Салгыы
Туризм — кэскиллээх хайысха

Туризм — кэскиллээх хайысха

15.07.2023, 16:30
Хаартысканы Андрей Бочкарев тиксэрдэ
Бөлөххө киир:

2019 сыллаахха аччыгый уонна дьоҕус урбааны өйүүр национальнай бырайыак олоххо киириитигэр дьоһуннаах хардыы оҥоһуллубута.

Урбаанньыт ахсаана эбиллэр

Национальнай бырайыак сүрүн соруга — Биисинэс сайдыытын бары түһүмэхтэргэ: идиэйэ саҕыллыытыттан экспорга батарыыга тиийэ өйөөһүн.

2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн “Мин биисинэһим” диэн урбаанньыттары өйүүргэ аналлаах кииннэр аһыллан барбыттара. Бу үлэ — аччыгый уонна дьоҕус урбаан салаатыгар үлэлиир дьону үбүнэн, анал бырагыраамаларынан өйүүргэ туһуламмыт национальнай бырайыак биир төһүү хамсааһына этэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ “Мин биисинэһим” киин улуус аайы баар. Үлэ бу көрүҥэ урбаанньыт ахсаанын элбэтиигэ, биисинэс эйгэтигэр эрэллээхтик атаҕар турарыгар усулуобуйа тэрийиигэ туһуламмыта.

Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр национальнай бырайыак чэрчитинэн бөдөҥ урбаанньыттары өйүүр 3 эрэгийиэннээҕи бырайыак үлэлиир. Ол курдук, “Аччыгый уонна дьоҕус урбаан субъектарын түргэнник сайыннарыы (акселерация)” бырагыраама билигин үлэлии сылдьар урбаан тэрилтэлэрин сайыннарыыга туһуланар. Оттон “Биисинэс эйгэтигэр судургутук киириигэ усулуобуйа тэрийии” тосхол — саҥа үлэлээн эрэр урбаанньыттары уонна бу эйгэҕэ ыччаты, олохтоох дьону көҕүлээһин. “Бэйэ дьыалатын тэринээри сылдьар дьоҥҥо (самозанятые) тоҕоостоох усулуобуйаны тэрийии” — үлэлиэн баҕалаах дьоҥҥо өйөбүлү оҥоруу бырагыраамата. Бу тосхоллорго олоҕуран, аччыгый уонна дьоҕус салааҕа үлэлиир урбаанньыт ахсаана биллэ эбилиннэ.

Намҥа туризм хайысхатын далааһыннаах хардыыта

Аччыгый уонна дьоҕус урбааны өйүүр национальнай бырайыак чэрчитинэн Саха сиригэр “Туризм инфраструктурата сайдыыта” федеральнай бырайыакка олоҕуран, Арассыыйаҕа «Туризм уонна ыалдьытымсах буолуу индустрията» диэн национальнай бырайыакка улахан болҕомто ууруллар.

Туризм тэриллэрин атыылаһыыга, саҥа маршруттары таҥыыга, мобильнай сыһыарыылары оҥорууга, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо сынньалаҥы тэрийиигэ анал субсидиялар олохтоноллор. Бу салааҕа саҥа хардыы оҥорор урбаанньыттар граннарынан үлэлииллэригэр суолталаах өйөбүл оҥоһуллар.

Ааспыт нэдиэлэҕэ Нам улууһугар «Таҥхай» туристическай баазаҕа туризм салаатыгар үлэлиир урбаанньыттарга анаан оройуоннааҕы Биисинэс-инкубатор көҕүлээһининэн Аччыгый уонна дьоҕус урбааны өйүүр национальнай бырайыагы олоххо киллэриигэ туһуламмыт тэрээһин буолла.

