Салгыы
Тус чахчылар, ол эбэтэр “персональнай дааннайдар”

Тус чахчылар, ол эбэтэр “персональнай дааннайдар”

Ааптар:
10.06.2023, 19:00
Хаартыска: Егор Карпов.
Бөлөххө киир:

Күннэтэ кэриэтэ саҥаттан саҥа технологиялар күннээҕи олохпутугар киирэн иһэллэр. Холобур, аҕыйах сыллааҕыта диэри куорат оптуобустарыгар каартанан төлөбүрү ылбат этилэр. Аны билигин дьиэ сууйа сылдьан: “Алиса, таптыыр ырыабын холбоо эрэ!”, — диэн киһини буолбакка, виртуальнай роботы соруйан кэбиһэр буоллубут. Бу, ама, дьикти буолбатах дуо? Ол гынан баран, бу туһалаах өҥөлөрбүт киһиэхэ улахан кутталы үөскэтэллэрин таһынан, хоромньуну аҕалыахтарын сөп. Ол хайдах диэххит. Аныгы кэм өҥөлөрүн туһаныы хайаан даҕаны тус бэйэҥ туһунан чахчылары, нууччалыы эттэххэ, “персональнай дааннайдары” кытары үллэстиини эрэйэр. Аатыҥ, хаартыскаҥ, пааспаргар суруллубут чахчылар, куолаһыҥ, ДНК куодуҥ уонна да атын араас эйиэхэ эрэ сыһыаннаах чахчыларыҥ хара санаалаах дьон, ол эбэтэр түөкүттэр илиилэригэр киириэн сөп.

“ПЕРСОНАЛЬНАЙ ДААННАЙ” ДИЭН ТУГУЙ?

Судургутук эттэххэ, “персональнай дааннайдар” диэн тус бэйэҥ туһунан чахчылар. Холобур, олоҥхоҕо “Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах киһи кэлэн тураҕын?”, – диэн токкоолоспут боотур, билиҥҥи сокуон хараҕынан “сбор персональных данных” диэн үлэни ыытааччы буолар. Аатыҥ-суолуҥ – бу бастакы уочараттаах эн тускунан тус чахчылар. Маны таһынан, РФ “О персональных данных” федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, тус чахчыларга киирэллэр:

  • Төрөөбүт күнүҥ, сылыҥ;
  • Олорор аадырыһыҥ;
  • Пааспарыҥ, ИНН, СНИЛС дааннайдара;
  • Төлөпүөнүҥ нүөмэрэ;
  • Электроннай пуочтаҥ;
  • Социальнай ситимнэриҥ аадырыстара;
  • Мессенджергэ хантаагыҥ.

Бу барыта сокуонунан харыс­танар, туттуута, тарҕатыыта хааччахтанар. Маннык чахчылары хомуйар, мунньар тэрилтэ туспа “оператор” быһыытынан бигэргэниэхтээх, үлэлииригэр көҥүл ылыахтаах, сокуонунан көрүллүбүт быраабылалары тутуһуох­таах. Чахчылары хомуйуунан дьарык­танар тэрилтэ ханнык баҕарар эйгэҕэ үлэлиэн сөп. Холобур, баан. Баан туох да саарбаҕа суох эһиги тускутунан чахчылары хомуйар, ол эбэтэр кини бу федеральнай со­­куон ыйар нуормаларын тутуһан үлэлиир.

Оттон куруутун ас-үөл дьиэ­ҕитигэр сакаастыыр тэрилтэҕит “оператор” буолуон сөп дуо? Өскөтүн, бонус мунньарга анаан бу тэрилтэ анал сыһыарыытын хачайдаан, төлөпүөҥҥүт нүөмэрин, хас саастааххын, эр киһи дуу, дьахтар дуу буоларгын ыйбыт буол­лаххытына, туох да саарбаҕа суох, эһиги тускутунан “персональнай дааннайдары” хомуйбут тэрилтэ буолар.

ТУОХХА ТУҺАЛААХ “ЧАХЧЫЛАРЫЙ”?

Такси ыҥырарга, ас сакаас­тыырга, электроннай пуочтанан туһанарга, интэриниэккэ табаар атыылаһарга уо.д.а атын күннээҕи өҥөлөрүнэн туһанарга, биһиги бэйэбит туспутунан чахчылары биэрэргэ сөбүлэһэбит. Аадырыскын билбэккэ эрэ өҥө оҥорор тэрилтэ сатаан үлэлээбэтэ биллэр. Ол эрэн, ылбыт чахчылары тэрилтэ атын араас сыалга туһаныан сөп. Элбэх киһи дааннайдара бииргэ түмүллүбүт испииһэк сыаналаах табаарга кубулуйар. Маннык табаары атыылыахха сөп. Холобур, күн аайы туох аһы атыылаһаргын билэр тэрилтэ эн орто дохуок­кун барыллаан билиэн сөп. Эмп-том испииһэгэ доруобу­йаҥ туругун туһунан чахчылары биэрэр.

Эн тускунан элбэх чахчылары социальнай ситимнэр ылаллар. Ааккын, доҕотторгун, ханнык тэрилтэҕэ үлэлииргин, ааҕар кинигэлэргин, сылдьар тэрээһиннэргин, бэлиитикэҕэ сыһыаҥҥын, оннооҕор хас чааска утуйаргын интэриэстээх дьон социальнай ситимнэртэн билэ-көрө олороллор.

