Туругура, тупса тур, тапталлаах Чурапчыбыт!
«Үс моҕойдоох, сэттэ бэдэрдээх, тоҕус томтордоох дойдум миэнэ – Чурапчы!” – быйыл, 2023 сыл балаҕан ыйын 9 күнүгэр Чурапчы улууһун киинэ Чурапчы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 375 сылын томточчу туолла. Бу дьоһуннаах даатанан эҕэрдэлээн туран, биһиги бүгүн уопсастыбаннай кэрэспэдьиэммит, ааптарбыт, ССРС култууратын туйгуна, Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһитэ, суруналыыс, суруйааччы, биллиилээх чабырҕахсыт Мария Андреевна Герасимова-СЭҤЭЭРЭ саҥа айымньытын ааҕааччыларбытыгар билиһиннэрэбит.
Туругура, тупса тур, тапталлаах Чурапчыбыт!
Былыргы дьыллар
Быралыйар быыстарыгар,
Урукку үйэлэр
Умнуллубут улаҕаларыгар
Күн Судаар Ыраахтааҕы
Дьаһаах хомуйар
Дьыалатыгар
Боотур уустар удьуордара
Боотуруускай улуус буолан
Урааҥхай саха
Улуутуйан ууһаабыт,
Уран тыллаах,
Уутуйан үөскээбит.
Саха саҥалаах
Сүөһү, сылгы ииттэн,
Түөрт үйэ тухары
Түөрэҕэ олорон,
Төрүөҕэ тэнийэн,
Төлкөтө түстэнэн,
Тыллыбыт түөлбэҕэ
Тоҕус томтордоох,
Тойуктаах тумуллаах
Торҕо күөх Чурапчы
Килбэйэр киин буолан,
Сурукка үйэтийбитэ
375 сылын үөрэ-көтө
Үбүлүөйдүүр бэлиэ күнэ
Үүннэ дьэ, доҕоттоор!..
Быданнаах былыргы
Быралыйбыт дьылларга
Боотуруускай улууска
Быыкаа саха норуота
Быста-быста салҕанан
Сурук-бичик үйэтигэр
Тиийэн-тиксэн кэлиитигэр
Айылҕа айгырааһынын
Алдьатыылаах сылларын
Ааҕаммын сөҕөбүн.
Ол курдук доҕоттоор!
Уон икки сыллаах
Кураан дьыллар
“Хааннаах өлүү сутун”
Адаҕытан аҕаалтар.
Халлаантан биир таммах
Уу түһэн сиигирдибэт
Уодаһыннаах сайыннара
Күөллэри, үрэхтэри
Оҥоччу уолларбыттар.
Салаа от үүммэккэ,
Сүөһүлүүн, сылгылыын
Хоргуйан охтубуттар.
Сэллик ыарыы тунуйан,
Харах ыарыыта дэлэйэн,
Дьон көрбөт буолуута,
Араас ыарыылартан
Өлүүтэ-сүтүүтэ
Үксээбит ыар сыллара,
Бүрүүкээн ааспыттар.
Түүнү-күнүһү билбэккэ,
Тыыннаах ордор иһин
Тиһэх күүһүнэн мөхсүммүт
Аҥардас хары күүһүнэн
Дьаһанан олорор дьоҥҥо
Тыыны былдьыыр,
Тыын харбаһар
Хабараан дьыллара
Уорастыйан ааспыттар.
Ол дьыллар уорааннара
Улуу Кудаҥса номоҕор
Уостан уоска кэпсэнэн,
Сурукка-бичиккэ тиһиллэн,
Аныгы көлүөнэ дьоҥҥо
Ааҕыллан эрдэҕэ.
Дьэ, быһата,
Чэгиэн мас тостор
Тымныы кыһыннаах,
Куолай хата куурар
Кураан сайыннаах
Тыйыс айылҕа
Ааһан-араҕан биэрбэт
Бары моһоллорун
Этэҥҥэ туоруурга
Уһун сылларга
Унньуктаахтык мөккүһэн,
Кырыымчык олохтоох,
Көмүлүөк оһохтоох,
Сыһыары хотонноох
Балаҕан дьиэлээх
Ыһыырынньык уоттаах,
Торбос таҥастаах,
Тар, суорат астаах
Боотур ууһун дьоно
Тыйыс тымныыттан
Туура толлубат,
Кураантан куттаммат,
Суттан саллыбат
Күүстээх санаалаах,
Үлэҕэ дьулуурдаах,
Олоххо дьаныардаах,
Кэскилгэ ыралаах,
Кэрэҕэ тардыһыылаах
Киһи киэнин кииллэрэ,
Саха киэнин саарыннара,
Урааҥхай киэнин улуулара
Тыыллан-хабыллан,
Тииһэн-тааһан
Тэнийэн тахсыыларыгар
Аар-саар айылҕалара
Адаҕыппыт алдьархайа,
Уон араас түһүүлээх,
Кубулҕатын-дьибилгэтин,
Уорастыйбыт уратыта
Олук уурбуттар бадахтаах,
Олоххо уһуйбуттар быһыылаах.
Боотуруускай улуус
Сүүһүнэн биэрэстэҕэ
Тайаан сытар буолан
Дьокуускай-Охотскай
Почтовай тракт тутуутугар,
Үлэтин хааччыйыыга
Хоһуун үлэһит дьонноро
Быһаччы кыттыбыттар.
Уон ахсыс үйэ
Сүүрбэ иккис сылыттан
Нэһилиэктэр тэриллэннэр
Кинээстэр, чаччыыналар
Түөлбэ аайы талылланнар
Ыраахтааҕы былааһа
Тэрээһиннээх салалтаҕа
Үүннээн-тэһииннээн
Үлэлэтэн барбыт.
18-с үйэ иккис аҥарыттан
Эҥинэ дьикти көстүүлээх
Сүүнэ улахан
Таҥара дьиэлэрэ
Тэтимнээхтик тутулланнар,
Аҕабыыттар өҥөлөрө,
Православнай итэҕэл
Сахам норуотугар
Күннэтэ дьайан,
Букатыннаахтык киирбит.
Уон тохсус үйэ
Онус сылыттан
Дьокуускай-Охотскай
Телеграфнай линия
Тардыытын үлэтэ
Күүскэ ыытыллан,
Телефоннай станция
Боотуруускай улуус
Килбэйэр киинигэр
Чурапчыга тутуллан,
Телефон, телеграф
Быстыспат сибээһин
Олохтообут эбиттэр.
Боотуруускай улуус
Кулубаларыттан
Чакыртан төрүттээх
Киргиэлэй Ыстаарыһын-
“Уот Ыстаарыһын”
Уордаах кулубанан
Норуокка биллэн,
Үс болдьоххо үлэлээн,
Көскө кэлбиттэргэ
Нэһилиэнньэттэн
Үбү-түһээни
Хомуйан көмөлөһүүгэ
Үтүөлэрин иһин
Үрүҥ көмүс куортугунан,
Охотскай тракт тутуутугар
Ыыппыт үлэтин иһин
Илин-Сибиир
Генерал-губернаторын
Махтал суругунан,
Сири үллэриигэ уонна
Таба туһаныыга
Дьаһайбыт үлэтин иһин
Екатерина Торуой
Хотун Ыраахтааҕы
Кыһыл көмүс мэтээлинэн
Биһирэмник бэлиэтэнэн,
Тарбахха баттанар үлэлээх
Салайааччы дэппит.
Иккис Хадаар киһитэ
Байбал Бырдьыкаанап
Икки болдьоххо кулубалаан,
Элбэх бурдугу хомуйтаран,
Күн судаар Ыраахтааҕы
Станиславскай уонна
Виненковскай үрүҥ көмүс
Дьоһуннаах мэтээллэрин ылан,
Боотуруускай улуус
Былааска көмөтүн
Туоһутунан буолбут.
1-гы Игидэйтэн төрүттээх,
500 сүөһүлээх
Дьөгүөр Оруоһун
Икки болдьоххо кулубалаан,
Улуус киинигэр Чурапчыга
Народнай училище дьиэтин
Үлэҕэ киллэрэн,
Үгүс саха ыччатыгар
Үөрэххэ-билиигэ
Суолу аспыт
Мындыр киһи эбит.
Дьэ, итиэннэ доҕоттоор!
Дьохсоҕонтон бырааттыы Николаевтар
Саха үөрэхтээх ыччаттара
Кулубалаан олорон,
Боотуруускай улуус
Сөҕүмэрдик сайдарыгар
Сүҥкэн кылааттарын
Киллэрсибиттэрэ умнуллубат.
Аччаҕартан Күүрэй Попов
Икки болдьоххо олорон,
Нолуогу төлөөһүҥҥэ
Ордук-хоһу барыыны
Хонтуруолга күүскэ ылан,
Үтүө суобастаах үлэтин иһин
Үрдүк сололоох Ыраахтааҕы
Станиславскай үрүҥ көмүс
Мэтээлинэн бэлиэтэммит.
Оччотооҕу хараҥа үйэҕэ
Россия былааһа
Үлэһит дьоҥҥо
Омугуттан тутулуга суох
Махталын биллэрэр
Үтүө үгэстээх эбит, —диэн
Өйдөбүлгэ киллэрэр.
Боотуруускай улуус
Сайдам сахалара
Үөрэҕэ суох
Түҥкэтэх дойдуларыгар
Үлэҕэ ситиһиилэрэ
Дьоһуннаахтык сыаналаммытын
Билиммэт буолуохха
Букатын сатаммат.
Уон тохсус үйэҕэ
Россия киин сирдэриттэн
Ыар буруйдары оҥорбут
Холуобунай дьыалалаахтар,
Босхолонуулаах хамсааһыҥҥа
Күүскэ кыттыбыт поляктар
Ыраахтааҕы былааһын
Ыытар политикатын
Аҕыраабакка утарсааччылар
Араас итэҕэллээх
Религиознай секталар
“Күлүүһэ суох хаайыы!”
Дэппит Саха сиригэр
Көскө көһөрүллэн
Кэлитэлээн барбыттар.
Боотуруускай улууһугар
675 киһи күүс өттүнэн
Күһэйиллэн кэлбититтэн
Чурапчы аҕыс нэһилиэгэр
203 сыылынай
Олорбуттара биллэр.
Биирдии бытанан олорор
Алаас сирдээх
Кэнэн сахаларга
Кэлии дьоннор
Соҥнуур сабыдыаллара
Күүскэ дьайан барбыт.
Ороспуой өттүлэрэ
Харса суохтарынан
Өрүү өттөйөн,
Кэрээнэ суох
Халаан-талаан,
Бэлэми мэтийэн,
Баары бараан
Бардамнаан барбыттар.
Бары эрэйи-кыһалҕаны
Кэлтэй көрдөрбүттэр.
Боотуруускай улуус кулубата
Дьөгүөр Николаев II (иккис)
Александр III (үһүс)
Бөрүстүөлүгэр олоруутугар
Саха делегациятын
Састаабыгар киирэн,
Петербурга тиийэн,
1883 сыллаахха
Ис дьыала министригэр
Уголовнай буруйдаахтары
Уобаласка ыыппаттарыгар
Көрдөһүү суругун
Сирэй тиксэрбит
Хорсун санаалаах
Саха ньургуна эбит.
1887 сылтан Иркутскай
Генерал губернатора
Граф А.П.Игнатьев
Уголовниктары ыытары
Аччатар туһунан
Дьоһуннаах дьаһала тахсан
Өрүһүлтэ буолбут эбит.
Чурапчы күөлүн
Илин баһыгар
Сүүстэн тахса
Религиознай сектаннар
Сиргэ үлэлээн
Бурдук үүннэрэн,
Сүөһү ииттэн
“Аттакылар” дэнэн
Олорон ааспыттар.
Былыргы Чурапчы
Быралыйбыт түбэтигэр
32 поляк дьоно
Көскө кэлбиттэр.
Ыраахтааҕы былааһын
Утарбыт сыылынайдар
М.Загибалов, В.Шаганов
Оҕуруоту олордуунан,
Оруос бурдугу,
Сэлиэһинэйи ыһыынан
Утумнаахтык дьарыктанан
Чурапчы дьонун уһуйбуттар.
Боотуруускай улууһун
Килбэйэр киинигэр
Суугунас Чараҥнаах
Чурапчы түбэтигэр
Вячеслав Шаганов
Политическай сыылынайдар
Библиотекаларын төрүттээбит
Үтүөтэ умнуллубат.
Чурапчыга Феликс Кон
РСДРП Москватааҕы
Комитетын чилиэнэ
Николай Мещеряков
Биллиилээх деятель
С.Трусевич уонна да атын
Уонунан ааҕыллар
Политическай сыылынайдар
Тыыннарын уһаппыт
Тыын сирдэрэ буолбут
Чоҥолох алаастаах
Чурапчы түөлбэтэ эбит.
Боотуруускай улуус
Килбэйэр киинэ
Тоҕус толуу
Томтордоох Чурапчыга
Чуҥкуйары билбэккэ,
“Улуус сборнига” диэн
Толкуйдатар ис хоһоонноох
Илиинэн суруллубут
Политическай сурунаалы,
“Вестник ссылки”,
“Летучий листок”диэн
Кистэлэҥ сурунааллары
Таһааран тарҕаппыттар
Оччотооҕу былааһы
Утарсыбыт сыылынайдар.
Дьэ, ити курдук,
Сылтан сыллары кээрэтэн
Баараҕай Россиялыын
Быстыспат сибээстээх
Боотуруускай улуус
Килбэйэр киинэ Чурапчы
1902 сыллаахха ыспыт
Үрүҥ тунах ыһыаҕын
Умнуллубат түгэннэрэ
Хаартыскаҕа дьүһүллэн,
Америка музейыгар хараллан,
“Боотур уустара дуо?”— дэтэн,
Бур-бур буруо таһааран,
Бырдылара быстыбакка
Былаас уларыйар-тэлэрийэр
Буурҕалаах будулҕан дьылларын
Былдьаһыктаах быыстарыттан
Аҕа баһылык буолбут
Аччаҕар Ньамньаах саҕаттан
Нэһилиэк ааттаммыт
Тоҕус томтордоох Чурапчы
Күн бүгүн киһи кэрэхсиир
Уйгулаах олоҕор үктэнэн,
Талаанынан таһымныыр
Талыы дьоннордоох,
Чурапчы улууһун
Нэһилиэгэ дэтэн,
Тапталлаах Сахабыт сирин
Киэн туттуута буолан,
Кэхтибэт кэскиллэнэн,
Быстыбат быйаҥнанан,
Уолбат уйгуланан,
Үтүмэн үгүс үтүөлээх
Үлэһит дьоннордонон,
Үөрүнньэҥ сүрэхтээх
Үтүөкэн ыччаттанан,
375 сылын бигэтик бэлиэтиир
Үөрүүлээх юбилейыгар
Тиийэн-тиксэн кэллэҕэ!
Ис сүрэхтэн долгуйан,
Сүргэбит көтөҕүллэн,
Тэппит тэтимҥин
Төлө туппакка,
Туругура тупса тур,
Тоҕус толуу томтордоох
Чурапчы нэһилиэгэ! — диэммит
Албан ааккар
Айхал тыла аныыбыт!
Суон сураххар
Сирилэччи сириэдийэ турар
Урааҥхай уруйун
Дорҕоонноохтук тосхойобут!
Сэҥээрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: