, биһиги Дьокуускайбыт дьоно-сэргэтэ, чуолаан эдэр дьоно, оптуобус иһигэр быдан култууралаахтар эбит диэн ыччаттарбытынан киэн тутта санаатыбыт.
Казань Арассыыйаҕа “Гастрономическай куоратынан” ааттаныан ааттанар эбит. Куукуналара былыргы булгардар үгэстэриттэн саҕалаан, нуучча, мари, удмурт, Орто Азия норуоттарын бүлүүдэлэринэн байытыллан, эгэлгэтэ элбэх. Татаардар, төһө да хой этин ордук сөбүлүүллэрин үрдүнэн, ынах, сылгы эттэриттэн бүлүүдэлэринэн эмиэ күндүлүүллэр.
Туристар татаардар бурдук уонна минньигэс астарыттан чак-чак уонна эчпочмак, кыстыбый, о. д.а. сөбүлүүллэр. Бу астары боруобалаабатах киһи Татарстаҥҥа сылдьыбатаҕын кэриэтэ дииллэр. Эчпочмак (эч — “үс”, почмак — “муннук”) — кырбаммыт эт, хортуоппуй уонна луук начыыҥкалаах үс муннуктуу тутуллубут бөрүөк. Оттон кыстыбый — (аныгылыы фастбуд) илдьи мэһиллибит хортуоппуйдаах, сыалаах-арыылаах соҕус лэппиэскэ. Суругунан кэпсээтэххэ, тылынан эттэххэ, судургу да эрэсиэп эбит диэххэ сөбө буолуо. Ол гынан баран, биирдэ эрэ боруобалаабыт киһи ураты минньигэһин билиэ уонна туох кистэлэҥнээҕин таайа сатыа. Ол курдук минньигэс!
Бу тотоойу аһылыктар хайа баҕарар эрэстэрээн, уулуссаҕа баар кафелар менюларыгар бааллар. Ол гынан баран, аан бастаан “Татаар уһаайбата” диэн комплекска сакаастаан сиэбиппит амтана тоҕо эрэ умнуллубат.
Уопсайынан, аһылык, бородуукта сыаната наһаа ыарахана суох. Москва Арбатын курдук Бауман уулуссаҕа (уруккута “Большая Проломная” уулуссаны 1930 сыллаахха революционер Николай Бауман аатыгар уларыппыттар) күнүстэри-түүннэри олох күөстүү оргуйар. Манна наадаҕын барытын атыылаһыаххын, 300–350 солк. тото-хана аһаан сылдьыаххын сөп. Урут сылдьыбыт дьон “Тюбетей”, “Сказка”, “Добрая столовая” эрэстэрээннэр ситимнэригэр сылдьан аһыырга сүбэлээбиттэрэ. Кырдьык, кинилэргэ сыаналара удамыр.
Атын үйэ тыынын ылаҕын
Татарстан тыһыынчанан сыллаах устуоруйатын тухары элбэх норуот үгэһин ылыммыта. Ол да иһин, араас таҥара дьиэлэрин, храмнары, собуордары уо. д.а. сэргэ устуоруйа дьикти архитектуралаах эбийиэктэрэ абылыыллар. Казань куоракка сылдьан, эн бэйэҕин ханнык эрэ ааспыт үйэлэргэ кэлбит курдук сананаҕын. Бииртэн биир кэрэ көстүүлээх, архитектуралаах, дизайннаах тутуулар хараххын сымнаталлар, бириэмэ баара буоллар, барыларыгар да киирэн билиэххин-көрүөххүн, салгынын, тыынын ылыаххын баҕараҕын.
Онуоха дьэ, эйиэхэ көмөлөһөөччүнэн туристарга аналлаах фирмалар буолаллар. Казань Кириэмилигэр киирэн иһиэххиттэн эйиэхэ туризм үлэһиттэрэ, волонтердар куорат маршруттарын билиһиннэрэр брошюралары, аккырыыккалары түҥэтэллэр. Ону барытын сиһилии үөрэтэн, баҕалаах маршруккун талыаххын эрэ наада. Биһиги сүрүннээн “Хан Тур Казань” фирманан туһанныбыт (барытын смс ыытан саната, кэпсии олороллор). Казань куорат устуоруйатын, кэрэ бэлиэ миэстэлэрин күнүс да, киэһээҥҥи кэмҥэ да көрдөрөр маршруттар бааллар. Сыаналара 2000–2500 солк. халбаҥныыр. Икки этээстээх оптуобустарга олорсон, ханна баҕарар тиийэҕин.
Бу оптуобустарынан Москваҕа, Санк-Петербурга, Самараҕа, Чебоксарыга, Йошкар-Олаҕа, Уфаҕа уо.д.а. чугастааҕы куораттарга төһө баҕарар тиийэн, экскурсияҕа сылдьыахха сөп. Москва, Санкт-Петербург олохтоохторо икки күннээх өрөбүллэригэр кэлэн күүлэйдииллэр эбит.
* * *
Ыра санаа ымыыта буолбут куораппытыгар төһө да син өр (уон хонук) сырыттарбыт, барытын ситэн сиһилии кэпсээбэккин. Онон, бу сырыыга ыстатыйа Казань куоракка сынньана барар дьоҥҥо туһалаах буолаарай диэн сүбэама биэрэр сыаллаах-соруктаах сурулунна.
Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…
Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…