Бу дааннайдар үксүн эйиэхэ тугу эрэ атыылыырга, табаар сыҥалыырга туһаналлар. Онон сорох түгэҥҥэ бу туһаны эрэ аҕалар курдук – тугу эрэ атыылаһар туһунан саҥа толкуйдаан эрдэххинэ, тута табаар атыылааччылар бэйэлэрэ тиийэн кэлэллэр. Ол эрээри эн тускунан чахчылар хара санаалаах дьоҥҥо киирдэхтэринэ, улахан хоромньу таһаарыахтарын сөп.

КӨҤҮЛ ТАРҔАТЫЫ КУТТАЛЛААХ

Хайдах сатаан туһанары билэр дьон аһаҕастык тарҕанар чахчылартан элбэҕи “хос­тоон” таһаарыан сөп. Оннук биир улахан айдааны таһаарбыт түбэлтэни холобурга аҕалыам. Афганистаҥҥа АХШ кистэлэҥ баазатын “өйдөөх чаһы” трекерин нөҥүө булбуттара. Саллааттар сарсыарда аайы бааза тула сүүрэр эбиттэр. Хас килэмиэтири сүүрэллэрин бэлиэтиир трекер чахчылара аһаҕас источниктарга суруллар эбиттэр. Онон кумах ку­­йаар ортотугар сүүрэр дьон баалларын бэлиэтээн кистэлэҥ бааза турар сирэ арыллыбыт. Билигин ити курдук тэрилинэн саллааттар туһаналлара бобуулаах.

Ханна да сулууспалаабат, көннөрү дьон дааннайдарын түөкүттэр үксүн кирэдьиит ылыыга тутталлар. Пааспаргыт сирэйин хаартыскаҕа түһэрэр туһунан ирдэбили араас түгэҥҥэ көрсүбүт буолуох­тааххыт. Бу маны түөкүттэр илиилэригэр киирдэҕинэ, хармааҥҥытыгар охсуулаах буо­­луон сөп. Ол иһин Федеральнай сокуон оператордартан дааннайы харайыыга улахан кыһамньыны ирдиир.

Сокуон биир сүрүн ирдэбилэ – туһанааччы дааннайдарын кини сөбүлэҥин ылан эрэ баран хомуйар көҥүллэнэр. Ол эрээри бу ирдэбил билиҥҥи киһи тус бэйэтин дааннайдарын харыстааһыҥҥа сэлээр сыһыаныттан сылтаан улахан көдьүүһэ суох буолан хаалар. Холобур, ханнык эрэ саайтка киирэргэ, эбэтэр төлөпүөҥҥэр сыһыарыыны туруоруоҥ иннинэ “соглашение пользователя” диэн ааттаах уһун тиэкис тахсар. Олоччу барытын ааҕан баран “сөбүлэһэбин” диэн бэлиэни баттыыр киһи бэрт аҕыйах буолуохтаах. Дьиҥэр, бу тиэкис дуогабар көрүҥэ буоллаҕа. Иһигэр ханнык эрэ пуунугар эһиги тускутунан чахчылары туһанарга, анаалыстыыр­га, атыылыырга сөбүлэһэрин туһунан суруллубут буолуон сөп.

ТҮМҮККЭ

Аныгы үйэҕэ тус чахчылары үллэстибэккэ олорор кыаллыбат. Ол иһин, дааннайдары сөптөөхтүк туһаныы, кутталлаах түгэннэри кыччатыы олус улахан суолталаах. Билигин дааннайдары кытта үлэ элбэх сабыдыаллаах олохпут араҥата. Сөптөөхтүк туһаныы олоҕу чэпчэтэр, сэлээр сыһыан лаппа уустугурдуон сөп. Онон тус бэйэбит дааннайдарбытыгар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыаҕыҥ.

ХАЙДАХ ХАРЫСТАНАБЫТ?

Үөһээ суруйбутум курдук, дьон дааннайын судаарыс­тыба сокуон нөҥүө харыстыыр. Ол эрээри бэйэҕит эмиэ харыстанаргыт ордук көдьүүстээх.

– Бастатан туран, саарбахтыыр түгэҥҥитигэр дааннайгытын биэрэртэн туттунуҥ. Босхо бириис, чэпчэтии аахсыйатыгар кыттыы төттөрүтүн икки бүк ороскуоттаах буолуон сөп. Өскөтүн күн аайы араас хампаанньалар быыстала суох төлөпүөҥҥэр эрийэн араас табаары, өҥөнү сыҥалыы сатыыллара, итинник “аахсыйаларга” кыттыы содула.

– Иккиһинэн, пароль. Уустук пароль толкуйдааҥ.

– Үсүһүнэн, эрэллээх тэрилтэлэри эрэ кытта алтыһыҥ. Холобур, робот- пылесос араас малга кэтиллибэккэ үлэлии­рин туһугар фотокамералаах. Ол аата, туора киһи эһиги ­дьиэҕитигэр туох баарын бу тэрил нөҥүө билиэн сөп. Биллэн турар, пылесос оҥорор хампаанньа кыбартыыра уоруйахтарыгар эһиги дааннайдаргытын атыылаабат. Ол эрээри тус чахчыларгытын уоран ылыахтарын сөп. Онон бөдөҥ, биллэр аат­таах-суоллаах хампаанньа табаара ордук эрэллээх.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 сентября
  • 12°C
  • Ощущается: 10°Влажность: 37% Скорость ветра: 7 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: