Салгыы
«Туруу үлэһит уонна элбэх саҥата суох», — диэн Арассыыйа Дьоруойа Алексей Неустроев туһунан чугас дьоно кэпсииллэр

«Туруу үлэһит уонна элбэх саҥата суох», — диэн Арассыыйа Дьоруойа Алексей Неустроев туһунан чугас дьоно кэпсииллэр

24.08.2023, 12:40
Хаартыска Улуус-Медиа саайтыттан
Бөлөххө киир:

Саха сирэ бүгүн сарсыарда үтүө сонуҥҥа уйдаран уһугунна. Дойду үрдүкү судаарыстыбаннай наҕараадатын – Арассыыйа Дьоруойа ааты — аатырбыт «Алеша» тааҥка экипааһын чилиэннэрэ ыллылар.

Санатан эттэххэ, «Алеша» тааҥка экипааһа байыаннай дьайыы буола турар сиригэр, тэҥэ суох кыргыһыыга, өстөөх аҕыс тиэхиньикэтин урусхаллаан кыайыылаах тахсыбыта. Бу экипажка икки байыаһа сахалар, олортон биирдэстэрэ Уус Алдан улууһун Байаҕантай нэһилиэгиттэн төрүттээх, наводчик-оператор Алексей Неустроев буолар. Кини кыргыһыы хонуутугар киирээт, бэргэн ытыынан тута икки тааҥканы суох оҥорбут. «Кини туруу үлэһит уонна элбэх саҥата суох», — диэн этэллэр Арассыыйа дьоруойун чугас дьоно, бу туһунан «Мүрү саһарҕата» хаһыат суруйар.

Алексей биэс оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ оскуола интэринээтигэр иитээччини солбуйааччынан үлэлиир, оттон аҕата доруобуйатыгар хааччахтанан, II группплаах инбэлиит. Алексей  байыаннай дьайыыга ааспыт сыл күһүнүгэр мобилизиацияланан барбыта.

«Кини олус сэмэй, элбэх саҥата суох киһи. Тыа сирин оҕотун сиэринэн оҕо эрдэҕиттэн үлэлииргэ үөрэммитэ. Оскуолаҕа сылдьан мас тардыһыытынан уонна тустуунан дьарыктаммыта. Аармыйаҕа тааҥкабай чааска сулууспалаабыта. Мобилизацияланыан иннинэ вездеходтары хомуйар хампаанньаҕа сварщигынан үлэлээбитэ. Икки сыл анараа өттүгэр, аҕата инсуллаабытыгар, Алеша бэйэтэ көрбүтэ. Уолбут хорсун быһыытын туһунан интэриниэттэн билбиппит. Бастаан ыксаан-ыгылыйан, долгуйан хаалбыппыт, ханна даҕаны барыахпытын-кэлиэхпитин билбэт курдук буолбуппут, кэлин эрэ уоскуйбуппут. Билигин уолбутунан киэн туттабыт. Түргэнник төннөн кэлэрин күүтэбит», — диэн Алексей ийэтэ Зарема Неустроева кэпсээтэ.

Алексей Неустроев учуутала Марфа Ноговицына маннык кэпсиир:

— Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан олус көхтөөх, ханнык даҕаны үлэттэн толлон турбат этэ, үөрэҕэр наһаа кыһаллара. Оскуола кэнниттэн биир бастакынан аармыйаҕа сулууспалыы барбыта. Алексей олох кыра оҕо эрдэҕиттэн тиэхиньикэни олус билэр-көрөр этэ. Чугас дьонугар уонна доҕотторугар мэлдьи көмөлөһөр. Биһиги сэмэй, үтүө санаалаах Алексейбыт сэриигэ дьоруойдуу, хорсун быһыыны көрдөрдө, кини барыбытыгар холобур буолар.

Оҕо сааһын доҕоро Айаан Никифоров санаатын үллэстэр:

— Биһиги Алексейдыын оҕо эрдэхпититтэн тиэхиньикэни кытары бодьуустаһарбыт, кини суоппар буолуон баҕарара, ол гынан баран мэхээньик идэтигэр үөрэммитэ. Байыаннай дьайыыга мобилизацияланыан иннинэ, уонча сыл кэриҥэ вездеходтары таҥар мин хампаанньабар үлэлээбитэ. Оҕо сылдьан, Бороҕонтон Тандаҕа диэри элбэхтик сатыы хаампыппыт уонна биһиги суолбутугар сөптөөх тиэхиньикэни тоҕо оҥорон таһаарбаттара буолуой дии саныырбыт. Бу баҕа санаабыт вездеходтары оҥорон таһаарар тэрилтэни аһан үлэлэтэрбитигэр сүрүн олугунан буолбута. Алексей үлэбитигэр мин уҥа илиибинэн, эрэллээх доҕорбунан уонна көмөлөһөөччүбүнэн буолар.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: