Туризм –  сайдыы суолун аартыга

Туризм –  сайдыы суолун аартыга

28.07.2024, 12:00
ХААРТЫСКАЛАР М.КАРПОВА ТУС АРХЫЫБЫТТАН.
Бөлөххө киир:

“Муравьев-Амурскай 2030” бырагыраама Уһук Илин эригийиэннэри сайыннарыыга туһуламмыт судаарыстыбаннай сулууспа салайар үлэһиттэрин бэлэмнээн таһаарар.

«Кимий?» диибин. «Кини!» дииллэр…

Бу бырагырааманан үөрэммит исписэлиистэр Уһук Илин эрэгийиэннэригэр эппиэттээх үлэлэргэ ананан үлэлиил­лэр. Б.дь. от ыйын 5 күнүгэр «Муравьев-Амурскай 2030» салайар каадырдары бэлэмниир «Муравьев-Амурскай 2030» бырагыраама биир бастыҥ выпускнигын Мария Карпованы Ил Дархан Айсен Николаев СӨ Урбаан, эр­­гиэн уонна туризм миниистирин солбуйааччынан анаабыта. Кини кимий?

Мария Карпова Москва­тааҕы үп уонна бы­­раап университетын уонна Новосибирскайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрбит. 2012 сылтан Москваҕа уонна Новосибирскайга дьоҕус биисинэскэ туризм, эрэкэлээмэ уонна бородууксуйа атыылыыр бырайыактары олоххо киллэрбит. Туризм оробуочай бөлөҕүн састаабыгар тустаах бырагыраамаҕа үөрэнэ сылдьан, Саха сирин сакааһынан министиэристибэлэри, биэдэмистибэлэри уонна оройуоннааҕы муниципалитеттар дьаһалталарын кытта ыкса сибээһи олох­тоон, «Туризмы тэрийии, сайын­­нарыы уонна көҕүлээһин тиһигин хамсатыы, эрэги­йиэн киһини бэйэтигэр тардар имиджин үөскэтии, өрө таһаарыы» бырайыагы оҥорууга көхтөөхтүк кыттыбыта. СӨ урбааҥ­ҥа, атыыга-эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирэ Тимур Ханды хамаандатыгар кини солбуйааччытын быһыытынан туризм сайдыытыгар сыһыаннаах боппуруостары сүрүннүүр.

Саха сирин талыы

Мария Карпованы кытта бүгүҥҥү күҥҥэ ыыта сылдьар үлэтин туһунан кэпсэттибит.

– Мария Эдуардовна, кэпсэтиибитин Уһук Илин эригийиэни сайыннарар салайар каадырдар бырагыраамаларын туһунан хантан билбиккиттэн саҕалыах.

– Биллэриини  «Контакка»  ааҕан баран, бэйэбин бэрэбиэр­кэлэнэн көрөргө санаммытым. Төрөөбүт куораппар Новосибирскайга олохсу­йуохпут иннинэ кэргэним үлэтинэн Мииринэйгэ олоро сылдьыбыппыт. Онон Саха сирин наһаа сөбүлээбитим. Ол да иһин куонкуруска кыттарга санаммытым. Куонкуруһу ситиһиилээхтик ааһан, Москваҕа Сколковоҕа үөрэммитим. Муус устарга үөрэхпитин бүтэрбиппитин кэннэ, хас биирдии эрэгийиэнтэн бэрэс­­тэбиитэллэр кэлэн, биһигини анаан «бултаспыттара». Мин Айсен Николаев Сколковоҕа бастакы көрсүһүүгэ эппит этии­тин өйдөөн хаалбытым. Кини «бастакы бэрэсидьиэммитин Михаил Николаевы хайдах да түһэн биэрэр кыаҕым суох. Кини оҥорбут дьыалатын салгыахпын, норуотум олоҕо тупсан, саҥа саҕахтарга тахсан иһиэн баҕарабын» диэбитэ. Ил Дархан ити этиитэ миигин Саха сиригэр аҕалбыта. Дьиҥэр, мин үс эрэгийиэни талбытым – Чукотка, Камчатка уонна Саха сирэ. Уһук Илин эрэгийиэннэрин салайааччылара тэҥнээхтэрин курдук, туох да микрофона-таймата суох утары олорон, бэйэлэрин өрөспүүбүлүкэлэрин, кыраайдарын билиһиннэрбиттэрэ. Онтон «чэ, доҕоттор, аны эһиги биһиги эрэги­йиэммитин хайдах сайыннарыахха сөбүн туһунан ирэ-хоро санааҕытын, былааҥҥытын сайа кэпсээҥ, үллэстиҥ. Кылаабынайа, хараххыт ума­йыан наада», – диэн бэлиэтээбиттэрэ.

«Күөх уот» умайыыта

– Үлэҕин туохтан саҕалаатыҥ?

– Ил Дархан Айсен  Ни­-колаев төрөөбүт дойдутун талбыппын кэмсиммэппин. Хас биирдии  саҥа дьону кытта билистэҕим, сонун хайысханы тобуллаҕым, ураты сүүрээни буллаҕым аайы, айарга-тутарга «күөх уот» умайарга дылы.  Кэлэр биэс сыллааҕы стратегияны  толкуйдаан эрэбит. Онон үлэ үгүс. Архитектура уонна тырааныспар министиэ­ристибэлэрин кытта кэпсэттим. Ол эбэтэр ханна туох саҥа тутуу барарын, суол тутулларын истэн биллим.