Тэрилтэ салайааччыта Андрей Бочкарев улуус урбаанньыттарын тоҕо түмпүттэрин туһунан бу курдук иһитиннэрдэ:

— Дьон-сэргэ киин куораттан чугас Нам улууһун туристическай баазаларын олус кэрэхсээн кэлэр буолла. Онон өҥө оҥорор үлэни күүһүрдэр, хаачыстыбатын тупсарар сорук турар. Саҥа саҕалаан эрэр урбаанньыттары кытта үлэ былааннаахтык уонна көдьүүстээхтик ыытыллар буолан, национальнай бырагыраама сүрүн тосхоллорун үлэҕэ киллэриигэ анаан ылсан үлэлэһэбит. Сыл аайы турист ахсаана эбиллэ турар буолан, туризм курдук урбаан эйгэтин биир суолталаах салаата Нам улууһун сайдыытыгар бэрт кэскиллээх хайысха.

Урбаанньыттары түмпүт тэрээһиммит сүрүн соруга — улууска турбаазалар ахсааннарын элбэтэн, туристар интэриэстэрин тардыы. Биллэн турар, болҕомто киинигэр — үбүлээһини көрүү. Онон бу сытыы тиэмэҕэ туһаайыллыбыт “төгүрүк остуолга” бэрт сэргэх кэпсэтии буолла. СӨ Урбаан, атыы-эргиэн уонна туризм министиэристибэтин туризм отделын салайааччы Степанида Оконешникова уонна туризм сайдыытыгар территориальнай маркетинг ааҕыныстыбатын исписэлииһэ Денис Трофимов аччыгый уонна дьоҕус урбаан салаатыгар судаарыстыба оҥорор көмөтүн быһаардылар. Улууска 8 туристическай бааза тигинэччи үлэлии турар. 4 саҥа туристскай бааза үлэҕэ киириэхтээх. Манна эбии ыалдьыттары түһэрэр гостиница биисинэһигэр үлэлиир 6 тэрилтэ (гостевые дома) баар.

Урбаанньыттар сүрүн кыһалҕалара — уот уонна суол-иис. Үлэлии турар баазалар бары уоттаахтар эрээри, үгүстэрэ диисэлинэн холбоноллор. Быйыл улуус дьаһалтатын субсидия өйөбүлүнэн 6 туристическай бааза толору хааччыллыылаах буолуоҕа.

Былырыыҥҥыттан Биисинэс-инкубаторга дириэктэринэн ананаат, граннарга үлэһэн саҕалаабытым. Онно “Модульнай дьиэ” диэн федеральнай бырагыраамаҕа кыттыыбыт түмүгэр, 11 мөлүйүөн 780 тыһыынча солкуобай үбүлээһиҥҥэ тиксибиппит. Ол үбү биир турбаазаҕа, биир “гостевой” дьиэҕэ биэстии мөлүйүөн солкуобайы үллэрбиппит. Ылбыт үптэрин саҥа саҕалаан эрэр урбаанньыттар эбийиэктэрин тутууга, араас үлэҕэ тутуннулар. Эһиил үлэлээбитинэн барыахтара. Үс туристическай баазаҕа уот ситимин тарда сылдьабыт.

Былырыын «Намские просторы» диэн Туристическай рекреационнай кластеры (ТРК) бырайыактыыр-симиэтэлиир документацияны бэлэмнээн, федеральнай субсидия ылбыппыт. Ол эбэтэр, 6 800 000 солкуобай кэлбитэ. Онно эбии гаастааһыҥҥа уонна “Ай-Ленд” диэн сынньаланар сиргэ бэлисипиэт суолун оҥорууга инвестиционнай бырайыактарга кытта сылдьабыт. Бу үлэ барыта Нам улууһугар туризм сайдыытын хайысхатын сүрүннүүр исписэлиис Люция Жиркова өйөбүлүнэн оҥоһуллар. Маны тэҥэ СӨ Туризм сайдыытыгар территориальнай маркетинг ааҕыныстыбатын салайааччыта Дмитрий Громовы кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиибит. Ааспыт сылга Биисинэс инкубаторбытыгар туризм хайысхатыгар үлэлиир исписэлиис штатын аспыппыт. Арааһа, бу өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы холобур буолуон сөп.

Ити курдук, РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьаһалынан Арассыыйаҕа «Туризм уонна ыалдьытымсах буолуу индустрията» диэн национальнай бырайыак Нам улууһугар хайдах олоххо киирэрин холобурдаатыбыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 января
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: