Туризм эйгэтигэр үлэлиир урбаанньыттар анал үөрэҕи аастылар

Share

Үлэ кыбартаалыгар икки күн устата Саха сиригэр туризм сайдыытыгар туһуламмыт үөрэх сэминээрдэрэ, маастар-кылаастар буолан аастылар.

Манна Арассыыйаҕа туризм эйгэтин араас хайысхаларыгар тахсыылаахтык үлэлии сылдьар ыалдьыттааһын боппуруостарыгар бастыҥ эспиэртэр мустан, бу эйгэҕэ цифровой технологиялары хайдах сайыннарыахха сөбүн ырытттылар, сүбэлээтилэр.

Ыалдьыттааһын индустриятын национальнай сойууһа (ОСИГ) 2019 сыллаахха  туризм эйгэтигэр территориялары сайыннарыыга үлэлэһэр соруктаах тэриллибитэ. Бу кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ бэрэсидьиэнэ Алексей Волков салайан илдьэ сылдьар туризмы сайыннарыы эспиэрдэрин бөлөҕөр Газпромбааҥҥа сүбэһитинэн үлэлиир Грант Бабасян, РФ тырааныспар министиэристибэтин иһинэн Уопсастыбаннай сэбиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Илья Зотов, туризм сайдыытын офиһын салайааччыта Юлия Железняк, Экэнэмиичэскэй сайдыы министиэристибэтин иһинэн Ис туризм сэбиэтин чилиэнэ Анна Лабазанова үлэлээтилэр.  Сойуус чилиэннэрэ  эрэгийиэннэринэн сылдьан,  креативнай урбаан сайдыытын тосхоллорун торумнууллар, туроператордары үөрэтэллэр, араас бырайыактары толкуйдуурга көҕүлүүллэр.

Икки күн иһигэр ыытыллыбыт сиэссийэлэргэ кыттыыны ылбыт дьон туризм эйгэтин  инфраструктуратын сайыннарыыга, араас тэрээһиннэри толкуйдаан, календарнай былааннары оҥорууга бырайыактары толкуйдуурга үөрэннилэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Норуот эмтиэкэтэ

Хатыҥ мүөттээх сэбирдэҕин чэйгэр кутан иһэ сырыттаххына, бүөргэр-быаргар туһалаах. Салаакка мэлдьи моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, укуруоп…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

5 часов ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Атаарбыта буолан абыраары…

Дьокуускайга 40 саастаах киһи уулуссаҕа билбэт дьахтарын көрсөн атаарарга тылламмыт. Киэһээ хараҥаҕа кутталлаах, соҕотоҕун сылдьар…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

ОҔОЛОР СУУРКУЛУ САТААН ТУТТУБАТ БУОЛЛУЛАР

Сууркул (циркуль) – эргимтэ уонна дуга сурааһынын тардарга, устаны кээмэйдиргэ уонна кээмэйи көһөрөргө аналлах инструмент.…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр суругунан литература 125 сыла бэлиэтэниэҕэ

Ил Дархан Айсен Николаев саха народнай бэйиэтэ Наталья Харлампьеваны кытта Саха сиригэр суругунан литературатын 125…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Түүл-бит

Киһи үксэ түүн тугу түһээбитин уһуктаат быһаара, тойоннуу, билэ көрө сатыыр. Оттон сорохтор түүлү мээнэ…

6 часов ago