Туртастар сылгылар хаспыт сирдэригэр аһыыллар

Share

Быйыл саас халыҥ хаар түһэн, кыылга-сүөлгэ эмиэ эрэйи үөскэттэ. Маныаха тыаҕа кыылы-сүөлү чугастан билэ-көрө сылдьар судаарыстыбаннай иниспиэктэрдэр туох санаалаахтарый?

«Кулун тутар, муус устар ыйдарга нуорматтан ордук тибиилээх хаар түһэн, ириэрэн, кэниттэн тоҥон, кыракый туйахтаахтарга — туртастарга иэдээн буолла. Халын хаарга батыллан аһыыр астарыгар кыайан тиийбэккэлэр элбэх өлүк тахсар туруктанна. Айылҕа харыстабылын иниспиэктэрдэрэ төһө  кыахтарынан туртастарга эбии ас уура сатыыллар да,  киэҥ сиргэ эмсэҕэлээбит кыылларга хайдах барыларыгар көмөлөһүөхтэрэй? Быйыл бачча тибиилээх халыҥ хаарга ханнык да тиэхиньикэ ырааппат. Аҕыйах кыылы быыһаатахтарына ол да абыраллаах. Оҥоһуллубут, ас кутуллубут кормушкаларга, туус кутар иһиттэргэ чугастааҕы туртастар орохтоон кэлэн эбии аһыыллар. Ордук хаппыт хатыҥ лабааларыттан вениктэр күөх сэбирдэхтэрин сииллэр, туус салыыллар. Тэйиччи баар туртастар сылгылар хаспыт сирдэригэр кэннилэриттэн сылдьан аһаан быыһана сатыыллар,» — диэн кэпсээтэ «Кэҥкэмэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах ресурснай резерват айылҕа ураты харыстанар сирдэрин эйгэтигэр судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ Виталий Миронов.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Ленскэйгэ киһи өлүүлээх дьиэ баһаара буолла

Ленскэй куоракка чааһынай дьиэ умайан, 59 саастаах эр киһи тыына быһынна. Бу туһунан СӨ ЫБММ…

5 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Дьиэҕэ төннүү» тэрээһин — байыаннай дьайыыттан төннөөччүлэргэ көмөнү оҥоруу олуга

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара…

35 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Дьокуускайга вандаллар биир күн иһигэр үс тохтобулу алдьаттылар

Дьокуускайга Гагаринскай уокурукка вандаллар биир күн иһигэр, сэтинньи 20 күнүгэр үс сылаас тохтобулу алдьаппыттар --…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Омук бородууксуйатын бэйэ киэнигэр уларытыыттан – олох хаачыстыбатын үрдэтиигэ

АЛРОСА хампаанньа оҥорон таһаарыы көдьүүстээх буоларын уонна үлэлиир усулуобуйа тупсарын туһугар сыыппараҕа көһөрүүгэ (цифровизация) уонна…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Саха сирэ» хаһыат бүгүн тугу суруйда?

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин оскуолаларын төрөппүттэрин кэмитиэтин түөрт бырайыага бириэмийэҕэ тигистэ

Е.М.Примаков аатынан гимназияҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы төрөппүт кэмитиэтин иккис мунньаҕа буолан ааспыт. Тэрээһин кэмигэр төрөппүттэр холбоһуктарын…

2 часа ago