Күн аайы улуустар баһылык­тарын кытта кэпсэтэн, туризм хайысхатыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар бастыҥ дьоннорун туһунан ыйыталаһан билсэбин.

Креативнай экэниэмикэ сүрүн салаата

– Дьэ, онон 20-тэн тахса хонук үлэлээн баран, санааҥ бөҕөргөөтө дуу?

– Билигин бырамыысыланнас эбийиэктэрин ситимниир тустаах министиэрис­тибэни кытта үлэлэһэ сылдьабыт. Соторутааҕыта Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков иннигэр бу хайысхаҕа туһуламмыт бырайыактары көмүскээбиппит. Туризм креативнай экэниэмикэ сайдыытын быһыытынан ылынылларын иһин, министиэристибэ туһааннаах маршруттары торумнаабытын билиһиннэрбитэ. Биһиги ону стратегиябытыгар киллэрэр соруктаахпыт.  Эбиитин кэккэ толкуйдаахпыт. Холобура, бу эбийиэккэ сылдьан баран, чугас эргин аһаан үссэнэр кафе, эрэс­тэрээн,  сынньана түһэр глэмпинг баар буоларын ситиһиэх­тээхпит. Син биир ыаллыы бөһүөлэк  баара чахчы.  Онно  турист агротуризмынан дьарыктанар ыалга тиийэн ынах ыаһан, кус-хаас көрөн, балыктаан иллэҥ кэмин атаарыан сөп. Ол эбэтэр туризм хайысхалара бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээхтик сайдалларын ситиһиэхтээхпит.

Стратегия соруга

– Туризм өссө ханнык көрүҥнэрин сайыннарыы стратегия соругар кии­­риэҕэй?

– Саха сиригэр мэдиссиинэ туризма сайдан эрэрин хайгыахха сөп. Сунтаарга тууһунан  эмтэнии, Мэҥэ Абалааҕар – бадараанынан, маны таһынан, Хаҥалас Булгунньахтааҕар аҕам саастаах дьон эмтэнэр, сынньанар кииннэрэ баар. Онон бу хайысхаҕа эмиэ үлэлэһиэхпит.

Бу күннэргэ улуустар туризм ханнык эйгэтинэн сайда туралларын быһаарса сылдьабын. Ханнык эрэ оройуоҥҥа бырамыысаланнас баһыйар, ханна эрэ тыа хаһаайыстыбата, ханнык эрэ улууска мас, ханнык­ка эрэ тимир уустара күүскэ үлэлииллэр, ханна эрэ иистэнньэҥнэр күннүүллэр эбит. Өймөкөөн улууһа тымныытынан Саха сирин брендэ буол­бут. Онон сибээстээн, айылҕа түөрт дьылын барытын туһанар сорук турар.

Гостиницалар «сулустара»

– Туристар, бастатан туран, турбаазалартан, дьону түһэрэр дьиэлэртэн сынньанарга анаан  тус­таах усулуобуйаны тэри­йиини ирдииллэрэ чахчы.

– Билигин дойду  үрдүнэн туристар гостиницалар «сулус­тарыгар» болҕомто уураллар. Ол иһин, интэриниэккэ, бастатан туран, «сулус­тар» категорияларын көрөллөр. Ол инниттэн биһиги атыр­дьах ыйын саҥатыттан бүтүөр диэри Москваттан тустаах идэлээх эспиэри ыҥыран, турис­тическай баазалары, гостиницалары «сулустуурга» үөрэттэрэ ыҥырдыбыт. Эспиэр хамнаһын бэйэбит төлүүбүт. Онон урбаанньыттар босхо үөрэниэхтэрэ. РФ култуураҕа министиэ­ристибэтин 2014 сыл от ыйын 11 күнүнээҕи 1215 №-дээх   бирикээһигэр олоҕуран, гостиницалары категориянан араарыы бэрээдэгэ олохтоммута.

Онон сибээстээн гостиницалар «0»,  «биир», «икки», «үс», «түөрт», «биэс» «сулус­таах» диэҥҥэ арахсаллар. Эспиэр анал ирдэбиллэргэ туох киирэрин, ону хайдах толорорго үөрэтиэҕэ. Гостиница «сулустарга» арахсара үчүгэй. Оннооҕор «0» сулустаах диэн аатаннаҕына да, ханнык баҕарар турист «ол аата бу гостиница үлэһиттэрэ тустаах үөрэҕи ааспыттар эбит» диэн толкуйдуоҕа. Оттон туох да «сулустаа­ҕын» туһунан ахтыллыбат гостиницаны аны ким да  көрбөт кэмэ кэлэн эрэр. Ол аата «туга-ханныга биллибэт, түһэргэ кутталлаах эбит» диэн са­­нааны үөскэтэр. Онон дьону түһэрэр дьиэлэрдээх урбаанньыттар министиэрис­тибэҕэ кэлэн, 20 сыл ыстаас­таах эс­­пиэр сүбэтин истиҥ, үөрэниҥ, сэртипикээттэ ылыҥ диэн ыҥырабын.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
9 октября
  • -8°C
  • Ощущается: -8°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: