Туризм номоххо олоҕурар

Share

Сааскы сылаас ылааҥы күннэр дьэ саҕаланан, тот салгын түһэн, бу күннэргэ дьон-сэргэ айылҕаҕа сынньанары толкуйдуур кэмэ үүннэ.

Ол сиэринэн, сынньатар, аралдьытар үлэлээх дьон туристары угуйар араас ньыманы толкуйдууллар, сирдэрин-уоттарын анаан бэлэмнииллэр, дьону сынньатар, аралдьытар баазаларыгар усулуобуйа бары көрүҥүн тупсараллар.

Эмиэ оннук санаанан салайтаран,  «Өлүөнэ очуостара» айылҕа национальнай пааркатын салалтата ох курдук оҥостон, 4 массыынаны толору араас иһититиннэрэр-көрдөрөр эйгэ суруналыыстарын бииргэ түмэн бу нэдиэлэ саҥатыгар — оптуорунньукка биир күнү анаан үлэтин-хамнаһын билиһиннэрдэ. Соруга —  түөрт сыллааҕыта федеральнай статуһу ылыаҕыттан айылҕа паарката сайдыы ханнык таһымыгар үктэммитин, туох сонун сүүрээни киллэрбитин билиһиннэрии, сырдатыы. Оттон биһиэхэ, суруналыыстарга, айанныахпыт иннинэ чопчу сорудах бэрилиннэ — турист оруолугар киирэбит, тугу сонургуу көрбүппүтүн сурукка-бичиккэ, хаартыскаҕа уонна видеоҕа тиһэбит уонна түмүккэ санаабытын үллэстэбит. Ол сылдьан туох тиийбэтин кыраҕытык бэлиэтии көрөн, ону туораталларын этиэхтээхпит. Бу маннык бэрт сонун көрүҥү — суруналыыстары эспиэр (эксперт) оҥостуу холобурун «очуостартан» үөрэнэн, туристическай хампаанньалар, пиирмэлэр, баазалар эмиэ туһаныахтарын сөп.

Биллэн турар, турист-аймах мустар сирэ туох эрэ уратылаах, дьону угуйардаах буолуохтаах. Онуоха араас үһүйээн, номох көмө буолара чахчы. Өлүөнэ очуостарыгар аара баран иһэн айылҕа национальнай пааркатын дириэктэрин солбуйааччы Дмитрий Громов туристары угуйар, санааларын табар икки бэлиэ сири билиһиннэрдэ. Ол — бастакы тохтобул: Булгунньахтаах уонна Улахан Аан нэһилиэктэрин икки ардыгар турар «Оҕо тааһа».  Бу аһаҕас халлаан анныгар турар айылҕа түмэлин эспэнээтэ  2-с Малдьаҕар нэһилиэгин мецената Николай Пудов аатын  үйэтитэ турар эбит. Николай Ипполитович  19-20-с үйэлэр кэрэһиттэринэн буолбут сүүнэ улахан мэҥэ тааһы Хаастаах диэн сиргэ Өлүөнэ Эбэ биэрэгиттэн аҕалан туруорбут. Дьиктитэ баара, тааска учуонай-лингвист саха суругун-бичигин төрүттээччи Семен Новгородов алпаабытынан сахалыы суруллубут: «Бу Н.И. Пудап ньыгыл таас уола буолар. Бу тааһы тиэйэн аҕаллым Чочуобуна күрбэтиттэн муус устар 10 к. 1928 с. На памиэт кэнэҕэски ыччат оҕолорум, дьоннорум көрө сырыттыннар диэн. Мин өлбүтүм кэннэ миигин саныы-ахта сырыттыннар диэн. 62 сааспар тыыннаах сылдьан Николай Иппалитабыс Пудап«.

21-с үйэҕэ бу Мэҥэ таас бэлиэ эспэнээт буолан, туристары угуйа турар. Николай Ипполитович үөрэхтээх, баай киһи эбит. 2-с Малдьаҕар нэһилиэгин ыстаарастатынан үлэлии сылдьыбыт. Оҕото суох буолан, киниэхэ ким эрэ «сүүнэ улахан тааһы маннык сиргэ аҕалан туруордаххына, ааккын ааттатар дьоннонуоҥ» диэбитин ылынан, бу тааһы аҕалан туруорбут уонна олох оҕотун курдук көрбүт-истибит. Кырдьык, сотору буолан баран, уолаттара күн сирин көрбүттэр. Дьэ, онтон ыла манна оҕото суох дьон алгыс ылан барар буолбуттар. Ким оҕолонон, ким сиэннэнэн «Оҕо тааһын» күндүтүк ахта саныыр эбит.

Ама, ханнык турист маннык истиҥ иэйиилээх устуоруйа биир чахчытын дууһатыгар ылыммакка ааһыай? Оҕо кутун тардыан баҕалаах да үгүһэ чахчы. Онон манна үгүс киһи кэлэн барар эбит.

Иккис тохтобул — «Санаа туолуутун аартыга». Икки өттүттэн киирэр эмиэ бэрт бэлиэ сиргэ туристар хайаан да тохтоон, хаартыскаҕа түһэн, баҕа санааларын этэн ааһар сирдэрэ эбит.

Бу сиргэ хаартыскаҕа түһүөн баҕалаах турист олус элбэх эбит. Ол курдук, YakutiaMedia ИА кылаабынай эрэдээктэрэ Алена Подковырованы СӨ Урбаан министиэристибэтин Туризм сайдыытын ааҕыныстыбатын менеджерэ   Александра Ефимова түһэрбитин көрдөххө, олох омук дойдутуттан туох да атына суох.

Аны  салгыы Александра Ефимова Туризм сайдыытын ааҕыныстыбатын пресс-сэкирэтээрэ Мария-Маргарита Томскаяны түһэрбитин көрүөҕүҥ.

Дьэ, уонна туристар хайдах маннык бэлиэ сирдэри ааһа барыахтарай!

Аны туран, бэлиэ эрээри, ааттара суох сирдэр бааллар эбит. Холобура, бытыылка моһуоннаах хаспах. «Манна туох номоҕу толкуйдуохха сөбүй? Суруналыыстар, көмөлөһүҥ эрэ» диэн Дмитрий Громов көрдөстө.

Онуоха миэхэ маннык толкуй киирдэ: «Хаҥалас улууһун Еланка таас хайаларыгар арыгыттан босхолонор анал  бэлиэ баар. Манна киирэн тахсыбыт дьон итирдэр утаҕы олох испэт буолаллар эбит…«. Ити курдук, туристары угуйар араас номоҕу толкуйдаан таһаарыахха сөп буоллаҕа. Киһиэхэ сүрүнэ — санаатын күүһэ. Ытык сиргэ сылдьан баран, ким эрэ оҕолонуо, ким эрэ арыгы курдук куһаҕан дьаллыктан босхолонуоҕа, ким «Санаа туолуутун аартыгар» сылдьан, иитиэхтии сылдьар баҕа санаатын толоруоҕа. Ханнык баҕарар туризм сайдыбыт сиригэр бэйэтэ номохтордоох, үһүйээннээх. Онон дьону тардар күүстээх.

Ити курдук, суруналыыстар «Өлүөнэ очуостара» айылҕа пааркатыгар  сырыыбыт бастакы түһүмэҕэ санаабытын көтөхтө, сырдыкка уонна кэрэҕэ угуйда…

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

12 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

12 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

12 часов ago