Туртастар сылгылар хаспыт сирдэригэр аһыыллар
Быйыл саас халыҥ хаар түһэн, кыылга-сүөлгэ эмиэ эрэйи үөскэттэ. Маныаха тыаҕа кыылы-сүөлү чугастан билэ-көрө сылдьар судаарыстыбаннай иниспиэктэрдэр туох санаалаахтарый?
«Кулун тутар, муус устар ыйдарга нуорматтан ордук тибиилээх хаар түһэн, ириэрэн, кэниттэн тоҥон, кыракый туйахтаахтарга — туртастарга иэдээн буолла. Халын хаарга батыллан аһыыр астарыгар кыайан тиийбэккэлэр элбэх өлүк тахсар туруктанна. Айылҕа харыстабылын иниспиэктэрдэрэ төһө кыахтарынан туртастарга эбии ас уура сатыыллар да, киэҥ сиргэ эмсэҕэлээбит кыылларга хайдах барыларыгар көмөлөһүөхтэрэй? Быйыл бачча тибиилээх халыҥ хаарга ханнык да тиэхиньикэ ырааппат. Аҕыйах кыылы быыһаатахтарына ол да абыраллаах. Оҥоһуллубут, ас кутуллубут кормушкаларга, туус кутар иһиттэргэ чугастааҕы туртастар орохтоон кэлэн эбии аһыыллар. Ордук хаппыт хатыҥ лабааларыттан вениктэр күөх сэбирдэхтэрин сииллэр, туус салыыллар. Тэйиччи баар туртастар сылгылар хаспыт сирдэригэр кэннилэриттэн сылдьан аһаан быыһана сатыыллар,» — диэн кэпсээтэ «Кэҥкэмэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах ресурснай резерват айылҕа ураты харыстанар сирдэрин эйгэтигэр судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ Виталий Миронов.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: